Ханна, хаһан даҕаны сыл бүтэһигэр үлэ-хамнас түмүктэрин таһаарыытын түбүктэрэ, үөрүүлээх, долгутуулаах кэмнэрэ үүнэллэр.Ахсынньы 16 күнүгэр Бороҕон сэлиэнньэтин Офиснай киинин улахан саалатыгар төрдүс төгүлүн ыытыллыбыт «Куорсун-2019» сыл бастыҥ айымньыларын быһаарар, кыайыылаахтары чиэстиир бэлиэ түгэн буолан ааста.
«Куорсун» литературнай күрэс аан бастаан 2015 сылтан Арассыыйаҕа киэҥник ыытыллыбыт литература сылыттан саҕаламмыт. Бастакы сылларыгар күрэс поэзияҕа уонна кэпсээҥҥэ ыытыллар эбит буоллаҕына, быйылгы, төрдүс «Куорсуҥҥа», драматургия жанра эбиллибитэ кыттааччы ахсаанын элбэттэ, дьон сэҥээриитин ылла. Өскөтүн 2015 сыллаахха 13 хоһоонньут, 11 кэпсээнньит кыттыбыт эбит буоллаҕына, быйыл 29 киһи 63 хоһоону киллэрбит. Кэпсээҥҥэ уонна дыраамаҕа биэстии айымньы киирбит.
Быйылгы литературнай күрэс дьүүллүүр сүбэтигэр РФ суруналыыстарын, Саха сирин уонна СӨ суруйааччыларын сойуустарын чилиэннэрэ: кэпсээҥҥэ Данил Макеев, дыраамаҕа Иван Егоров-Ойуур, поэзияҕа Валериан Николаев СӨ норуодунай бэйиэтэ Иван Мигалкин салалтатынан үлэлээтилэр, кыайыылаахтары быһаардылар.
ххх
Кэпсээҥҥэ бастакы миэстэни Анатолий Кириллин-Толикус «Кыра киһи», иккиһи – Иннокентий Попов-Оҕуруоттаах «Саһарҕа», үсүһү – Гаврил Аргунов-Чобуо Чооруос «Бэлиэ» диэн айымньыларынан ыллылар.
Дыраама курдук уустук көрүҥҥэ күрэскэ киирбит биэс айымньыттан Евдокия Колодезникова-Суһумнуур «Ылдьааналаах Ылдьаа уолаттара» (Танда ини-бии Кривошапкиннарын туһунан), Иннокентий Сыроватскай-Оҕонньор оҕо «Көҥүл көтөҕүллүүтэ» (В.В.Никифоров-Күлүмнүүргэ анаммыт), Матрена Матвеева-Мотуо «Учуутал күнэ», «Супермуодунай эбээлэр» диэн дыраамаларынан бастакы, иккис уонна үһүс миэстэлэри үллэһиннилэр.
Поэзияҕа ааптардар хото айылҕа, таптал, төрөөбүт дойду уонна төрөөбүт алаас тиэмэлэригэр суруйбуттар. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр туһуламмыт, ийэҕэ, оҕоҕо, учууталга, дьүөгэҕэ, төрөөбүт тылга анаммыт хоһооннор элбэхтэр. Ааптардар сүнньүнэн тиэмэлэрин арыйбыттар, уус-уран, хомоҕой тылынан хоһуйбуттар, уобарастаан суруйбуттар. Манна көрдөххө, күрэс аайы кыттан санаалара сайдан, хоһоонноро уус-уран өттүнэн чочуллан иһэр ааптардар аҕыйаҕа суохтар.
ххх
«Куорсун-2019» литературнай күрэс кыайыылаахтарын хоһооннорун кытта билсиэҕиҥ, поэзия дириҥ далай иэйиитигэр киирэн ылыаҕыҥ.
Елизавета Попова-Алтыына «Күһүҥҥү санаалар» хоһоонугар эппит:
“Эмиэ күһүн, эмиэ өксүөн,
Силбик, ардах түннүк нөҥүө.
Курус санаа миигин кууһар,
Хаһан эрэ бу күн ааһар?”
Салгыы ааптар күһүҥҥү санаалара курустар, «сүрэҕэ сүтүктэн ытыырын», «дууһа мунчааран мунарын» хараастан суруйар. Ол гынан баран, Алтыына олоҕун «күһүнэ, өксүөнэ» быстах көстүү, санаа түһэн ылыыта, дьиҥэр, барыта үчүгэй, бэйиэт тулалыыр эйгэтэ кэрэ, ыраас, сырдык. Ол ону кини өрө көтөҕүллэн, итэҕэтиилээхтик хоһуйар:
“Ол эрэн бааллар өрүүтүн
Эрэллээх чугас доҕоттор,
Үөрүүлээх, дьоллоох да күннэр,
Умнуллубат бэлиэ түгэннэр”.
Үчүгэйи, кэрэни түстүүр хоһоонньут Алтыына «Учууталбар» хоһооно, аата да этэрин курдук, биһигини үөрэх-билии сырдыгар сирдээн, сиэтэн киллэрэр күндү киһибитигэр – учууталга ананар:
“Кыһыҥҥы уһун киэһэлэр,
Бөһүөлэк утуйар, иһийэр.
Арай учуутал түннүгэр,
Лаампа күөх уота умайар”.
Манна поэт учуутал түбүктээх, ол гынан баран, үчүгэй түмүктээх үлэтин ааҕааччыга кэпсиир, ол кини «олоҕо, дьылҕата» буоларын бигэргэтэр. «Элбэх да көлүөнэ ыччакка» билиини биэрэн, үлэлээн-хамсаан, учуутал сааһырбыт, ол эрээри сырдыгы, сиэрдээҕи ыһан кини өссө да туһалыы, көмөлөһө, сүрэҕин сылааһын бэрсэ туруоҕун баҕарар:
“Учуутал түннүгэр умайар
Күөх лаампа уота сүппэтин,
Олохпут уустук кэмигэр
Үтүөҕэ, сырдыкка сирдээтин”.
