Саха норуодунай бэйиэтэ Семен Данилов төрөөбүтэ 100, норуодунай суруйааччы Софрон Данилов төрөөбүтэ 95 сылларыгар уонна Ыччат сылыгар анаммыт “Бор көмүс күһүнэ” поэзия бэстибээлэ быйыл уратытык ааста. Биир сүрүн уратытынан, уруһуйдьут оҕолорго, ыччакка пленэр ыытылынна. Ол эбэтэр, айгыр-силик айылҕаны көрөн олорон, тута уруһуйдаан, кумааҕыга, холустаҕа дьүһүйдүлэр. Ону тэҥэ, сарсыҥҥы күнүгэр эдэр литератордар бэйиэт биһигэ бигэммит, хоһоонугар хоһуллубут Сиинэтигэр баран, кини аатыгар сүгүрүйэн, ырыатын тылын тилиннэрэн кэллилэр.
Бор ытык сирэ саха тыллаах баарын тухары талаан түспүт, чочуллубут сиринэн ааттана туруо… Бу алаас көй салгынын толору иҥэринэн, дьикти-мааны айылҕатыгар угуттанан, саха норуодунай суруйааччылара, бөдөҥ уопсастыбаннай деятеллэр, үгүһү, үйэлээҕи оҥорбуттарынан бар дьоннорун дириҥ убаастабылларын ылбыт ини-бии Даниловтар уонна сахалартан бастакы академик, ССРС, РФ, СӨ норуодунай худуоһунньуга Афанасий Осипов кынаттанан тахсыбыттара.
Оттон Бор алаас барахсан, буоларын курдук, көмүскэ сууланан, аалыы алтан дуйу бүрүнэн, салгынныын ырааһыран, ыраахтан сандаара сырдаан, сылаанньыйа ылааран көрүстэ. Айылҕа барахсан кылгас да кэмҥэ бу курдук киэргэнэр, тупсар буоллаҕа! Уһун уутугар бэлэмнэнэр, тохтоон чуумпуран иһиллэнэр, иһийэр, ол да иһин айар абылаҥҥа ылларбыт дьон күһүнү таптыыллар, күһүнү туойаллар.
“Бор көмүс күһүнэ” бу ураты кэми баттаһа ыытыллара туспа кэрэлээх. Быйыл хаһааҥҥытааҕар да элбэх киһи кэлбит. Хаҥаластан уруһуйдьут оҕолор, Дьокуускайдааҕы “Айыы кыһата” оскуолаттан 50 оҕо кэлэн күргүөмнээхтик кыттыбыттара олус сэргэхситтэ, киэргэттэ. Саха литературатын биһигэ буолбут Тааттаттан айар түмсүү чилиэннэрэ анаан кэлэн кыттан, икки улууһу ситимниир литературнай далаһаны кэбистилэр диэххэ сөп.
Бу алтыс төгүлүн ыытыллар литературнай түһүлгэни быйыл кэҥэтэн, бэстибээл диэн уларытан ааттаатылар. Үгэс курдук, Горнай улууһун дьаһалтатын култуураҕа управлениета, кииннэммит бибилэтиэкэ ситимэ, Даниловтар ааттарынан Духуобунас киинэ тэрийдилэр.
Манна суруйааччылар Иван Мигалкин, Анна Варламова–Айысхаана, Гаврил Андросов, Александра Константинова–Дархаана, Дайыына, Ираида Попова, гуманитарнай чинчийии институтун үлэһитэ Мария Кириллина Дьокуускайтан кэлэн, бары тэрээһиннэргэ көхтөөх кыттыыны ыллылар, дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр.
