Болҕомто ахсааҥҥа буолбакка, хаачыстыбаҕа ууруллуоҕа

Ааптар: 
10.01.2019
Бөлөххө киир:

2018 сыл түмүктэнэр кирбиитигэр «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын стратегическай хайысхаларын туһунан» Ил Дархан ыйааҕа тахсыбыта. Тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыаннаах дьон эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо бу ыйааҕы бэркэ сэҥээрбиттэрэ, үлэ кэлэктииптэригэр дьүүллэһиилэр тэриллибиттэрэ, ол быыһыгар ыйаах олоххо киирэрин саарбахтааччылар көстүбүттэрэ.

Ити иһин биһиги Саҥа дьыл үүнээри аҕай турдаҕына тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласовы көрсөммүт, ыйаах чэрчитинэн тэриллэр үлэ-хамнас, 2018 сыл түмүктэрин итиэннэ саҥа сыл соруктарын тустарынан сэһэргэспиппит.

— Александр Павлович, Ил Дархан ыйааҕар сыһыаннаан сорох куолуһуттар «сүөһүбүт-сылгыбыт ахсаана аҕыйах, оҥорон таһаарарбыт кыра, бэйэбитин үрүҥ аһынан 61 %, этинэн 30 % хааччыныахпыт ыраах» дэһэллэр. Бу төһө оруннааҕый?

— Ил Дархан ыйааҕа тыа сирин бигэтик сайыннарыы Биэс сылын түмүктүүр сылыгар ылыллыбыта элбэҕи этэр. Бастатан туран тыа хаһаайыстыбатын салаатын тыа сирин экономикатын төрдө буоларын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ итиэннэ тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы туһунан сокуону көдьүүстээхтик олоххо киллэриигэ туһаайылынна. Айсен Николаев 2024 сылга диэри бэйэ оҥорон таһаарбыт аһынан-үөлүнэн хааччыллыы таһымын үрдэтэр сыалы туруорда. Ол курдук, үрүҥ аһынан хааччыллыыны 61 %-ҥа, эти уонна эт бородууксуйаны оҥорон таһаарыыны 30 %-ҥа, хортуоппуйу үүннэриини 66 %-ҥа, оҕуруот аһын 51 %-ҥа, сымыыты ылыыны 65 %-ҥа тиийэ улаатыннарыахтаахпыт. Бу халлаантан ылыллыбатах, элбэх ырытыы түмүгэр таһаарыллыбыт сыыппаралар. Күн бүгүн турукпут хайдаҕый? Судаарыстыба өйөбүллэригэр тирэҕирэн, үлэ-хамнас бары эйгэнэн тэриллэр, көрдөрүү даҕаны кыралаан эбиллэр. Холобур, 2017 сыл түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн үүтүнэн уонна үрүҥ аһынан хааччыныыбыт 58,7 % буолбута, 2018 сыл барыллааһын түмүгүнэн бу көрдөрүү 59,4 %-ҥа тэҥнэстэ. Этинэн уонна эт бородууксуйанан 25,7 %, хортуоппуйунан 64,6 %, оҕуруот аһынан 48,5 %, сымыытынан 53,1 % хааччынныбыт. Онон ыйаах туруорбут соруктара олоххо киллэриллэр кыахтаахтар.

— Оччотугар итиччэ бородууксуйаны хааччыйыан сөптөөх сүөһү-сылгы баар диэххэ сөп буоллаҕа.

— Күн бүгүн бас билии көрүҥүттэн тутулуга суох 189 тыһ 773 ынах сүөһүнү, 183 тыһ 368 сылгыны, 158 тыһ 481 табаны, 23 тыһ 428 сибиинньэни, 849 тыһ 697 көтөр бары көрүҥүн кыстатан турабыт. Биэс сыл устата ынах сүөһүбүт ахсаанын 3,5 тыһыынчанан, сылгыбытын 5,5 тыһыынчанан, табабытын 11 тыһыынчанан, сибиинньэни икки тыһыынчанан, көтөрү сүүс тыһыынчанан элбэтиэхтээхпит. Саханы саха дэппит бэйэбит төрүт сүөһүбүт, саха ынаҕын, ахсаанын биир тыһыынчаҕа тиэрдиэхтээхпит. Дьэ, бу инниттэн базаны тупсарыыга күүскэ үлэлиэхпит: 50 кыстык хотону, 100 сайылыгы уонна 200 сылгы базатын тутан үлэҕэ киллэриэхпит, түөрт сибиинньэ киинин тэрийиэхпит.

— Ити хотоннор, сайылыктар ханнык улууска тутуллаллара биллэр дуо?

