“Боотурдар оонньууларыгар” тыһыынчататтан тахса эдэр бөҕөс кыттар

Ааптар: 
14.09.2018
Бөлөххө киир:

Бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Николаев көҕүлээһининэн үтүө үгэскэ кубулуйан 1999 сыллаахтан ыытыллар күрэхтэһии быйыл “Кыайыы 50 сыла” Спорт дыбарыаһыгар түһүлгэлэннэ. Манна түөрт күн устата өрөспүүбүлүкэ бары муннугуттан мустубут 20 хамаанда оҕото көҥүл тустууну сэргэ классическай тустууга саастарынан түөрт бөлөххө (2001-2002 сс., 2003-2004 сс., 2005-2006 сс., 2007-2008 сс.) наарданан илин былдьаһар. Кыргыттар эмиэ тусталлар. Бастакы күн эдэр бөҕөстөргө аан дойду икки төгүллээх чөмпүйүөнэ, Ил Түмэн норуодунай дьокутаата Виктор Лебедев ыалдьыттаата.

edersaas.ru

Былырыыҥҥыттан күрэхтэһиигэ бөлөхтөрүгэр бастыҥ көрдөрүүлэммит тириэньэрдэри наҕараадалыырга быһаарбыттара. Бастакы күн түмүгүнэн 2007-2008 сс. төрүөх уолаттар бөлөхтөрүгэр бастыҥынан Николай Яковлев (Дьокуускай, ДЮСШ №3) билиниллэн, Спортивнай тустуу федерациятыттан 30.000 солкуобайдаах харчынан бирииһинэн биһирэннэ. Чурапчыттан Иннокентий Петров (20.000 солк.), Ньурбаттан Сергей Протасов (10.000 солк.) иккис, үһүс буоллулар.

Күрэхтэһии бастакы күнүн кыайыылаахтарынан буоллулар: 2007-2008 сс. т. — Гоша Неустроев (24 кг, Чурапчы), Саша Жданов (26 кг, Ньурба), Айастан Ощепков (28 кг, Сунтаар), Эльдар Поднебесов (30 кг, Сунтаар), Эрсан Максимов (32 кг, Үөһээ Бүлүү), Айкар Марков (35 кг, Мэҥэ Хаҥалас), Сема Васильев (38 кг, Уус Алдан), Ньургун Степанов (42 кг, Чурапчы), Айсен Васильев (46 кг, Дьокуускай), Толя Иванов (50 кг, Сунтаар), Грач Мкртчан (55 кг, Дьокуускай), Даниэль Тургунбаев (Дьокуускай), Гарик Кондаков (65 кг, Уус Алдан), Иван Черноградскай (65 кг үөһэ, Уус Алдан).

Роман Попов, edersaas.ru

Хаартыска Интэриниэттэн ылылынна.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0