Бороҕон-2022: бэһис күн түмүгэ

Бөлөххө киир:

Саха сирин норуоттарын VIII спортивнай оонньууларын бэһис күнэ түмүктэннэ.  Хамаандаларынан бүгүҥҥү күн түмүгүн билиһиннэрэбит.

Бастакы бөлөххө бүгүҥҥү туругунан Мэҥэ Хаҥалас  улууһун  хамаандата инники күөҥҥэ таҕыста. Уопсайа 22  мэтээллээхтэр. Иккискэ Дьокуускай хамаандата иһэр.

Иккис бөлөххө  Уус Алдан улууһун бастакы хамаандата таҕыста.  Кинилэр уопсайа 23 мэтээллээхтэр.  Иккискэ чурапчылар иһэллэр (22 мэтээл).

Үһүс бөлөххө: кэбээйилэр инники сылдьаллар. Сэттэ мэтээллээхтэр, биир кыһыл көмүс, түөрт үрүҥ көмүс уонна үс боруонса. Иккискэ сэттэ мэтээллээх горнайдар тилэх баттаһан иһэллэр.

Төрдүс бөлөххө: Эдьигээн хамаандата түөрт мэтээллээх. Иккискэ   булуҥнар (биир мэтээл).

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0