Болкуону сылытан, кыбартыыраны кэҥэтии

24.10.2018
Бөлөххө киир:

Куоракка кыараҕас кыбартыыраҕа олорор ыал дьиэлэрин кэҥэтэ сатаан, лоджияларын сылытан, эбии хос оҥостоллор. Оччотугар дьиэ уопсай иэнигэр 4-7 кв.м. эбиллэн биэрэр. Онно ким тугу сөбүлүүрүнэн, алларааттан үөһээ барытын панорамнай түннүктээн, эҥин араастаан оҥостоллор.

edersaas.ru

Саҥа Дьылга күлүмүрдэс уоттардаах харыйа туруоран, дьиэ кэргэнинэн бары түмсэн төгүрүк остуол тула аһыыллар. Дьыл атын кэмигэр дьыбаан ууран, дьоллоох Дьокуускай куораты, кини тырымныыр түүҥҥү уоттарын үөһэттэн көрөн олорон сынньаналлар.

Атыттар көмпүүтэр туруоран, үлэлиир, уруок ааҕар хос оҥостоллор, аттыгар барнай стойка оҥорон, доҕотторун кытта мустан, сөрүүн утах иһэллэр. Билигин харчылаах эрэ буол, дьиэҕин таптаабыккынан оҥостуоххун сөп. Ол эрэн, дьиэ былаанын уларытыаҥ, болкуон түннүгүн көтүрэн, хоскун кэҥэтиэҥ иннинэ Дьокуускай куорат дьиэҕэ-уокка департаменыттан (Дзержинскай уул. 21) көҥүл ылыахха наада. Бу хайысханан нэһилиэнньэттэн сайабылыанньаны бэнидиэнньиккэ-оптуорунньукка сарсыарда 9 ч. күнүс 12 ч. диэри 12 №-дээх түннүккэ ылаллар. Билсэр төлөпүөн 22-60-17.

Тустаах тэрилтэттэн көҥүлэ суох бэйэҥ билэргинэн лоджияны, болкуону дьиэҕэр холбоон, ититэр радиатор туруоран, хос оҥоһуннаххына, ким да кэлэн бэрэбиэркэлиэ суоҕа эрээри, дьиэҕин атыылыырыҥ саҕана кэккэ мэһэйдэри көрсүөххүн сөп. Маннык дьон дьиэлэрин сатаан докумуоннаппаттар уонна атыылаабаттар. Онон, үйэҥ тухары бу дьиэҕэ олорбот түгэҥҥэр, өрөмүөнү докумуон хомуйсуутуттан саҕалыыр ордук.

Аан бастаан көҥүл ылабыт

Сорох дьон кимиэхэ да эппэккэ эрэ хапытаалынай истиэнэни көтүрүүлэрит­тэн элбэх кыбартыыралаах дьиэ сыбаайата хамсаан, истиэнэ хайа барыан сөп. Оччотугар буруйдааҕы буллахтарына, эппиэккэ тардаллара чуолкай.

Онон көҥүл ыларга пааспар, кыбартыыраны бас билии докумуонун, техническэй пааспар таһынан, бырайыактыыр хампаанньаҕа оҥоһуллубут дьиэ ис эркинин уларытар бырайыагы, этээс ахсын дьиэ былаанын ирдиэхтэрэ. Өскөтүн элбэх кыбартыыралаах дьиэ иэнэ улары­йар, сүрүннүүр истиэнэ көтүрүллэр, үүт­тэнэр түгэнигэр РФ Дьиэҕэ-уокка кодексатын 36,40 ыстатыйатыгар олоҕуран, бу дьиэҕэ олорор дьон бука барыларын сөбүлэҥэ уопсай мунньаҕынан боротокуолламмыт буолуохтаах. Элбэх этээстээх дьиэҕэ сүүсчэкэ кыбартыыраны кэрийэн, кинилэр сөбүлэҥнэрин көрдөһөр, эт киһи элэйэр дьыалата.

Ити үөһэ этиллибит докумуоннары хомуйбуккутун кэннэ анал хамыыһыйа кэлэн дьиэҕитин көрөр, чинчийэр, онтон биирдэ көҥүл биэрэр.

Дьиэбитигэр 7 кыбадырааты эптибит

Тулуурдаах, туруоруммут сыалларын ситиһэр дьон лоджияларын сылытан, дьиэбит иэнигэр 7 кыбадырааты эптибит, эбии ыскаап оҥостон, малбытын онно харайабыт, холодильнигы, морозильнигы туруорар сирдэннибит диэн этэллэр.