Оннук буолуоҕар итэҕэйэҕин. Хас биирдии киһи учууталлаах. Ол көлүөнэттэн көлүөнэҕэ салҕанан бара туруо буоллаҕа. Хоһоону ааҕа олорон, бэйэҥ учууталгын санаан кэлэҕин, сылаас иэйиигэ куустараҕын…
Вариа Решетникова-Варвара күрэскэ икки хоһоонунан кыттыбыт.
“Сарсыардааҥҥы саһарҕа
Сарыалын оонньотон,
Тыа кэтэҕиттэн оргууй
Айыы сирин симэҕин дьөрбөтүн
Нарын тарбах имэрийэн эрэринии,
Сырдыгынан сыдьаайа кыыһан
Күн таҕыста…”
Маннык кэрэкэ тылларын кэккэлэтэн, «Уһуктуу» диэн хоһоонугар күн аайы, сарсыарда аайы көрсөр күммүтүн ойуулаабытын чахчы да субу көрөр, күн күлүм сырдыгын, кини сылааһын эккэр-хааҥҥар ылар курдуккун… Салгыы сарсыардааҥҥы сиик таммаҕын уобарастаан хоһуйбута хараххар көстөр, ытыскыттан сүрэххэр тиийэр сөрүүнэ, курустаал таас тэҥэ ырааһа биллэн ылар курдук:
“Оол көстөр лабаа икки ардыгар,
Уран уус оҥорбутун тэҥэ
Ооҕуй илимин устун
Дьэрэкээн оһуор-ойуу буолан,
Сарсыардаҥҥы сиик таммаҕа
Дьэҥкир алмаас таастыы
Кустук сэттэ өҥүнэн оонньотто”.
«Төннө туруҥ ытык сиргитигэр» хоһоонугар Наталия Андросова-Күбэйэ билиҥҥи кэм биир дириҥээн, кэҥээн иһэр кыһалҕатын таарыйбыт. Ол курдук, хайа да улуус хайа да нэһилиэгэр быраҕыллыбыт, өтөхсүйбүт тиэргэн элбэҕэ харахха быраҕыллар. Бу дьиэлэр хаһан эрэ ким эрэ биһигэ, оҕо сааһын уйата буолан, үөрүү-көтүү үктэллэнэн, дьол-соргу өһүөлэнэн турдахтара:
“Хаһан эрэ бу дьиэ иһигэр
Элбэх оҕо саҥата чаҕаардаҕа,
Үөрүү-көтүү иллээх кэргэни
Барыгытын бииргэ мустаҕа…”
Биллэн турар, олох хаамыытынан оҕо улаатан, үлэһит буолан, биһигин ыйаабыт сириттэн арахсан, киэҥ аартыкка тахсар. Онно сороҕор төрөөбүт дьиэ умнуллар, быраҕыллар. Ону ааптар чопчу киһи дууһатын таарыйардыы этэн кэбиһэр:
“Тоҕо билигин алаһа дьиэҕит
Өтөхсүйэн быраҕылынна,
Унаар буруота умуллан
Умнуллан хараара барыарда?”
Күбэйэ түмүгэр «Сурт кэриэстээх, өтөх төҥүргэстээх» диэн саха бэргэн этиитин бигэргэтэн, төрөппүттэрбит олбуордарын, оҕо сааспыт уйатын өтөхсүтүмүөҕүҥ, эргиллэ туруоҕуҥ диэн ылыннарыылаахтык ыҥырар:
“Ийэлээх-аҕаҕытын кэриэстээн,
Көччөх гынан көтүппүт уйаҕытыгар,
Мэниктээн улааппыт тиэргэҥҥитигэр,
Төннө туруҥ ытык сиргитигэр!”
ххх
Быйылгы күрэс усулуобуйатынан, өссө үс хоһоон биһирэбил бэлиэнэн бэлиэтэннэ. Онно «Куорсун» литературнай күрэһи көтүппэт кыттааччы Татыйык Аҕа дойду Улуу сэриитин тиэмэтигэр анаммыт «Эргиллии», Николай Стручков-Абыйаан «Сир симэҕэ», Евдокия Колодезникова-Суһумнуур «Айан суола — олох суола» хоһоонноро тигистилэр.
Дьүүллүүр сүбэ кыттааччыларга туһаайан, күрэс диэн күрэс, айымньылара быйыл бириискэ, биһирэбилгэ тиксибэтэҕэ быһаарар оруола суоҕун бэлиэтээн туран, үлэлии, суруйа туралларыгар ыҥырда, кэлэр өттүгэр айар үлэлэригэр ситиһиилэри баҕарда.
Тэрээһин иккис түһүмэҕинэн «Саха сахаҕа «Чолбону» бэлэхтиир» диэн «Чолбон» уус-уран литературнай сурунаалга сурутуу аахсыйата ыытылынна. Манна тэрилтэлэр, биирдиилээн дьон нэһилиэнньэ кырдьаҕас, кыаммат араҥатыгар «Чолбон» сурунаалы суруттарыы сэртипикээтин кэлэр саҥа 2020 сыл бэлэҕин быһыытынан туттардылар. Сэргэх аахсыйа дьону үөртэ, санаатын көтөхтө.
“Саха сирэ” хаһыакка, edersaas.ru анаан Валериан НИКОЛАЕВ
“Куорсун” күрэҕи тэрийээччилэр түһэрбит хаартыскалара