Болҕомто — эбээн тылын үөрэтиигэ

Ааптар: 
24.03.2019
Бөлөххө киир:

Быйылгы сыл Омуктар холбоһуктаах нациялара быһаарыытынан Төрүт омуктар тылларын сылынан биллэриллибитэ.

 edersaas.ru

Ол да иһин буолуо, бу күннэргэ Дьокуускайга эбээннэр V сийиэстэригэр сүрүннээн бу боппуруоска улахан болҕомто уурулунна. Бу туһунан Өймөкөөн улууһун эбээннэрин ассоциациятын чилиэнэ, улуустааҕы сахалыы тыллаах «Хотугу сардаҥа» хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэндьиэнэ Валентина Прокопьева бу курдук кэпсиир:

Арктика сайдыытын миниистирин солбуйааччы Михаил Погодаев бэлиэтээбитинэн, тылы сайыннарыы биир сүрүн хайысхатынан аҕыйах ахсааннаах норуоттар түөлбэлээн олорор сирдэригэр төрүт омуктар тылларын үөрэтиигэ ураты болҕомто ууруллуохтаах. Кини омук сирдэригэр тэрилтэлэр ааттара төрүт омуктар тылларынан тылбаастанан суруллан туралларын холобурдаата. Оннооҕор төрөөбүт тылларын билбэт дьон үлэ булаллара уустук эбит. Кэрэхсэбиллээҕэ баар, мандатнай хамыыһыйа эбээннэр V сийиэстэрэ талыллан кэлбит дэлэгээттэр бары төрөөбүт тылларын билэллэринэн историяҕа киириэҕэ диэн иһитиннэрдэ.

Мин улуустааҕы аҕыйах ахсааннаах норуоттар ассоциацияларын чилиэнэ буоларым быһыытынан эбээннэр IV сийиэстэригэр дэлэгээт быһыытынан эмиэ сылдьыбытым. Онно эбээн тылын оскуолаларга предмет быһыытынан киллэрэргэ этии киллэрбиттэрин, дэлэгээттэр ылыммыттара. Ол эрээри Сордонноох орто оскуолатыгар эбээн норуотун тылын, култууратын, абыычайын уонна фольклорун пропагандиһа Екатерина Таркова эбээн тылын үөрэтиини куруһуок курдук ыытан баран, сотору кэминэн аккаастаммыта. Төрүөтэ – эбээн тылын үөрэтии анал кинигэтэ суох көннөрү тылынан оҕону үөрэтии олус уустук эбит, — диэбитэ.

Улууспутугар ассоциациябыт салайааччыта суох буолан, ким хайдах сатыырынан үлэлиибит. Дьону түмэр, биир хайысханан үлэлииргэ барыбытын сомоҕолуур салайааччы наада этэ да, оннук киһибит суох. Онон ыччаты бэйэҕэ тардан, кинилэри инники күөҥҥэ таһаарыы – кэм ирдэбилэ, — диэн санаатын үллэстэр уопсастыбаннай олоххо көхтөөх  актыыбынай уопсастыбанньык, эбээн норуотун чулуу кыыһа Валентина Прокопьева. Кини сөпкө бэлиэтээбитин курдук, улууска аҕыйах ахсааннаах норуоттар ассоциациялара уота-күөһэ суох үлэлиир буолан, сийиэскэ кыттыан баҕалаах үгүс киһи тэрээһин туһунан  билбэккэ да хаалла.

Онон быйылгы сийиэскэ өрөспүүбүлүкэ эбээннэрин сойууһун бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыт Анатолий Степанов улуустарга баар уопсастыбаннай тэриллиилэр, ассоциациялар үлэлэригэр болҕомтотун ууруон наада.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0