Тымныы хоһу сылытан, дьиэҕэ хайдах холбуур туһунан «Сылаас түннүк» тэрилтэ сүрүннүүр үлэһитэ Максим Дьячковскай кэпсиир:

“Лоджия кыһын сылаас, төгүрүк сыл туттуллар хос буоларын туһугар пенополистиролунан, пеноблогунан, эковатанан уо.д.а матырыйаалынан сылыталлар. Сахабыт сиригэр кыһын сыл аҥаара уһуннаах буолан, болкуон муостатын, истиэнэтин, үрдүн, парапеты барытын сылытыахха наада.                

Түннүк хамсаабакка, кыһын тымныыны киллэрбэккэ турарын ситиһээри аан бастаан бөҕө-таҕа тимир каркаас таҥаллар. Онно үс, эбэтэр биэс камералаах стеклопакет түннүк туруораллар. Ол быыһынан сылаас тахсыбатын диэн туох баар үүтү-үөлэһи үчүгэйдик герметигинэн хайаллар”.   

Ханнык матырыйаал сылааһы тутарый? 

“Сылааһы тутар матыры­йаал таһынан пенофол угаллар, оччотугар сылаас төттөрү дьиэҕэ киирэр, ону алюминиевай скотчунан, эбэ­тэр дюбелинэн иҥиннэрэллэр. Тэллэй үөскээбэтин, түннүк сиигирбэтин диэн сииги таһаарбат изоспаны бииргэ тэлгиир ордук.

Лоджия муостатын таһымын бетон кутан үрдэтэн биэрэн, дьиэ муостатын киэнин кытта тэҥнииллэр, сылытарга полистиролу тутталлар. Муостаҕа керамогранит, ламинат, линолеум тэлгииллэр.

Истиэнэни уонна эркин үрдүн ким тугу сөбүлүүрүнэн, инчэҕэйи тулуйумтуо гипсокартонунан, МДФ панелинэн, мас уонна пластиковай вагонканан бүрүйэллэр. Гипсокартону хайа талбыт өҥүнэн кырааскалыахха сөп. Ити кэнниттэн тымныы тыйыс айылҕаҕа олорорбут быһыытынан, ититиини тардыахха наада. Радиатор, кондиционер, сылаас муоста  — маҕаһыыҥҥа арааһа барыта баар”,

— диэн этэр кини.

Түннүк сиигирбэтин туһугар 

Болкуону сылытарга сииги тутар матырыйаалы туттубатахха, кэлин истиэнэ, муоста сиигирэн, онтон кырыаран тахсыан сөп. Сиик мунньустубатын туһугар түннүк үөһээ өттүн арыйан, дьиэни салгылаталлар. Полиуретановай герметик күн көрдөҕүнэ уонна ардах түһэн сытыйдаҕына, быһыытын уларытан, алдьанан, кумуччу тардан, быыс-хайаҕас арыллан, тыал курдары үрэр кутталлаах. Онон, маннык эппиэтинэстээх үлэҕэ идэтийбит үлэһиттэри ыҥыран оҥорторор ордук.

Өрөмүөн сыаната төһөнүй?

Төлөбүрэ болкуон, лоджия кээмэйит­тэн тутулуктаах, ортотунан матырыйаала уонна үлэтэ 300 тыһ. солк., аҥаардас түннүгүн эрэ олордуу 50-60 тыһ. саҕаланар диэн этэллэр өрөмүөн эйгэтигэр үлэлиир дьон.

Мөкү өрүтэ

Маннык оҥоһуннахха, аны кыһын тоҥ аһы уурар сириҥ суох буолар. Биһиги, саха дьоно, куулунан эт-балык, дьааһыгынан арыы хаһаанарбытын сөбүлүүбүт.

Аны кэтилиэт, бэлимиэн оҥоро-оҥоро тута таһырдьа таһааран тоҥороруҥ эмиэ тохтуур.

Оттон улахан иэннээх, хас да болкуоннаах дьиэҕэ дьон үксэ муоданы, тупсаҕай көстүүнү батыһан, панорамнай түннүк туруортарар. Биллэн турар, ол көстүүтэ үчүгэй эрээри, кыһын тымныы, сайын күн көрдөҕүнэ буһарык итии буолар кутталлаах. Таас дьиэҕэ улахан түннүгүнэн күн эргиччи көрдөҕүнэ, иһинээҕи салгын начаас оргуйуо.

Ону намыратарга кондиционер наада. Түмүккэ ким тугу оҥосторо – харчыта төһө халыҥыттан эрэ тутулуктаах.

Өрөмүөҥҥүт ситиһиилээх, тупсаҕай көрүҥнээх, алаһа дьиэҕит сылаас, истиҥ-иһирэх эйгэлээх буоллун!

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0