— Суох. Тутуу барыта сокуон быһыытынан, хоруупсуйаны күөдьүппэт туһуттан оробуочай хамыыһыйа быһаарыытынан ыытыллыаҕа. Манна “Саҥа саҕалыыр бааһынай”, “Бааһынай хаһаайыстыба базатыгар дьиэ кэргэн пиэрмэтин тутуу” федеральнай бырагыраамалар эмиэ тирэх буолуохтара.
Сүөһүттэн үрдүк бородууксуйаны ыларга болҕомто ахсааҥҥа эрэ буолбакка, хаачыстыбаҕа ууруллуохтаах. Ити иһин, племенной үлэни күүһүрдэн, өлгөм үүтү уонна төрөлкөй төрүөҕү биэрэр сүөһү чорботуллуоҕа. Искусственнай сиэмэлээһиҥҥэ киирэ илик нэһилиэктэргэ үчүгэй оҕус суох буолан, чааһынай ыаллар уонна дьоҕус бааһынай хаһаайыстыбалар төһө даҕаны биир күн өрөөбөккө түбүгүрэн, сүөһүлэрин көрдөллөр-иһиттэллэр, үүтү ыаһыннарын таһыма намыһах. Кинилэр төрдө-ууһа биллэр, үрдүк бородууксуйаны биэрэр сүөһүнү иитэллэрэ буоллар, элбэх үүтү-эти соҕотуопкалаан, сыралара халтайга хаалыа суох этэ. Холобур, «Полюс холода» кэпэрэтиип Дьааҥы улууһугар саамай үрдүк көрдөрүүлээх. Тоҕо диэтэххэ, бу хаһаайыстыба илин эҥээр улуустартан племенной ынахтары илдьэн иитэр, бэйэтэ осеменатордаах. Билигин искусственнай буоһатыынан ынах сүөһү 48 %- ын хабар буоллахпытына, кэлэр өттүгэр 60 %-ҥа тиэрдиэхтээхпит.
Бородууксуйаны дэлэтиигэ сүөһү аһылыгын базата быһаарар оруолу ыларын, онон үүнүүнү бааһынаттан ыларга дьулуһуохтаахпыт. Манна 2017 сылтан үлэлиир «Сүөһү аһылыгын оҥорон таһаарыыны сайыннарыы» бырагыраама тирэх буолуоҕа. Бу бырагыраама олоххо киириэҕиттэн сиилэһи, сенаһы оҥоруу биллэрдик улаатта, хаһаайыстыбалар үлэ тиэхиньикэтинэн хааччыллыылара тубуста. Аны үүтүнэн, этинэн, хортуоппуйунан эрэ муҥурдаммаккабыт, ас-үөл бары көрүҥүн, ол иһигэр сир аһын бородууксуйатын, мүөтү уо.д.а. оҥорон таһаарыыны элбэтиигэ эмиэ үлэлиэхпит.

— 2018 сыл түмүгэ чөкөтүллэн эрдэҕэ буолуо. Хайдахпытый?

— Билигин сыыппаралар түмүллэ, чопчулана сылдьаллар эрээри, барыллааһын түмүгү билиһиннэриэххэ сөп. РФ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кытары түһэрсибит сөбүлэһиибит чэрчитинэн ылыммыт былааммытын 35 көрүҥтэн биэһин толорботубут: таба, сылгы ахсааныгар, үүнээйини страховкалааһыҥҥа уонна козалаах барааҥҥа. 2017-2018 сыллаах уустук кыстык түмүгэр, сылгы ахсаана кыратык түстэ. Бу биричиинэтэ биллэр: хотугу уонна киин улуустарга сылгы аһылыкка маассабайдык киирэн, ынах сүөһүгэ анаммыт нуорманы сарбыйан, күчүмэҕэйдэр үөскүү сылдьыбыттара. Сылгы диэн айылҕа кыыла буоллаҕа, бэйэтин харыстанан, мөлтөх дьылга кулуннуурун түмүгэр, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн кулуну ылыы 49 %-ҥа эрэ тэҥнэстэ. Ынах сүөһү ахсаана арыый туруктаах, көрүүтүн-истиитин кыайбакка сааһырбыт чааһынай дьоннор сүөһүлэрин көҕүрэтэллэр, ол оннугар тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар элбэтэн иһэллэр. Үүтү ыаһын уонна соҕотуопка көрдөрүүтэ куһаҕана суох. Сиртэн үүнээйини ылыы салаатыгар үчүгэй көрдөрүү ситиһилиннэ. Ыһыы сирин иэнэ сыллата улаатар. Холобур, 2017 сылы кытары тэҥнээтэххэ, бурдук 369 гектарынан киэҥ бааһынаҕа ыһыллыбыта. Күһүн Аммаҕа уонна Мэҥэ Хаҥаласка хаар эрдэ түһэн, төһө да үүнүү отучча бырыһыанын сүтэрдэрбит, 10 тыһ т бурдук хомулунна, хортуоппуйга итиэннэ оҕуруот аһыгар сорудах толорулунна. Барыллаан түмүгүнэн, баалабайынан 26 млрд 373 мөл солк суумалаах бородууксуйа оҥоһулунна, 2017 сыл түмүгүнэн бу көрдөрүү 25 млрд 289 мөл этэ.

Дьэ бу ситиһиибитигэр тирэҕирэммит, тэтиммитин ыһыктыбакка, өссө түмсүүлээхтик үлэлиирбит ирдэнэр. Министиэристибэҕэ салааларынан мунньахтары тэрийэммит, көрүллүбүт үбү-харчыны сылларынан аттаран, былааннарбытын торумнаан, ыйааҕы олоххо киллэрэр үлэни-хамнаһы саҕалаатыбыт. Саамай сүрүнэ бу барыта тыа сиригэр олох-дьаһах туруктаах, хаһаайыстыбалар бигэ, дьон үлэлээх-хамнастаах, оттон өрөспүүбүлүкэҕэ ас-үөл өттүнэн куттал суох буоларын, оҕолорбут, ыччаттарбыт чэгиэн-чэбдик доруобуйалаах, чөл куттаах-сүрдээх буолалларын туһугар тэриллэр.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0