Бороҕоҥҥо «Маяк» түөлбэлэр ытык кырдьаҕастарын эҕэрдэлээтилэр

Ааптар: 
10.05.2017
Бөлөххө киир:

Улуу Кыайыы 72 сылынан  Бороҕоҥҥо «Маяк» түөлбэ олохтоохторо ытык кырдьаҕастарын дьиэлэригэр тиийэн эҕэрдэлээтилэр. 


Аҕа дойду уоттаах сэриитин толоонугар уонна тыылга төрөөбүт дойдубутун өстөөхтөн көмүскээбит ытык кырдьаҕастарбытыгар сүгүрүйэр күммүтүгэр, биһиги түөлбэбит олохтоохторугар үөрүүтэ бэлэхтиэҕиҥ диэн «Маяк» түөлбэ салайааччыта М.Петухова, В.Шадрина этии киллэрбиттэр. Кинилэр бу баҕа санааларын олоххо киллэрэн, түөлбэлэригэр олорор ытык кырдьаҕастарын эҕэрдэлээбиттэр. Эҕэрдэ суруктары, сэмэй бэлэхтэри туттарбыттар. С.Васильев-Борогонскай  “Ытык Ильмень” айымньытыттан быһа тардан аахпыттар, ирэ-хоро сэһэргэспиттэр, кырдьаҕастар санааларын истибиттэр. Бу ааҕыыларынан кинилэр  улуус үрдүнэн ыытылла турар акцияҕа кыттыспыттар.

Бу үөрүүлээх сонуну биһиэхэ Бороҕоннооҕу киин бибилэтиэкэ дириэктэрэ В.Н.Окоемова иһитиннэрдэ. Кини бэлиэтииринэн, «Маяк» түөлбэҕэ сэттэ тыыл бэтэрээнэ олорор. 92 саастаах М.С.Басыгысова, 87 саастаах А.М.Белолюбская,  85 саастаах М.А.Бурнашева, 83 саастаах Н.И.Портнягин, Т.Н.Турантаев, Т.Е.Дамаскина уонна Е.Д.Окоемова. Ытык кырдьаҕастар маннык көрсүһүүттэн улаханнык үөрбүттэр, долгуйбуттар.

Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат,  edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0