Бордоҥҥо «Смотр песни и строя» күрэх ыытылынна

Бөлөххө киир:

Сунтаар улууһун Бордоҥ орто оскуолатыгар патриотическай иитиигэ улахан болҕомто ууруллар. Улуу Кыайыы 75 сылыгар, Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэригэр аналлаах «Смотр песни и строя» көрүү күрэһэ үрдүк таһымҥа тэриллэн ыытылынна.

edersaas.ru

Оҕолор сарсыардаттан байыаннай таҥастаах кэлэн үөрэнэн, саллаат хааһытын амсайан бу күннэрэ олус сэргэхтик саҕаланна. Күрэс сүрүннүүр судьуйатынан Афганистан сэриитин бэтэрээнэ, икки Кыһыл Сулус уонна Невскэй Орденнар кавалера, саппаас майора, Бордоҥ нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо А.Э.Петров үлэлээтэ. Парад хааман киирэн, былаах ууруллан, дойдубут гимнэ ылланна, эҕэрдэ тыллар этилиннилэр. ВПК «Беркут» хамаандата холобур хаамыылары көрдөрдө.

Күрэһи сытыырхатан «Снежный барс» көрүҥнэрин киллэрэн биэрбиппит кэрэхсэбиллээх. Бу тэрээһини, оҕолор хаамыыларын бэлэмнээтэ ОБЖ, физкултуура учуутала Станислав Кычкин. Ону таһынан, хас биирдии кылаас салайааччылара олус кыһаллан, оҕолору күүскэ, толору бэлэмнээбиттэрэ чаҕылхайдык көһүннэ. 5-11 кылаастарга «Снежный барс» военнай-патриотическай оонньуу көрүҥнэринэн 8 түһүмэхтээх араас күрэстэр ыытылыннылар. 1-4 кылаастар строевой хаамыылары көрдөрдүлэр. Түмүккэ алын кылаастарга ыллылар: 1 миэстэ 3-с кылаастар, 2 миэстэ 4-с кылаастар, 3 миэстэ 2-с кылаастар. «За волю к победе» 1-кы кылаастар, «Лучший командир» Вова Федоров 2-с кылаас. Орто сүһүөххэ: 1 миэстэ 7-с кылаастар, 2 миэстэ 5-с кылаастар, 3 миэстэ 6-с кылаастар, «Лучший командир» Роберт Удин 7-с кылаас, үрдүкү сүһүөххэ: 1 миэстэ 11-с кылаастар, 2 миэстэ 10-с кылаастар, 3 миэстэ 8-с кылаастар, «За волю к победе» 9-с кылаастар, «Лучший командир» Илья Красков 11 кылаас.

 Л.Г.Петрова,  edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0