Боппооһоп Михаил: «Атын күтэри тарҕаппыттар»

23.12.2019
Бөлөххө киир:

         Таатта улууһун Уолба нэһилиэгэр олорор Михаил Боппосов үгэскэ кубулуйбут оҥоһугун быйыл эмиэ оҥордо.


Кини 2013 сылтан ноһуомтан сыл бэлиэлэрин оҥорон олохтоохтору үөрдэр. Социальнай ситим сайдыбыт кэмигэр, Боппосов Михаил оҥоһуктарын олохтоохтор хаартыскаҕа түһэрэ охсон, бэрт түргэнник тарҕатан, бу оҥоһуктар хаартыскалара өрөспүүбүлүкэни тилийэ көтөллөр. Бэлиэтээн этэр буоллахха, кини оҥоһуктарын үтүктэн, улуус ахсын уус дьон муустан, ноһуомтан, мастан оҥоһуктарын эмиэ батсаапка, инстаграмҥа таһаарар буоллулар.

Батсаап ситимигэр Михаил Боппосов күтэрин номнуо оҥорбут диэн тарҕаммыта.  Бу туһунан күтэр ааптара, уус Михаил Боппосов маннык кэпсээтэ: «Ити батсаапка тарҕаммыт күтэр сыл бэлиэтэ буолбатах, олохтоохтор ыксаан тарҕата охсубуттар. Ити бөх кутар сирбит ээ. Дьиҥ оҥоһугум ахсынньы 27 күнүн диэки бэлэм буолуоҕа. Бытаһыты (кутуйаҕы) оҥоро сылдьабын. Онно олорор сирдээх буолуоҕа, быһата, хаартыскаҕа анаан түһэр сир диэххэ дуу?  Онон батсаап түргэнэ, атын  оҥоһугу тарҕаппыт.  «

Ульяна ЗАХАРОВА , «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0