РФ ИДьМ-тын тимир суол, салгын уонна уу көлөлөрүгэр бэрээдэги араҥаччылыыр полицията дьоҥҥо «транспортнай полиция» диэнинэн биллэр.
РФ ИДьМ-тын Уһук Илиҥҥи транспорка линейнэй управление Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр уонна Чукотскай автономнай уокурукка баар салгын, өрүс, муора, тимир суол эбийиэктэригэр уопсастыбаннай бэрээдэги көрөр, онно оҥоһуллар буруйдары булар уонна арыйар.
Ис дьыала уорганнарын бары салааларыгар курдук, манна силиэстийэ, дознание, оперативнай, уопсастыбаннай бэрээдэги араҥаччылааһын отделлара, кинологическай сулууспа, экспертнэй-криминалистическай киин бааллар.
Бүгүн биһиги ыйытыыларбытыгар РФ ИДьМ-тын Уһук Илиҥҥи транспорка линейнэй управлениетын начальнигын уопсастыбаннай бэрээдэги араҥаччылааһыҥҥа солбуйааччыта, полиция полковнига Борис Анцудоев хоруйдуур. Кини транспортнай полицияҕа 1991 сыллаахтан сулууспалыыр.
— Борис Аблоевич, чуолаан, эн салайар хайысхаҕынан бу сыл бастакы аҥаарын хайдах түмүктээтигит? Төһө буруйу оҥоруу таҕыста?
— Сыл бастакы аҥаарыгар уопсастыбаннай бэрээдэги араҥаччылааһын эйгэтигэр 132-тэн тахса буруйу оҥоруу бэлиэтэннэ. Ол курдук, сэби-сэбиргэли сокуоннайа суохтук эргитиигэ, наркотикка, сымыйа докумуоннары оҥорууга сыһыаннаах буруйдар таҕыстылар.
— Сымыйа докумуоннарынан ол кимнээх туттар эбиттэрий?
— Сүрүннээн, омук гражданнара. РФ Холуобунай кодексатын 327-с ыстатыйатынан 21 буруйу оҥоруу бэлиэтэннэ.
Манна даҕатан эттэххэ, омук гражданнара биһиги сотрудниктарбытыгар бэрик биэрэ сатаабыт түбэлтэлэрэ эмиэ баар. Оннук 3 холуобунай дьыала тэриллибитэ.
— Тугу быһаартараары бэрик биэрэ сатаабыттарый? Уонна төһө харчыны?
— Административнай миэрэҕэ тардыбаттарын туһугар 5 тыһ. солк. диэри суумалаах харчыны биэрэ сатаабыттар. Бэриги биэрии иһин холуобунай эппиэтинэс көрүллэрин сэрэтэ, быһаара сатаабыттарын үрдүнэн, ньоҕойдоһон туран биэрбиттэр. Бу дьыалалар номнуо суукка көрүллэн, буруйдаахтар 40 тыһ. солк. сууманан ыстарааптаммыттара.
— Административнай эппиэтинэс туһунан кэпсэппиччэ, эһиэхэ административнай сокуону толорор отделение үлэтин туһунан ыйытыахпын баҕарабын.
— Бу ыйыллар кэм иһигэр 4,5 тыһыынчаттан тахса административнай сокуону кэһии таҕыста. Ол – күлүгээннээһин, уопсастыбаннай сиргэ арыгы иһэн баран сылдьыы биитэр итирдэр утахтары иһии, наркотигы туттуу, ону таһынан, ирдэниллэр ыйааһынтан аһара барбыт ыйааһыннаах таһаҕаһы-малы бэлиэтэппэт буолуу.
— Ол туох таһаҕас буолар эбитий?
— Сүрүннээн, улуустартан эт, балык буолааччы. Ирдэниллэр ыйааһын 20-30 кг, оттон итинтэн аһара бардаҕына, бу киһи 4 тыһ. солк. саҕалаан онтон элбэх сууманан ыстараап төлүүр. Бу быраабыланы, дьиҥэр, олохтоохтор бэркэ билэллэр.
— Эн салайар сулууспаҕар сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор дьыалаларыгар бөлөх баар, кинилэр үлэлэриттэн сырдата түһүөҥ дуо?
— Манна, Дьокуускайга икки, Мииринэйгэ уонна Нерюнгрига биирдии иниспиэктэрдээхпит. Кинилэр оҕолор сынньалаҥнарыгар арыаллааһыҥҥа, бэрээдэги көрүүгэ кытталлар, рейдэлэргэ сылдьаллар. Табахтааһын, арыгы иһии, уоруу иһин 95 оҕо булуллан, төрөппүттэрэ административнай миэрэҕэ тардыллыбыттара.
— Хас да сыллааҕыта, биир сыл иһигэр “төлөпүөн террористара” диэн “бэргии” сылдьыбыттара. Итинник быһылааннарга обургу оҕо эбэтэр эдэр киһи кыттыбыт буолааччы. Кэлиҥҥи кэмҥэ хайдаҕый?
— Улаханнык саҥарбаппын буолан баран, итинник быһыыланыы туох содулга тиэрдиэн сөбүн дьон, ыччат өйдөөбүт курдук, онон, биир да чахчы тахсыбата.
— Уоруу төһө элбэх тахсарый?
— Бу сыл аҥаарыгар 3 дьыала тэриллибитэ. Төлөпүөнү, ноутбугу уонна быыһыыр сэлиэччиги уоруу чахчыларынан. Төлөпүөнү уоруу чааһы кыайбат бириэмэ иһинэн арыллыбыта. Биир киһи Дьокуускай аэропордугар киирэр хонтуруолу ааһан баран, суотабай төлөпүөнэ сүппүтүн өйдөөн көрөн, тута транспортнай полиция дьуһуурунай чааһыгар тыллаабыт. Оперативниктар 23 саастаах уорууга уорбаланааччыны сөмөлүөккэ киирээри турдаҕына туппуттар. Бу киһини рейситтэн тохтотон, холуобунай дьыала тэриллэн, изоляторга хаайыллыбыта.
— Борис Аблоевич, кэпсэтиибит түмүгэр, нэһилиэнньэҕэ анаан тугу эмит этэрдээх буолаайаҕын?
— Сэрэхтээх буолалларыгар ыҥырыам этэ. Малларын, таһаҕастарын көрүүтэ суох хаалларбаттарыгар, билбэт дьонноругар итэҕэйэн туттарбаттарыгар уонна билбэт дьонноруттан мал-сал, таһаҕас ылбаттарыгар. Ол тугунан диэлийэн тахсыа биллибэт.
Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: УВДТ пресс-сулууспата.