Болҕойуҥ! «Саха таҥаһа» хаартысканан куонкуруска кыттыҥ!

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Сахалыы судаарыстыбаннай  хаһыат тэриллибитэ 100 сылынан уонна уйгу-быйаҥ ыһыаҕынан сибээстээн, «Саха сирэ» хаһыат /edersaas.ru/ дьиэ кэргэнинэн сахалыы таҥас күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥырабыт.

Эһиэхэ анаан «Саха талба-мааны таҥаһа» хаартысканан күөн күрэс ыытыллар. Күрэскэ кыттааччылар сайаапкаҕытын, хаартыскаҕытын бэс ыйын 15 күнүттэн бэс ыйын 20 күнүгэр диэри 8-984-117-3449 нүөмэргэ батсаапка ыытаҕыт. Бэс ыйын 21 күнүттэн бэс ыйын 25 күнүгэр диэри edersaas.ru саайтка куоластааһын ыытыллар.

Кыайыылаах куоластааһын түмүгүнэн быһаарыллар. Түмүк бэс ыйын 26 күнүгэр тахсар. Дьиэ кэргэнинэн кыттыҥ, самаан сайын үтүөтүгэр үөрүҥ-көтүҥ. Кыайыылаахтары бириистэр күүтэллэр.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0