«Бор көмүс күһүнэ» литература VIII бэстибээлэ

Бөлөххө киир:

Бу сыл саха норуотугар кэрэ-бэлиэ үбүлүөйдэрдээх. Ол курдук, Саха АССР төрүттэммитэ — 100, саха литературатыгар бэлиэ суолу хаалларбыт, бөдөҥ уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй диэйэтэллэр, саха норуодунай суруйааччылара Семен Данилов — 105, Софрон Данилов 100 сыллара.

Дьиикимдэ сирэ — саха норуотугар уһулуччу дьону таһаарбыт, дириҥ уонна баай остуоруйалаах Ытык сир. Уран тыл, ускуустуба сүдү маастардара ини-бии Даниловтар, Афанасий Осипов бу ураты дойду салгынын иҥэринэн, дьикти-мааны айылҕатыгар угуттанан, бу сиртэн кынаттанан улахан олоххо үктэммиттэрэ.
Балаҕан ыйын 9 күнүгэр VIII төгүлүн ыытыллыбыт «Бор көмүс күһүнэ» литература бэстибээлин ытыктабыллаах ыалдьыттарын, өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан, Горнай улууһун нэһилиэктэриттэн кэлбит айар куттаах дьоммутун, ыччаттарбытын, поэзияны таптааччылары, сайдам санаалаах, айар куттаах саха дьонун араас өҥүнэн хараҕы үөрдэн, көмүс дуйунан симэнэн, истиҥник-иһирэхтик, ийэлии сылаастык кууһан көрүстэ.
Хоһоон хомоҕойо, ырыа ымыыта, кустук араас өҥө суһумнуур «Бор көмүс күһүнэ» литература бэстибээлигэр кыттыыны ыла ыраахтан-чугастан күөн көрсө, айар дьоннуун алтыһа барыта 280-тан тахса киһи тоҕуоруһа муһунна.


Ол курдук, литература түмсүүлэрэ:
ыраах Томпо улууһун Хаандыга бөһүөлэгин «Иэйии» айар эйгэ түмсүү (салайааччы Ефимова Александра Дмитриевна), Таатта улууһун Чөркөөх бөһүөлэгин «Иэйии түһүлгэтэ» олохтоох ааптардар (Яковлева Мотрена Петровна), Дьокуускай куорат «Айар кут» (Данилова Зоя Никандровна-Кэкэрдэ), «Иэйии» (өрөспүүбүлүкэтээҕи түмсүү, Федорова Саргылана Семеновна-Саргылана Сайын), Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтин «Таммахтар» (Пахомова Наталия Гаврильевна), Горнай улууһун «Сыккыс» (Олесова Айталина Николаевна), Кировскай нэһилиэгин «Иэйии» (Терентьева Саина Егоровна), Одуну нэһилиэгин «Одуну кыымнара» (Ноговицына Алина Афанасьевна), Солоҕон нэһилиэгин «Дьулуур» ыччат түмсүүтэ (Дормидонтова Анна Ивановна), Атамай нэһилиэгин «Төлөн» (Ефремова Елизавета Николаевна), Маҥаны нэһилиэгин «Ыллык» (Текеянова Марфа Николаевна), Октябрьскай нэһилиэгин «Сайар сарыал» (Колочева Надежда Анатольевна), Мытаах нэһилиэгин «Сэмэн ыччаттара» (Чемезова Снежана Сергеевна), Горнай улууһун С.П.Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын «Данилов ыччаттара» (Семенов Руслан Рустамович), Горнай улууһун А.Н.Осипов аатынан кэккэ биридимиэттэри дириҥэтэн үөрэтэр Бэрдьигэстээх орто оскуолатын «Стимул» эдэр учууталлар (Тарасова Мария Алексеевна), Үөһээ Бүлүү улууһун Дүллүкү нэһилиэгиттэн эдэр бэйиэт Николай Васильевич Васильев-Харыйалаах уола кэллилэр.


«Бор көмүс күһүнэ» литература бэстибээлин ытыктабыллаах ыалдьыттарынан буоллулар: «Горнай улууһа» муниципальнай оройуон баһылыгын солбуйааччы Алгыс Иннокентьевич Стручков, Арассыыйа Суруйааччыларын уонна Суруналыыстарын сойуустарын чилиэнэ, худуоһунньук, уус, кэпсээнньит, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Степан Ефремович Сивцев-Хамалҕа, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, саха норуодунай суруйааччыта, бэйиэт, прозаик, литература кириитигэ, тылбаасчыт, суруналыыс, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Семен Андреевич Попов-Сэмэн Тумат, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, суруйааччы, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ Анна Егоровна Варламова-Айысхаана, бэйиэт, прозаик, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, П.А.Ойуунускай аатынан СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин, Николай Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан СӨ Ил Дарханын бириэмийэтин лауреата Елена Васильевна Слепцова-Куорсуннаах, бэйиэт, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Семен Спиридонович Капитонов, биир дойдулаахпыт, Арассыыйа тыйаатырдарын диэйэтэллэрин сойууһун чилиэнэ, СӨ Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын артыыһа, СӨ үтүөлээх артыыһа, Мария Никитична Данилова, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үүнэр көлүөнэ судаарыстыбаннай тыйаатырын артыыһа Любовь Афанасьевна Макарова.
«Бор көмүс күһүнэ» VIII өрөспүүбүлүкэтээҕи литература бэстибээлэ киэҥ хабааннаах бырагыраамалаах, үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна.
Духуобунас киинин искибиэригэр норуодунай суруйааччылар пааматынньыктарыгар сибэкки дьөрбөтүн ууруунан, мас олордуунан саҕаланна. Мытаахтыыр суол 17 килэмиэтиригэр Үс көлүйэ сиригэр Семен Данилов «Ферма кыргыттара» хоһоонугар мемориальнай бэлиэ арылынна, Мытаах сынньалаҥын киинигэр, мусуой-галереҕа бэстибээл арыллыыта, литература, ыччат түмсүүлэрин, айар ыччат күрэхтэрэ, суруйааччылар автограф-сессиялара, Эбэ алааһыгар эдэр худуоһунньуктар пленэрдэрэ ыытылынна.


Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Бор көмүс күһүнэ» литература бэстибээлин сүрүн тэрийээччилэрэ — Горнай улууһун култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениета, Мытаах нэһилиэгин дьаһалтата, Горнай улууһун П.Д.Аввакумов аатынан киин бибилэтиэкэтэ, Бэрдьигэстээхтээҕи  оҕо ускуустубатын оскуолата, М. Егоров аатынан Бэрдьигэстээхтээҕи Сынньалаҥ киинэ, «Сыккыс» литературнай түмсүү.

Литература, ыччат түмсүүлэрин күрэхтэрэ

П.Д.Аввакумов аатынан Киин бибилэтиэкэ кыраайы үөрэтэр салаатын бибилэтиэкэрэ С.А. Михайлова СӨ Ил Дархана А.С.Николаев Гранын күрэҕэр кыттан кыайыылааҕынан тахсан,  литература бэстибээлин икки улахан күрэҕэ, бэстибээл тэрээһинэ ыытылынна.
«… Сахам саҥа ырыаларын — саҕалыаххыт, билэбин» норуодунай бэйиэт Семен Данилов хоһооннорунан литературнай-муусукаалынай дьүһүйүү уонна «… Киһи буоллахха — олох оргуйар үөһүнэн сылдьыахха!» норуодунай суруйааччы Софрон Данилов кэпсээннэринэн инсценировка туруоруу күрэхтэригэр 13 түмсүү кытынна.


Дьүүллүүр сүбэҕэ Елена Васильевна Слепцова-Куорсуннаах, биир дойдулаахпыт Мария Никитична Данилова уонна ССРС култууратын туйгуна, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Бэрдьигэстээх норуодунай тыйаатырын режиссера Елизавета Иевна Мартынова үлэлээтилэр.
«… Сахам саҥа ырыаларын — саҕалыаххыт, билэбин» литературнай-муусукаалынай дьүһүйүүгэ III үктэллээх лауреат Солоҕон нэһилиэгин ыччатын «Дьулуур» түмсүүтэ 10 тыһыынча солкуобай сууммалаах, II үктэллээх лауреат Таатта улууһун Чөркөөх бөһүөлэгин «Иэйии түһүлгэтэ» олохтоох ааптардар уопсастыбаннай түмсүүлэрэ 15 тыһыынча суумалаах, I үктэллээх лауреат А.Осипов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын эдэр учууталларын «Стимул» түмсүүтэ 20 тыһыынча суумалаах сэртипикээттэринэн наҕараадаланнылар.
Күрэх муҥутуур кыайыылааҕа — «Кылаан чыпчаал» ааты ылбыт «Одуну кыымнара» литературнай түмсүү 30 тыһыынча сууммалаах сэртипикээти ылан, үөрүү өрөгөйүн биллилэр. «Бастыҥ туруоруу» номинацияны Одуну хамаандатын салайааччыта Алина Афанасьевна Ноговицына ылла.
«Иэйии» айар эйгэ, «Айар кут», «Иэйии», «Данилов ыччаттара», «Иэйии», «Төлөн», «Ыллык», «Сайар сарыал», «Сэмэн ыччаттара» литературнай уонна ыччат түмсүүлэрэ Туоһу суруктарынан уонна бириистэринэн наҕараадаланныллар.

«… Киһи буоллахха — олох оргуйар үөһүнэн сылдьыахха!»

Норуодунай суруйааччы Софрон Данилов кэпсээннэринэн инсценировка туруоруу күрэҕэр 4 хамаанда кыттыыны ылла. III үктэллээх лауреат Кировскай нэһилиэгин «Иэйии» литературнай түмсүү 10 тыһыынча солкуобай суумалаах, II үктэллээх лауреат Мэҥэ Хаҥалас «Таммахтар» литературнай түмсүү 15 тыһыынчалаах, I үктэллээх лауреат Мытаах нэһилиэгин «Сэмэн ыччаттара» түмсүүлэрэ 20 тыһыынчалаах сэртипикээттэри туттулар. Таатта улууһун Чөркөөх бөһүөлэгин «Иэйии түһүлгэтэ» олохтоох ааптардар уопсастыбаннай түмсүүлэрэ туоһу суругунан, 3 тыһыынча суумалаах бирииһинэн бэлиэтэннэ.
«Бастыҥ туруоруу» анал ааты Мытаах нэһилиэгин Сынньалаҥ киинин уус-уран салайааччыта Изабелла Максимова ылла. Дьүүллүүр сүбэ С. Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Күн Дьөһөгөй Тускул (5 кыл.), Вячеслав Иванов (9 кыл.), Петр Дьячковскай (11 кыл.), Роман Пахомов (11 кыл.), Олимпий Петров ( 11 кыл.) хоһоон ааҕыыга, истээччигэ тиэрдиигэ бастыҥнарынан бэлиэтээн, биһирээн анал бириистэри туттарда. Уолаттарга салгыы дьарыктаналларыгар баҕа санааларын эттилэр.

«Саха сирэ», edersaas.ru анаан Лена САВВИНОВА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0