Бороҕон-2022: Төрдүс күн түмүгэ

Бөлөххө киир:

Саха сирин норуоттарын VIII спортивнай оонньууларын төрдүс күнэ түмүктэннэ. Бүгүн тыҥааһыннаах киирсиилэр буоллулар. Хамаандаларынан бүгүҥҥү күн түмүгүн билиһиннэрэбит.

Бастакы бөлөххө бүгүҥҥү туругунан ньурбалар   саамай элбэх мэтээллээхтэр. Уопсайа 19 мэтээл.  Ол курдук сэттэлии  кыһыл уонна үрүҥ  көмүс итиэннэ биэс боруонса мэтээллээхтэр. Кинилэр кэннилэриттэн тилэх баттаһа  мэҥэ хаҥаластар иһэллэр (10 кыһыл көмүс, 6 үрүҥ көмүс уонна икки боруонса).

Иккис бөлөххө:   Инники күөҥҥэ Чурапчы хамаандата сылдьар. Уопсайа 16  мэтээл (икки кыһыл көмүс, биэс үрүҥ көмүс уонна тоҕус боруонса). Уус Алдан бастакы хамаандата иккис иһэр,  14 мэтээллээхтэр (алта кыһыл көмүс, түөрт үрүҥ көмүс уонна түөрт боруонса).

Үһүс бөлөххө: Кэбээйилэр аҕыс, горнайдар алта мэтээллээхтэр.

Төрдүс бөлөххө: Эдьигээннэр биирдии кыһыл уонна  үрүҥ көмүс итиэннэ  икки боруонса мэтээллээхтэр. Булуҥнар биир  үрүҥ көмүс мэтээллээхтэр.

Мария Васильева хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0