Боппуоһап ноһуомтан ыты оҥордо

Ааптар: 
14.12.2017
Бөлөххө киир:

Таатта улууһун Уолба сэлиэнньэтин олохтооҕо, «норуот скульптора» диэн аатырбыт Михаил Боппуоһап ноһуомтан оҥоһуктара үгэскэ кубулуйда. Саҥа Дьыл чугаһаатаҕын аайы кэлэн иһэр сыл бэлиэтин оҥорон дьону-сэргэни үөрдэр, бырааһынньыктааҕы сүргэни көтөҕөр. Быйыл Мэхээлэ уйатыттан өҥөйбүт ыты оҥорбут оҥоһугун хаартыската өрөспүүбүлүкэни биир гына батсаабынан тарҕанна. edersaas.ru

Кини үүнэр сыл бэлиэтин ынах ноһуомуттан оҥорбута хаһыс да сыла буолла. Сыл аайы оҥоһуктарын олбуорун иһигэр оҥорор, бүтэрдэҕинэ көстөр сиргэ тыраахтарынан состорон таһаарар. Биллэн турар, Мэхээлэ хаһаайыстыбалаах. Кини сүөһү иитиитинэн дьарыгырар буолан бириэмэтэ да аҕыйах буолуохтаах. Ол эрээри, сыл аайы быыс булан оҥоһуктарын оҥорор. Ааспыт сылларга бөтүүгү, үс аты, козалары, эбисийээнэлэри, эриэн үөнү, дракону уонна таанканы оҥортообута. Скульптураларын бастаан тимир бороболуоханан каркастарын оҥорор, онтон ынах сааҕынан сыбыыр. Онон, ураты оҥоһуктар дьон болҕомтотун ылыан ылаллар.
Мэхээлэ  тырахтарыыһынан, мэхээнньигинэн, оскуолаҕа сопхуоһунан үлэлээбитэ. Кэлин бааһынай хаһаайыстыба тэриммитэ. Худуоһунньук үөрэҕэ суох эрээри, уруккаттан муустан скульптуралары оҥортуура.

Талааннаах дьон доҕурдарын сайыннаран, дьону — сэргэни үөрдэрэ хайҕаллаах дьыала.

Николай Попов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru  

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0