Поэзия бэстибээлин аһыллыытыгар улуус баһылыга Никита Андреев тыл этэригэр, бу тэрээһин ыччакка, оҕолорго ананарын, кыттааччы ахсаана сылтан сыл элбээн иһэрин тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Кини соторутааҕыта тахсыбыт “Мин сүрэҕим — Сиинэ сиһигэр” диэн “буруолуу сылдьар” кинигэлээх В. Парфеновы уонна мытаахтар уолларын, иллэрээ сыл “Бор көмүс күһүнүн” арыйыытынан буолбут эдэр бэйиэт Василий Тимофеевы “Үтүө үрүмэтэ” диэн бастакы кинигэтэ тахсыбытынан эҕэрдэлээтэ. Ону тэҥэ, ини-бии Даниловтар литературнай мусуойдарын төрүттээбит Елизавета Максимова «Убайдарым Сэмэннээх Соппуруон» кинигэтэ бэчээттэнэн тахсыбыта биир дойдулаахтарыгар, бэстибээл ыалдьыттарыгар күндү бэлэх буолла.
Бэлиэтээн эттэххэ, горнайдар талааннаах дьоннорун өрө туталлар, чулуу биир дойдулаахтарыгар сүгүрүйэллэр. Оҕо саадыттан саҕалаан, үүнэр көлүөнэҕэ төрөөбүт дойдуга тапталы, киэн туттууну иҥэрэллэр. Онон маннык тэрээһиннэр, бастатан туран, патриотическай тыыннаахтар, оҕолору, ыччаты иитэр суолталаахтар.
Күрэстэр
Быйыл күрэстэри алааска буолбакка, Мытаах кулуубугар уонна мусуой-галереяҕа ыытарга быһаарбыттар. Ол күһүҥҥү халлаан кубулҕатыттан, ардах түһүө диэн сэрэхэчийииттэн таҕыстаҕа. Ол да буоллар, күн-дьыл бэркэ туран биэрдэ.
«Дууһабар айыы баҕата, сүрэхпэр олох ырыата» өрөспүүбүлүкэтээҕи литературнай холбоһуктар кыттыылаахтарыгар бэйэ айбыт хоһооннорун биирдиилээн толорууга күөн-күрэс Даниловтар уонна А.Осипов ааттарынан мусуой-галереяҕа буолла. Манна отуттан тахса киһи кытынна. Кыайыылааҕынан Горнай улууһун “Дьүрүскэн” эдэр суруйааччыларын түмсүүлэрин чилиэнэ Мария Андреева таҕыста. Василий Тимофеев иккис, Марфа Федорова (Октябрьскай) үһүс миэстэни ыллылар. Ону тэҥэ, биһирэбил бириистэри анаатылар.
«Сахам саҥа ырыаларын саҕалыаххыт, билэбин» диэн литературнай музыкальнай дьүһүйүүгэ Мытаах, Солоҕон, Одуну, Кировскай, Октябрьскай, Маҥаны нэһилиэктэриттэн, Бэрдьигэстээх үс оскуолатыттан барыта 9 хамаанда кытынна. Дьүүллүүр сүбэ бэлиэтээбитинэн, хамаандалар бары бэркэ бэлэмнэнэн кэлбиттэр, айымньылаахтык сыһыаннаһан, үрдүк таһымнаахтык толорбуттар. Ол түмүгэр: «Ахтылҕаннаах мин дойдум» дьүһүйүүлээх Мытаах нэһилиэгин хамаандата үһүс, “Аан дойдуну анааран” Бэрдьигэстээх орто оскуолатын хамаандата иккис, оттон «Ырыабын аахпыт уол оҕо көрүө дьону, олоҕу мин тыыннаах харахпынан» дьүһүйүүнү туруоран, С.Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолата бастаата.
Пленэргэ
Литературнай бэстибээл чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы пленэр ыытылынна. Манна отуттан тахса эдэр худуоһунньук кытынна. Покровскайдааҕы оҕо художественнай оскуолатыттан кэлбит үөрэнээччилэр көхтөөхтүк кытыннылар. Оҕолор алаас устун тарҕанан, от-мас быыһыгар олорон, этиэхтэн эриэккэс, кэрэ көстүүлээх, аалыы алтан дуйу бүрүнэн, киэргэнэн турар айылҕаны уруйдаабытынан, дьүһүйбүтүнэн киирэн бардылар. Күн-дьыл да туран биэрдэ.
