Бороҕоҥҥо буолбут саахалы борокуратуура бэрэбиэркэлээн эрэр

Бөлөххө киир:
Саха Өрөспүүбүлүкэтин борокуратууратын сорудаҕынан Уус Алданнааҕы борокуратуура Бороҕоҥҥо «Майаҕатта Бэрт Хара» спортивнай стадиоҥҥа күүстээх тыалтан  тимир тулааһын сууллан дьону эчэппитигэр тустаах бэрэбиэркэни ыытар буолла.
Саахал тахсыбыт сиригэр улуус борокуруора тиийэн үлэлии сылдьар. Бэрэбиэркэ түмүгүнэн тустаах миэрэ ылыллыа диэн СӨ борокуратууратын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
 
   
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0