Болугур Маай кыыһын ураты дьарыга

Ааптар: 
17.07.2022
Бөлөххө киир:

Быйыл сайын Амма улууһун Болугур нэһилиэгэр айар куттаах дьон «Маастардар кытылларыгар» үлэлээтилэр. 

Бу туһунан соторутааҕыта «Эдэр саас» саайтка историческай наука хандьыдаата, ХИФУ доцена Светлана Петрова — Уран Хатыҥ тимиргэ өрөспүүбүлүкэ Дархан ууһа Алексей Скрябин туһунан кэпсээбитэ. Бүгүн кини Ульяна Майродовна Михайлова-Маай кыыһын туһунан кэпсиир:

Болугурга биир айылҕалаах киһинэн Ульяна Михайлова-Маай кыыһа эбит.

Дьиэтин таһыгар дьоҕус балаҕан туттубут. Мин кинини урут быыстапкаҕа көрөн, үлэлэрин сөҕөн кэпсэтэн турардаахпын өйдөөн ыллым.

Намыын саҥалаах, бэрт сэмэй майгылаах, номоҕон дьүһүннээх саха дьахтара. Дьиэтин таһыгар ынах-сүөһү, ньирэй бөҕө. Эмтээх отторунан дьарыктанар эбит.

Онто «хомуйуохха эрэ» диэн ылбычча буолбатах, барытын киһиэхэ туһалаах дуу, туох эрэ дьайыылаах дуу диэн үөрэтэн көрөн, аныгы үөрэхтээх киһи быһыытынан элбэх, онно сыһыаннаах кинигэлэри ааҕан хомуйар уонна өссө бэлэххэ анаан оҥорор.

Маай кыыһын өссө биир дьикти ураты дьарыга — өрүс таастарыттан кэрэ, философскай ис хоһоонноох сувенирдары оҥороро буолар. Ити көрөр кыра, бэрт дьоҕус паннолар барыта ис хоһоонноохтор.

Оҕуруо уонна өрүс тааһа. Хайдах да дьүөрэлэһиэ суох курдуктар, ол эрээри Маай кыыһын илиититтэн тахсыбыт үлэлэр олус кэрэлэр.

Эчи, киниэхэ анаммыт таастар көстөн иһэллэрэ да баар эбит. Мин үйэм тухары дьөлөҕөстөөх таас көрдүүбүн да, көстүөх быһыыта суох.

Амма биэрэгэр эмиэ көрө сатаатым, бэйэм Бүлүү өрүс үрдүгэр улааппытым.   Дьэ, дьикти таастаардаах эбит, Маай кыыһа.

Былыргы ат иҥэһэтин сувенир гыммытын эмиэ сөхтүм. Дьэ, үчүгэй ымыы буолбут. Улуустар бэлэххэ оҥоттороллор диир. Кырдьык, дириҥ ис хоһоонноох, эр киһиэхэ ананар ураты бэлэх буолбут.

Маай кыыһа биһигини Болугур отторуттан хомуйан оҥорбут чэйинэн күндүлээтэ. Мин эмиэ от чэйдэри иһэрбин олус сөбүлүүбүн, ол эрээри Маай кыыһын чэйэ ураты минньигэс амтаннаах, дыргыйар сыттаах буолан биэрдэ. Ол олорон, от чэй туһунан элбэҕи кэпсээтэ, сүбэ-ама биэрдэ, өссө дьиэҕитигэр тиийэн иһээриҥ диэн илии туутуурдаах ыытта эбээт! Маай кыыһыгар махтал, этэҥҥэ доруобай сырыттын!

… Самаан сайын барахсан итинник истиҥ көрсүһүүлэи, доҕордуу сыһыаны бэлэхтиир буоллаҕа.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат.

Хаартыскаҕа Светлана Петрова түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0