“Бор көмүс күһүнэ” быйыл ураты тыыннаныа

29.06.2017
Бөлөххө киир:

Ураты кэрэ айылҕалаах Бор алааһа — норуодунай суруйааччылар Семен, Софрон Даниловтар кииннэрэ түспүт, сүүрбүт-көппүт, улааппыт, киһи буолбут сирдэрэ. Кинилэр төрөөбүт алаастарын ытыгылаан, Горнай улууһун Мытаах нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ “Бор көмүс күһүнэ” диэн литературнай тэрээһини ыыппыттара хаһыс да сыллара.

edersaas.ru


Быйыл, саха норуодунай поэта Семен Данилов төрөөбүтэ 100, норуодунай суруйааччы Софрон Данилов төрөөбүтэ 95 сылларыгар, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэриллибит Ыччат сылыгар анаммыт “Бор көмүс күһүнэ” диэн поэзия бэстибээлэ балаҕан ыйын 8-9 күннэригэр бэһис төгүлүн ыытыллар.

Буоларын курдук, улуус таһымыгар тахсан, култуура управлениета, кииннэммит бибилэтиэкэ ситимэ, Семен уонна Софрон Даниловтар ааттарынан Духуобунас киинэ тэрийэллэр. Быйыл кэҥээн бэстибээл диэн ааттаммыт литературнай тэрээһин ураты тыыннанара, элбэх киһини түмэ тардара  күүтүллэр.

Тэрээһин чэрчитинэн, «Сахам саҥа ырыаларын саҕалыаххыт, билэбин» диэн литературнай музыкальнай дьүһүйүү,  «Хоһооннорум, алаас дьонугар санатыҥ Манчаары маҥан атын…» өрөспүүбүлүкэтээҕи литературнай холбоһуктар кыттыылаахтарыгар бэйэ айбыт хоһооннорун биирдиилээн толорууга күөн-күрэс, уруһуйдьуттар пленэрдэрэ, литературнай-поэтическай көpcүhүү буолуохтара. Ону тэҥэ, ыалдьыттар Даниловтар мусуой-галереяларыгар сылдьан көрүөхтэрэ-истиэхтэрэ, кэрэхсиэхтэрэ.

Сарсыҥҥы күнүгэр «Мин сүрэҕим Сиинэ сиһигэр» диэн ааттаах литературнай десаҥҥа күөн күрэстэр кыайыылаахтара, “Тыл кыһата”, “Дьүрүскэн” айар түмсүүлэр эдэр литератордара этиэхтэн эриэккэс кэрэ Сиинэҕэ аттанан, Даниловтар туойбут-хоһуйбут бэлиэ сирдэригэр — Сиинэ кыртастарыгар, Ньоҕодьукка, Оппуоха хайатыгар сүгүрүйэн, анал ыскамыайкалары, баннердары туруортаан кэлиэхтэрэ.

Күөн күрэстэр балаһыанньалара

«Сахам саҥа ырыаларын саҕалыаххыт, билэбин» диэн литературнай-музыкальнай күөн күрэскэ үрдүкү кылаас оҕолоро уонна ыччаттар кытталлар.

Күөн күрэс сыала-соруга:

— С.П. Данилов айар үлэтин үйэтитии;

— Поэт айымньыларын нөҥүө үүнэр көлүөнэни патриотическай уонна духуобунай тыыҥҥа иитии;

— төрөөбүт литератураҕа, поэзияҕа, музыкаҕа ыччат интэриэһин тардыы;

— талааннары таһаарыы, ыччаты айар үлэҕэ көҕүлээһин.

Хамаандаҕа 5 киһи киирэр (2 үөрэнээччи, 35-гэр диэри саастаах 3 ыччат).

Хамаандалар талбыт тылларынан (сахалыы, нууччалыы) литературнай-музыкальнай композицияны көрдөрөллөр. Хас биирдии хамаандаттан усунуос — 500 солк.

Күөн күрэс ирдэбилигэр өс xohooнo, тиэмэни сөпкө, толору арыйыы; тыл этээччи туттан-хаптан турара, интонацията, дикцията, тыл этии тэтимэ, куолас эгэлгэтэ; тыл-өс култуурата, баайа, литературнай нуорматын тутуһуу, тыл этии истиилигэр түбэһиитэ, араас уус-уран ойуулуур-дьүһүннүүр ньыманы туһаныы барыта киирэр.

Кыайыылаах хамаандалар дипломнарынан, сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланаллар.

Саха норуодунай поэта Сэмэн Данилов төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах «Хоһооннорум, алаас дьонугар санатыҥ Манчаары маҥан атын…» өрөспүүбүлүкэтээҕи литературнай холбоһуктар кыттыылаахтарыгар бэйэ айбыт хоһооннорун биирдиилээн толоруу күөн-күрэһигэр литературнай айар холбоһуктартан биирдии киһи кыттар. Кыттааччыга сааһынан хааччах суох.

Куонкурустаһааччы төрөөбүт дойду туһунан бэйэтэ айбыт биир хоһоонун өйүттэн дорҕоонноохтук ааҕар. Хас биирдии киһиттэн усунуос – 200 солк.

Сайаапкалары балаҕан ыйын 1 күнүн аһарбакка, ыйыллыбыт аадырыска биллэрэҕит:

Горнай улууһа, Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтэ, П.Д.Аввакумов аатынан Киин бибилэтиэкэ, төл. 841131-41292, 84113-142027 (Петрова Эмма Георгиевна 89248604584). П.Д.Аввакумов аатынан киин бибилэтиэкэ 8-411-31-42027. Электроннай аадырыс: berlib@list.ru 

Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0