Борис Гоголев «Дабаана» күөх сыырдары дабайар

Ааптар: 
07.05.2017
Бөлөххө киир:

Саха араадьыйатын “Дабаан” аптаарскай биэрии хаһаайына Борис Гоголев идэлээх бырааһынньыгын бүгүн төрөөбүт дойдутугар Бүлүү Бороҕонугар уоппускаҕа сылдьан бэлиэтиир. edersaas.ru

Араадьыйа суруналыыһын төрөппүт аҕата Бүлүү улууһугар Олоҥхоһут Доропуун Гоголевынан биллэр эбит. Кини быйыл төрөөбүтэ 110 сыллаах үбүлүөйүгэр орто кыыһа, саха тылын учуутала Наталья Прокопьева, “Модун Эр Соҕотох” аҕатын  олоҥхотун тилиннэрэн, кинигэ таһаараары бэлэмнии сылдьар. Бүлүү аатырбыт олоҥхоһуттара Баһылай Харатаайап-Багдарыын уонна Охонооһой Баһылайап-Хоохура Олоҥхоһут Доропууну бэйэлэлэрин уһуйааччыларынан билинэллэрэ.

Олоҥхолуур кэмин күөгэйэр күнүгэр сылдьан, аҕам түүл түһээбит. Онно ким эрэ үөһэттэн: “Икки суолу талларабыт: улуу олоҥхоһут буол эбэтэр бу сымыыттаах уйаны тал”, — диэн эппит. Онуоха аҕам чыычаах уйатын талбыт. “Тобус-толору сымыыттаах этэ. Ол иһин уйаҕа наһаа ымсыырбытым”, — диэн кэлин аҕабыт кэпсиирэ. Ити иннинэ иккитэ кэргэннэнэ сылдьыбыта, иккиэн биирдиитэ кыыс оҕолоноот, өлөн хаалбыттар. Онтон мин ийэбин кэргэн ылан, икки кыыһыгар ханыылаан, тоҕуста  оҕолонон, барыта уон биир оҕолоох дьоллоох ыал  аҕатынан буола түспүтэ. Бүтэһик оҕотун 61 сааһыгар төрөппүтэ, — диэн аҕатын туһунан ахтар Борис Гоголев.

Доропуун оҕонньор, 1907 сыллаах төрүөх киһи, үөрэҕэ суох буолан, оҕолорун барыларын үөрэхтээх оҥорорго дьулуспут. Сэриигэ сааһынан кырдьаҕас буолан ылбатахтар.

— Тоҕус оҕо тохсуон уочаратынан ТАСС сонуннарыттан саҕалаан, хаһыат бүтэһик сирэйин бары матырыйааллара бүтүөр диэри ааҕарбыт. Ол дорҕоонноохтук ааҕыы барыбытын, кырдьык  да, үөрэхтээх буоларбытыгар тиэрпитэ. Оттон миэхэ ол ордук күүстээхтик дьайбыт. Олох кырабыттан дорҕоонноохтук ааҕарга уһуйуллубут киһибин, — диэн кэпсиир суруналыыс.

Биирдэ араадьыйа аатырбыт диктора Фекла Иванова, Борис хаан-уруу аймаҕа, уоппускаҕа кэлэ сылдьан бырааттарын уонна балыстарын мунньан олорон, Саха араадьыйатын үлэһиттэрэ түспүт альбомун аҕалан көрдөрбүт, хас биирдиилэрин туһунан кэпсээбит. Гоголевтар оччолорго араадьыйата суох сатаммат дьон, диктордары үксүлэрин кэриэтэ истэн билэллэр эбит. Арай, араадьыйа үлэһитэ буолар быата тартаҕа буолуо, Фекла Иванова биир хайа эрэ дикторга тохтоон, Бористан ыйыппытыгар, уол билбэккэ мух-мах баран, улаханнык мөҕүллэн ылбыт. Онтон ыла диктордар ааттарыгар-суолларыгар наһаа болҕомтолоохтук сыһыаннаһар, араадьыйа биэриилэрин тартаран истэр буолбут.

Телевидениеҕэ киһи биэриини хартыыҥкатын көрө олорон ылынан буоллаҕына, араадьыйаҕа биэрии ыытааччытын истэ олорон, бэйэтэ хайдах сатыырынан ойуулаан көрөр. Ол баар кэрэхсэбиллээҕэ. Ол аата хас биирдии тыһыынчанан араадьыйанан истээччи дууһатыгар эн биэрииҥ араастаан ойууланан көстөр, араас толкуйу-санааны үөскэтэр. Дириҥ ис хоһоонноох биэрии киһи олоҕор олус улахан дьайыылаах. Өр кэмҥэ умнуллубакка, ырааска, сырдыкка угуйар күүстээх.

Араадьыйа суруналыыһын сүрүн күүһэ – кини куолаһа. Биһигини хас биирдиибитин истээччибит куоласпытынан билэр, биэриилэрбитин куоласпытынан ылынар. Ол иһин биэриибитин бэлэмнээн баран, аны куоласпытын, дикциябытын чочуйабыт, — диэн кэпсиир Борис Гоголев.

Араадьыйа суруналыыһа айар куттаах дьон барыбыт “ыарыыбытын” таарыйан ылла:

Биэрии бэлэмнии сылдьан, өр да өр хайдах саҕалыыргын билбэккэ эрэйдэнэҕин, санаа сүгэһэрэ оҥостоҕун. Онтон эппиэттээх кэмҥэ толкуйуҥ эмискэ төлө тэбэн, аҕыйах чаас иһигэр биэрииҥ олох күүппэтэх өттүгүттэн тахсан кэлэн, ардыгар соһутар да, үөрдэр да. Ол аата биллибэтинэн санааҕар иитиэхтии сылдьар санааҥ биэрии буолан тахсар. Дьиктитэ баар, сорох киһи туһунан биэрии оһуобай түргэнник уонна чэпчэкитик оҥоһуллар. Онон айылгыта ураты киһи туһунан буолар, — диэн санаатын үллэстэр араадьыйа суруналыыһа.

“Дабаан” биэрии – Борис Гоголев ааптар быһытынан бэлэмнээн таһаарар дууһатын “эмэ”.  Хас биирдии интэриэһинэй событие, олоҕор туох эрэ ситиһиилээх киһи – араадьыйа суруналыыһын хараҕын далыгар киирэн, сүрдээх истиҥ биэрии буолан тахсар. Онон Борис Гоголев «Дабаана» биэрии тахсар күнүгэр күөх сыырдары дабайар алыптаах түгэнэ саҕыллар.

Идэлээх бырааһынньыгынан Борис Трофимовиһы эҕэрдэлээн туран: “Биэриилэриҥ өрүү сонунтан сонун, киһи холобур оҥостор дьоруойдары арыйан, сырдыкка уонна үйэлээххэ сирдии турдуннар!” – диэн туран, алгыс тылбытын этэбит.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0