Ол түмүгүнэн, Бэрдьигэстээх гимназиятын 10 кылааһын үөрэнээччитэ Нарыйа Куо Кириллина Гран-при аатын ылан, худуоһунньук этюднигынан наҕараадаланна.
Оскуола үөрэнээччилэригэр бастакы миэстэни Юля Постникова (Покровскай) иккиһи — Вера Григорьева (Дьиикимдэ), үсүһү — Саша Семенова (Бэрдьигэстээх) ыллылар.
Үрдүкү кылаас үөрэнээччилэригэр бастакы миэстэни Валерия Лаптева (Кировскай), иккиһи — Ксюша Лукина (Покровскай), үсүһү — Кристина Никифорова (Бэрдьигэстээх) ыллылар.
Ыччат бөлөҕөр бастакы миэстэни Аркадий Михайлов (Покровскай), иккиһи — Аина Егорова (Дьиикимдэ), үсүһү — Иннокентий Гермогенов (Бэрдьигэстээх) ыллылар.
“Мин сүрэҕим – Сиинэ сиһигэр”
Аан Айылгы Сиинэ национальнай паарката Мытаахтан биэс көстөөх сиргэ сытар. Ини-бии Даниловтар Сиинэҕэ төрөөбүттэрэ, кэлин төһөлөөх бултаан-алтаан, сынньанан ааспыттара, хоһоонноругар хоннорбуттара буолуой? Ол курдук, Семен Данилов Сиинэ кэрэтин хоһуйбут элбэх хоһооннооҕо биллэр. Ол да иһин, экологическай-литературнай десант кыттыылаахтара: «Мин күөх Сиинэм – мин биһигим» улуустааҕы күөн күрэс кыайыылаахтара, “Тыл кыһата”, “Дьүрүскэн” айар түмсүүлэр эдэр литератордара ытык бэлиэ сирдэргэ — Сиинэ кыртастарыгар, Ньоҕодьукка, Оппуоха хайатыгар ыскамыайкалары, анал баннердары туруортаатылар. Баннерга Сэмэн Данилов төрөөбүт дойдутун кэрэтин туойбут хоһоонноро суруллубут. Мантан ыла ытык сиргэ сынньана, айылҕаттан күүс ыла кэлэр дьон бэйиэт хоһоонун ааҕыахтара, кини аатыгар сүгүрүйүөхтэрэ.
Семен Данилов Сиинэҕэ бүтэһигин 1977 сыллаахха сылдьыбыта, ол кэнниттэн “Ньоҕодьук” диэн хоһоонун суруйбута. Онон бу ытык күөл кытылыгар десант кыттыылаахтара “Кэм илдьитин” кистээтилэр. Манна кинилэр төрөөбүт тылы, айылҕаны харыстааһын суолтатын, саха литературатын сайыннарыы, үүнэр көлүөнэни иитии, о.д.а. туһунан суруйан уктулар. Капсуланы бэйиэт 110 сааһыгар, аны уон сылынан арыйыахтара.
Десант кыттыылаахтарын национальнай паарка салалтата өйөөн, “Трэкол” вездеходунан илдьэ сырыттылар. Суола-ииһэ суох сиргэ абыраллаах тиэхиникэ эбит. Оннооҕор куталаах-маардаах сирдэртэн иҥнибэккэ, бэрт дьулурҕатык айаннаата. Паарка үлэһитэ, иниспиэктэр Андрей Кожуров бэйэтинэн ыытан, үлэтин-хамнаһын туһунан күө-дьаа кэпсээн, кэрэ-бэлиэ сирдэринэн сирдээн сырытыннарда, ыскамыайкалары, баннердары туруорарга көмөлөстө.
Онон ураты сиргэ ыытыллыбыт десант эдэрдэр өйдөрүгэр-санааларыгар остуоруйа дойдутугар айан, умнуллубат өйдөбүл буолан иҥэн хаалла…
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru