Эдэр кыргыттар бу күн Боҕоруодуссаҕа үҥтэхтэринэ, эргэ тахсаллара.
Алтынньы ый 14 күнэ православнай таҥара итэҕэлинэн, Сибэтиэй Боҕоруодусса Бокуруобун, судургутук эттэххэ, Бокуруоп күнэ. Номоххо этиллэринэн, 910 сыллаахха мусульманскай итэҕэллээхтэр Константинополь куораты сэриилээн ылбыттарыгар, олохтоохтор храмҥа киирэн хорҕойбуттар. Онуоха үөһэ халлаантан Боҕоруодусса аанньалларын илдьэ түспүт уонна храмы былаатынан бүрүйэ сабан, өстөөх кыайан киирбэт оҥорбут. Ити алтынньы 14 күнэ үүнэр түүнүгэр эбит. Быыһаммыт дьон харса суох сэриилэһэн, куораттарын өстөөхтөн босхолообуттар. Итинтэн ыла бу күн Сибэтиэй Боҕоруодусса Бокуруобун күнэ дэнэр буолбут. Эргэ тахсыахтарын баҕарар эдэр кыргыттар бу күн сиэркэпкэ тиийэн, Боҕоруодусса мөссүөнүгэр үҥэн баран чүмэчи туруордахтарына, хайаан да аналларын көрсөллөр үһү.
Биһиэхэ, сахаларга, бу эмиэ бэлиэ күн. Чуолаан бу күнтэн 220 хонуктаах кыһыҥҥы кэм саҕаланар. Онон, Бокуруобу дьиэлэрин-уоттарын сылаастык оҥостон, сүөһүнү хотоҥҥо киллэрэн, быһата, кыстыкка киирии түбүгүн үмүрүтэн көрсөллөр. Муҥхалааһын, идэһэни дьаһайыы саҕаланар.
Дьыл алтыһыыта буолан, Бокуруоп билгэтэ элбэх. Бу күнүнэн кыһыны сылыктыыллар. Ол курдук, маҥнайгы хаар алтынньы 14 күнүгэр диэри түстэҕинэ, кыһын арыый хойутуур, оттон Бокуруоп күн хаардаатаҕына, Миитэрэйэпкэ (сэтинньи 8 күнүгэр) эмиэ түһэр, Бокуруопка күн-дьыл хайдаҕый да, кыһына оннук буолуо дэнэр.
Күнү-дьылы сабаҕалааччы Максим Сибиряков кырдьаҕас маннык билгэлээн турардаах:
— Бэрт үчүгэй дьыл буолла, барыта кэлиэхтээх кэмигэр кэлэн иһэр. Тыаҕа көтөҕө түһэ илик дииллэр да, күһүн, омуннаатахха, балтараа ый кэриҥэ ардаата, үрэх барыта туолла, сир тотто, аны саас уу кэлиэ. Хаар түһэ илигинэн сылгы хаһыытын туһунан билигин этэр эрдэ. Ити эрээри, ханна да үчүгэйдик кэнчээрилээтэ. Онон, хаардыырын быыһыгар ириэрэ-ириэрэ эбэтэр ардаан баран тоҥорон муус килиэ оҥорботор эрэ, сылгыга ааттаах үчүгэй дьыл буолуо. Уһуннук ардаабытын быһыытынан, кэмчи соҕус хаардаах, сөбүгэр тымныы кыһыны күүтэбин.
Раиса Сибирякова, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru