Бу күннэргэ Уус Алдан улууһун хоккейга федерациятын кубогар хоккейга өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах күрэскэ, Киин электрическэй ситимнэр Бороҕоннооҕу РЭС-ин энергетиктэрэ эмиэ кытыннылар.
Анивера АКИМОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Уус Алдаҥҥа хоккей спордун уруккуттан өрө туталлар. Быйылгы турнир номнуо бэһис төгүлүн ыытылынна. Тыҥааһыннаах күрэхтэһиигэ Мэҥэ Хаҥаластан «Манчаары», Намтан «Хамаҕатта», Хаҥаластан «Сокол», Дьокуускайтан «Стерх», «ЯкБор» хамаандалар кытыннылар. Турнир сарсыардаттан ыытыллан, лаппа киэһээ түмүктэнэн, бастакы миэстэҕэ «ЯкБор», иккискэ – «Стерх», үһүскэ – «Сокол» хамаандалар таҕыстылар.
Маны таһынан «Лучший игрок» аатын Сергей Кукушкин («Сокол»), Евгений Разин («Стерх»), Николай Харитонов («Хамаҕатта»); «Лучший защитник» – Александр Кугданов («Сокол»); «Лучший вратарь» – Клим Алексеев («ЯкБор»); «Лучший бомбардир» – Артур Птицын («ЯкБор»); «Лучший игрок турнира» – Александр Кочмарев («Стерх»); «Лучший бомбардир (40+)» – Юрий Житов ( «Стерх»); «Лучший нападающий» – Леонид Семенов («Мүрү»); «Молодой перспективный игрок» – Арсен Кириллин («Манчаары»), Айаал Эверстов («Хамаҕатта»), Будьул Пестряков («Мүрү»); «Лучший гол молодого нападающего» – Артем Родин («ЯкБор»); «За энтузиазм и преданность хоккею» – Аполлон Охлопков («Хамаҕатта»), «Лучший защитник» Егор Тарабукин («Мүрү») ыллылар.
Уус Алдаҥҥа энтузиаст-бэтэрээннэр көмөлөрүнэн, ааспыт үйэ 80 – 90-с сыллардааҕы үгэстэрэ сөргүтүллэн, хоккей турнира ыытыллыбыта хаһыс да сылыгар барда.
– Улууспутугар ыытыллыбыт биэс турнирга барыларыгар кытынным. Тыа сиригэр даҕаны хоккей сайдар кыахтаах. Дьон интэриэстээх. Урукку өттүгэр күөл хаарын ыраастаан баран онно күрэхтэһэр буоллахпытына, бу сырыыга анал кортка оонньоотубут, – диэн Уус Алдан улууһун хамаандатын чилиэнэ, Бороҕоннооҕу РЭС маастара Юрий Артамонов кэпсээтэ.
Анивера АКИМОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru