Болуоссакка байыаннай кэм үҥкүүтэ битийдэ (ВИДЕО)

Ааптар: 
08.05.2022
Бөлөххө киир:

Бүгүн Дьокуускай куорат Орджоникидзе болуоссатыгар Улуу Кыайыы 77 сылыгар анаммыт  «Кыайыы вальса» диэн элбэх киһи кыттыылаах үҥкүү-битии буолла. 

Кэрэхсэбиллээҕэ, тэрийээччилэр сааһынан хааччахтаабатах буолан, араас үҥкүү кэлэктииптэрэ биир кэккэнэн үҥкүлээбиттэрэ, дьон болҕомтотун олус тарта.

Үлэлиир ыччаттар, устудьуоннар, бэтэрээннэр бары байыаннай ырыаларынан доҕуһуоллатан, вальс үҥкүүлээн, тула мустубут көрөөччүлэр сэрии сылларын кэмигэр «төннөн» ыллыбыт.

Бу хамсаналлара тэтимнээҕин, бииргэтин, үчүгэйиэн!

Саастаах дьон үҥкүүлүүрэ өссө ордук көстүүлээх эбит.

«Зумба голд», «Леди+» үҥкүү  бөлөхтөрүн салайааччыта Марина Кузьмина 50 киһилээх бэйэтин үҥкүүһүттэрин мунньан, Орджоникидзе болуоссакка буолбут «Кыайыы вальсын» олус киэргэттилэр.

Биэс уоннарыттан үөһээ саастаах дьахталлары түмэн, икки үҥкүү бөлөҕүн тэрийбитим биэс сыл буолла. Манна уопсастыбаннай үлэҕэ олус көхтөөх 50-65-тээх «кыргыттар» сылдьаллар. «Катюша», «Маай вальса» курдук бэйэбит олус сөбүлүүр үҥкүүлэрбитин көрөөччү дьүүлүгэр таһаардыбыт, — диэн Марина Кузьмина тэрээһин туһунан билиһиннэрдэ.

«Кыайыы вальса» дойду атын эригийиэннэригэр олус биһирэнэр тэрээһин эбит. Онно тыһыынчанан пааралар— идэтийбит үҥкүүһүттэр, устудьуоннар, оскуола оҕолоро, дьиэ хаһаайкалара, үлэ бэтэрээннэрэ кытталлар.  Саха сиригэр дьэ үөдүйэн эрэр хамсааһын. Мантан инньэ тэрээһиннэргэ маннык үҥкүү «флешмобтара» бары бырааһынньыктары киэргэтиэхтэрэ диэн эрэнэбит.

Елена ПОТОЦКАЯ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Ааптар видеота ууонна хаартыскаҕа түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0