Боксердарбыт уокурук чөмпүйэнээтиттэн үс кыһыл көмүс мэтээллээх эргилиннилэр
Южно-Сахалинскай куоракка түмүктэммит боксаҕа 17-18 саастаах уолаттар ортолоругар Уһук Илиҥҥи уокурук чөмпүйэнээтигэр Саха сирин спортсменнара хамаанданан түмүккэ бастакы миэстэҕэ таҕыстылар.
Приморье, Магадан, Хабаровскай кыраай, Амур, Сахалин, Еврей автономнай уобаластарын спортсменнара кыттыылаах күрэхтэһиигэ Саха сирин боксердара үс кыһыл көмүс мэтээли ыллылар.
Ол курдук, 52 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа тириэньэр Илья Иванов иитиллээччитэ Виталий Стручков чөмпүйүөнүнэн буолла. Кыайыылааҕы быһаарар түмүк киирсиигэ кинини утары Приморье боксера Кирилл Кохнюк тахсыбыта. Судьуйалар ол көрсүһүүнү турнир кыраһыабай киирсиитинэн билиммиттэрэ.
69 киилэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо спортивнай оскуолатын иитиллээччитэ Назар Андреев бастаата.
91 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа Ленскэй боксера Антон Ащук тэҥнээҕин булбата.
Бу үс боксер олунньу 11 күнүттэн Сыктывкарга саҕаланар Арассыыйаҕа бастыыр иһин күрэхтэһиигэ кыттар быраабы ыллылар.