Боотурдары иитэр Мохсоҕол

01.12.2016
Бөлөххө киир:

Алексей Уваров – “Мохсоҕол” спортивнай кулууп салайааччыта. Ааспыт үйэ 90-с сылларын саҕаланыыта ыһыллыы кэмигэр Саха сиригэр бастакынан муай-тай уонна кикбоксинг көрүҥнэргэ дьарыктыыр “Мохсоҕол” кулуубу арыйан үлэтин саҕалаабыта. Алексей бу сыллар тухары туох ыарахаттары көрсүбүтүн, үөрэнээччилэрин ситиһиилэрин, баҕа санаатын биһиги ааҕааччыларбытыгар кэпсиир:

— 1994 сыллаахха спорт кэмитиэттэн, министиэристибэттэн туох даҕаны өйөбүлэ суох кулууп арыйан үлэлэтэргэ санаммытым. Лидия Федосеева дириэктэрдээх “Якутяночка” диэн оҕо саадын спортзалыгар олохсуйбуппут. Онтон ыла 22 сыл ааһа охсубут эбит. Куорат уопсастыбаннай олоҕор кыттыһабыт. Субуотунньуктартан туора турбаппыт, уулуссалары көҕөрдүү үлэтигэр куруук баарбыт. Хомойорум диэн, баччааҥҥа диэри бэйэбитигэр дьарыктанар саалабыт суох. Куруук тэрилтэлэргэ дьукаахтаһан, кыттыһан оҕолору дьарыктыыбын.

Сүүрбэ икки сыллаах үлэ

Арассыыйа атын регионнарыгар муай-тайынан дьарыктанар дьону өйүүллэр. Урут 90-с сылларга Кемерово куораты кытта биһиги кик-боксинынан дьарыктаныыны бииргэ саҕалаабыппыт. Онуоха күрэхтэһиилэргэ кинилэр куруук биһиэхэ хоттороллоро уонна биирдэ аны дьарыктаммат эбиппит дии сылдьыбыттара. Аны билигин кинилэр спорт кэмитиэттэриттэн өйөбүл ылан, туспа дьиэлэнэн-уоттанан, тренердэрэ хамнастананнар, күрэхтэһии бөҕөтүн кэрийдилэр, үрдүк көрдөрүүлэри аҕаллылар. Урут сахалар кик-боксиҥҥа күннүү сылдьыбыппыт, билигин оннук хатыланыан баҕарабын. Ол кэмнэргэ улуустаһыы наһаа күүһүрэ сылдьыбыта. Мин ону утарабын, миэхэ ким баҕалаах кэлэн дьарыктанар. Бу сыллар тухары “Мохсоҕол” олус элбэҕи ааста. Саханы саха дэтэр, дьарыктаах, норуотун көмүскүүр аналлаах дьону боотур гына иитэн таһаардарбын диэн сыаллаах үлэлиибин. Оҕолорбун куһаҕан дьайга ылларымаҥ, наадата суохха, мээнэҕэ охсуһумаҥ диэн үөрэтэбин. Бэйэбин урут арааска кучуйа сатыыллара, бандьыыттыы, охсуһа ыҥыраллара. Төрөппүттэрим сөпкө ииппит буоланнар, манныкка хаһан да киирэн биэрбэтэҕим. Түһүүлээх-тахсыылаах кэми, сыралаах үлэни ааһан, билигин даҕаны күүскэ дьарыктана, эрчиллэ сылдьабыт. Билигин үгүс дьон: “Хайдах туспа саалата, улахан өйөбүлэ суох тулуйан кулуупкун илдьэ сылдьаҕын?” – диэн соһуйар. Мин атын эбитим буоллар, идэбинэн учууталлыа, бизнес арыныа эбэтэр политикаҕа да барыа этим. Ону мин саха боотурун иитэр таһаарыыга үлэлээн кэллим. Мантан олус астынабын, киэн туттабын. Олохпун саха оҕолоро көмүскэллээх, норуоттарын атаҕастаппат буолууларыгар анаабыппыттан үөрэбин.  Саха сахаҕа хахха буолуохтаах.

Үөрэнээччилэрим — киэн туттуум

“Мохсоҕолго” тыһыынчанан оҕо дьарыктанан ааста. Дьарыктаабыт оҕолорум оҕолоро эрчиллэллэр. Мин кулууппуттан ыал буолбуттар даҕаны элбэхтэр. Билигин үксэ саха оҕолоро, устудьуоннар дьарыктаналлар. Омук оҕолоро эмиэ бааллар. Ол эрээри улаханнык дьарыктамматтар, биир-икки саамай тулуурдаахтара хаалан утумнаахтык дьарыктанар, бары бэйэ-бэйэлэригэр убаастабыллаахтык сыһыаннаһаллар.

Саҥаны киллэрии, саҕалааһыннар

“Рингэ боотурдара” диэн күрэхтэһии тэрийэ сылдьыбытым. Биһиги кулууппутугар дьарыктана кэлбит дьон төрүттэрбитин, өбүгэлэрбитин, сахалар историябытын билэр буолалларыгар кыһаллабын. Муай-тайга тустуу, хапсаҕай хамсаныылара бааллар. Онон сахалар дьарыгы түргэнник ылыналлар. Кик-боксиҥҥа өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы чөмпүйэнээти ыыппыппыт. Манна хотой стойкатын, рингэҕэ махтаныы сиэрин-туомун көрдөрбүппүтүн үгүс киһи сэҥээрбитэ. Билигин күүскэ сайдыбыт UFC диэн быраабылата суох охсуһууну Саха сиригэр эмиэ биһиги киллэрбиппит. Кулуубум тэриллибитэ 25 сылыгар бу сыллар тухары тугу үлэлээбиппин барытын түмэн, дьарыктаабыт оҕолорбун мунньан, кинигэ оҥорор былааннаахпын.

Уолаттарым кыайыылара – мин кыайыым

Өрдөөҕүтэ Японияҕа баран үөрэнэн кэлбитим. Бу санаатахха, дьоппуоннары тайдар бэйэлэрин кистэлэҥнэригэр улаханнык үөрэппэттэр эбит. Биһиги ол иһин үксүн кэриэтэ бэйэбит  дьарыктанар этибит. Биир да приему билбэт этибит. Бэйэ-бэйэбитин кытта киирсэн, охсуһан, албастары билбиппит. Онно сылдьан профессиональнай охсуһууга киирсибитим. Аны аан дойду чөмпүйэнээтигэр кыттыахтаахпын балыйаннар, казах уолун ыыппыттара.  Икки сыл буолан баран баҕалаах аан дойдум чөмпүйэнээтигэр эмиэ путевка ыллым уонна Европаҕа эмиэ киирсэр буоллум. Аны барарым чугаһаабытын кэннэ ойоҕоспун тоһутан кэбистим. Эмтиир бырааһым талларда: “Европа чөмпүйэнээтигэр бардаххына өссө бэргиэҥ, онтон сылтаан аан дойдуга барыаҥ суоҕа”, — диэтэ. Толкуйдаан бараммын, күүскэ эмтэнэн, үтүөрэн бараммын аан дойдуга эрэ күрэхтэһэ барар эбиппин диэн быһаарыммытым. Онно финалга тахсыы иһин киирсэн, балыйтаран, үһүс миэстэ буолан хааллым. Барытыгар харчы быһаарарын өйдөөммүн олус хомойбутум… Билигин мин дьарыктаабыт уолаттарым Дмитрий Ушканов, Сергей Миронов, Олег Филиппов, Григорий Попов аан дойдутааҕы чөмпүйэнээттэр кыайыылаахтара буолаллар. Мин ситиспэтэхпин оҕолорум ситистилэр. Кинилэр кыайыылара – мин кыайыым.  Өр сыллаах үлэм мээнэҕэ ыытыллыбатаҕын дакаастаатылар.

Өйөбүлэ суох үлэ

Күрэхтэһиилэргэ барарбытыгар ким даҕаны үбүлээбэт. Оҕолорум төрөппүттэригэр махтанабын. Оҕолоро дьарыктаах буолалларын өйүүллэр. Баран-кэлэн, күрэхтэһиилэри кэрийэн, уруккубут курдук чаҕылхай ситиһиилэри аҕалан, оҕолор стимулланыахтарын баҕарабын. Оҕолор дьарыктаналларын олус сөбүлүүллэр.

Үөрэнээччилэр санаалара

Дана Михайлова, Дьокуускай куорат 33-с №-дээх оскуолатын үөрэнээччитэ:

Мин билигин 13 саастаахпын, муай-тайынан дьарыктаммытым алта сыл буолла. Бастаан аан дойду чөмпүйүөнүгэр Дмитрий Ушкановка эрчиллибитим. Билигин Алексей Юрьевичка бэйэтигэр сөбүлээн дьарыктанабын. Күүстээх уонна дьарыктаах буолаары күн аайы эрчиллэбин. Элбэх дьарыктан – үҥкүүттэн, боксаттан, жонглердааһынтан, сүүрүүттэн бу спорду таллым. Улахан спорка барар, элбэх ситиһиилэрдээх спортсмен буолуохпун баҕарабын.

Андрей Пинигин, устудьуон:

— Мин манна иккис сылбын дьарыктанабын. Оҕо эрдэхпиттэн муай-тайы олус интэриэһиргиирим. Дьарыктыыр киһи суох буолан, аҕыс сыл устата тустубутум. Устудьуоннуу кэлиэхпиттэн “Мохсоҕолго” дьарыктанабын. Муай-тай — спорт биир саамай кыраһыабай көрүҥэ дии саныыбын. Уол оҕо этхаан, өй-санаа өттүнэн сайдар. Маастар нуорматын толоруохпун баҕарабын.

Билигин “Мохсоҕол” кулууп иитиллээччилэрэ Изольда Санникова салайааччылаах “Fit Cоre” кулууп баазатыгар дьарыктаналлар. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ураты уонна наадалаах спорт көрүҥүн соҕотох киһи сайыннарарыгар ыарахан. Саха норуотун аан дойдуга аатырдыбыт боотурдардаах кулууп туспа дьиэлэнэрэ-уоттанара, Алексей Уваров баҕата туолара буоллар… Спорт бары көрүҥнэрин тэҥҥэ өрө тутарбыт буоллар, төһөлөөх элбэх спортсменнар, саҥа ааттар тахсыахтара этэй…

Айтана АММОСОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0