Болҕойуҥ, күрэс!

Ааптар: 
28.11.2016
Бөлөххө киир:

Сахалыы Бикипиэдьийэ уонна “Сахамедиа” холдинг “Нэһилиэк — Бикипиэдьийэҕэ” диэн ааттаах олус интэриэһинэй күрэс биллэрдэ. Күрэскэ ким баҕалаах барыта кыттыан сөп, сааһынан хааччаҕа суох.

Атыннык эттэххэ, Сахалыы Бикипиэдьийэҕэ бэйэҥ нэһилиэгиҥ, онно олорбут, үлэлээбит өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр дьон, хаһааҥҥыта эрэ баар буола сылдьыбыт холкуос, сопхуос, билигин да үлэлии турарар тэрилтэ уо.д.а. туһунан суруйаҕыт. Манна киллэриллэр ыстатыйалар нэһилиэккэ быһаччы сыһыаннаах буолуохтаахтар. Киирэр үлэ темата суолталаах буолуохтаах. Ис хоһооно итэҕэтиилээх источниктарынан бигэргэтиллиэхтээх, бэрэбиэркэлэнэр кыахтаах буолуохтаах.
Күрэс ирдэбилэ олус судургу. Саамай сүрүнэ – энциклопедия ыстатыйатын халыыбынан суруллар. Ааптар сыһыана (ол эбэтэр “олус үчүгэй” эҥин диэн сыана быһыллыбат) суох буолуохтаах. Тылын ахсаана 200-тэн аҕыйах буолуо суохтаах. Кыттааччылар ыстатыйаҕыт уонна бэйэҕит ааккытын анал табылыыссаҕа суруйаргытын умнумаҥ. Ыстатыйаларгытын тохсунньу 15 күнүгэр диэри күүтэбит.
Кыайыылаах үс нэһилиэги хамыыһыйа талыаҕа, кинилэргэ анал сэртипикээт биэриэхтэрэ. Ону таһынан биирдиилээн көхтөөх ааптардар туоһу сурук, сэмэй бэлэх тутуохтара. Бастаабыт нэһилиэк туһунан анал матырыйаалы “Саха сирэ” хаһыакка бэчээттиэхпит.
Балаһыанньа толору барылын Сахалыы бикипиэдьийэ саайтыгар көрүөххүтүн сөп. Ыйытыыларгытын +79246618833 бассаабынан, halan@yandex.ru почтанан (Сахалыы Бикипиэдьийэ дьаһабыла Николай Павловка-Халаҥҥа) ыытыаххытын сөп. Көхтөөхтүк кыттыҥ! Нэһилиэккитин ааттатыҥ! Бириистэ сүүйүҥ!

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0