Бокулуон биэрэбин киниэхэ, учуутал буолбут киһиэхэ!

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Учуутал күнүнэн Полина-Победа истиҥ эҕэрдэтин тиэрдэр. «Учуутал үлэтэ — бу тулуур» диэн этэр кини хоһоонугар. 

ТӨЛӨММӨТ ИЭС

Учуутал үлэтэ сыралаах
Сыаналыы саныаҕыҥ биир түгэн:
Эн оҕоҥ бэйэҕэр соҕотох —
Киниэхэ кылааска сүүрбэччэ.

Биир оҕо өйдүөҕэ бытааннык,
Иккиһэ билбэккэ эрэйдиэ,
Үсүһэ «билэбин» мэһэйдиэ,
Төрдүһэ улдьаара олоруо.

Араас ыал оҕото мустаннар
Учуутал олоҕор киирэллэр,
Билиини биэрэрин таһынан
Олоххо элбэххэ уһуйар.

Үчүгэй үөрэхтээх оҕонон
Киэн туттуо төрөппүт бэйэтэ,
Бэрээдэк кэһээччи оҕоҕо
Эппиэттиэ учуутал соҕотох.

Учуутал үлэтэ — бу тулуур
Дьиэтигэр да кэлэн уоскуйбат,
Уон сыллаах үлэтин түмүгэ —
Сүүрбэччэ ол оҕо дьылҕата!

Бокулуон биэрэбин киниэхэ
Учуутал бу буолбут киһиэхэ!
Хас киһи барыта киниэхэ
Төлөммөт иэстээҕин таайабын.

Полина-Победа,

Уус Алдан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0