Бойобуой доҕордоһуу булгуруйбат!

03.03.2020
Бөлөххө киир:

«Сэбиэскэй Сойууска сулууспалыыбын!». Үйэ аҥаарын анараа өттүгэр  Ийэ дойдуларын сырдык, дьоллоох олоҕун, бигэ туругун  харабыллааһыҥҥа, бөҕөргөтүүгэ, наада тирээн кэллэҕинэ саа-саадах тутан көмүскүүргэ эр киһи буолан айыллыбыт  сибэтиэй иэстэрин чиэһинэйдик, эрэллээхтик толорор саллааттар хайҕаннахтарына, наҕараадаланнахтарына итинник киэн тутта арааппардыыллара. Аҕа дойдуга бэриниилээх буолуу холобурун көрдөрөллөрө.

edersaas.ru

Оччоттон баччаҕа аармыйаҕа сулууспалааһын – чиэс- суобас дьыалата. Эдэр эрдэҕэс буутун этэ буһар, сиһин этэ ситэр, уҥуохтара кытаатар, өйүн-санаатын тутар,  эр киһи уйана-хатана биллэр, уһаарыллан  тахсар оскуолата буоллаҕа. Аптамаат тутан туран,  Аҕа дойдуга бэриниилээх буоларга  андаҕар биэрэн, саллаат эриирдээх-мускуурдаах сулууспатын эрэйигэр-кыһалҕатыгар хатарыллыбыт бойобуой доҕордоһуу   дьыллары-сыллары уҥуордаан  лыҥкынас ыстаал курдук дьэбиннирбэт-саккааҕырбат,  саха сытыы быһаҕын курдук биитэ-кылаана сынтарыйбат, сыппаабат.

“Диэмбэл-78”-тар

Ити курдук кураанаҕынан куолулаабатым.  Соторутааҕыта  Дьокуускайга Аҕа дойдуну көмүскээччи күнүгэр ааспыт үйэ 70-с сылларыгар Приморьеҕа араас байыаннай чаастарга биир кэмҥэ сулууспалаабыт, 60-нарын ааспыт, төһө да оройдоро килэбэчийдэр, чанчыктара кыаһааннырдар,  бэрт сэргэх уолаттар   Улуу Кыайыы 75 сыллаах  өрөгөйдөөх үбүлүөйүн көрсө  улуустартан 30-ча буолан мустан үөрэн-көтөн, кэпсэтэн-ипсэтэн, уруккуларын-хойуккуларын санаһан,  сүбэлэһэн-амалаһан, ахтылҕаннарын таһааран  аастылар. Аҕамсыйбыт дьон билигин да олох үөһүгэр, үлэлии-хамсыы сылдьаллар.  Бочуоттаах  сынньалаҥҥа  да тахсыбыттар,  тыа дьонун сиэринэн, сүөһүлэнэн-сылгыланан, оттоон-мастаан, бултаан-алтаан, ньир-бааччы ыал аҕа баһылыктара буолан таах олорботтор.

Маладьыастарыҥ, билигин да  көрөллөрө-истэллэрэ  сүрдээх, харахтара сытыыта, илиилэрэ  титирэстээбэтэ сөхтөрдө.  Мунньаҕынан, сэлэһиинэн муҥурдамматылар. 5 №-дээх оҕо-ыччат спортивнай оскуолатын базатыгар  буулдьанан ытыыга күрэхтэстилэр. 10-на ытан, 80-70-тан тахсалыы очукуолаахтар күннээтилэр. Ол курдук, Афанасий Дьячковскай  I (86  очукуо), Николай Николаев II (77 очукуо), Петр Алексеев III (75 очукуо)  миэстэлэстилэр.   Кырдьаҕас саллааттар билигин да «буорахтара кураанах»,  наада тирээтэҕинэ  саа-саадах тутан Аҕа дойдуларын көмүскүүр, өстөөҕү сүүскэ түһэрэр кыахтаахтарын көрдөрдүлэр. Бу күрэхтэһиилэрин Улуу Кыайыы 75 сылыгар,   кырыктаах, халабырдьыт  өстөөҕү утары Ийэ дойдуларын көҥүлүн туруулаһан сырдык тыыннарын толук уурбут аҕа көлүөнэ Дьоруой дьоммут сырдык кэриэстэригэр анаатылар.

Эр  киһи ытык  иэһин  толоруохтаах

– Мин 1976  сыллаахха 18 -таах уол  аармыйаҕа Үөһээ Бүлүүттэн ыҥырыллыбытым, улуустан уопсайа 8-сыа этибит. Чурапчыттан, Уус Алдантан, Мэҥэ Хаҥаластан 5-6-лыы, о.д.а. сирдэртэн бааллара. Приморьеҕа Варфоломеевкаҕа турар дьоҕус чааска Саха сириттэн 40-ча, соҕуруу Пермь уобалаһыттан  20-чэ уол, уопсайа  200-чэ буолан сыл аҥаара сулууспалаабыппыт. Салгыы Филино гарнизонугар араас чаастарга тарҕаһан, балтараа  сыл курдук чугас-чугас сулууспалаан, 1978 сыллаахха диэмбэллэммиппит,— «Однополчаннар»  түмсүүнү тэрийиини көҕүлээччилэртэн биирдэстэрэ  Үөһээ Бүлүүтээҕи Айылҕа харыстабылын иниспиэксийэтин салайааччы, Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо  Василий Васильевич Титовтуун сэһэргэһэбит. – Үөһээ бүлүүлэр, өссө 2010 сылтан, Кыайыы 65 сылыттан тэринэн, улууспутугар  түмсэр, бэйэ-бэйэбитин өйөһөр, көмөлөсүһэр буолбуппут. Биргэ сулууспалаабыт уолаттарбытын   өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ирдэһэргэ, буларга оччолортон  улуус Ыксаллаах быһыыга-майгыга сулууспатын салайааччы Степан Иванович Алексеев көмөтө-өҥөтө улахан.  Инньэ гынан Кыайыы 70 сылыгар  өрөспүүбүлүкэ таһымынан түмсүүбүтүгэр  Дьокуускайга 16 буолан көрсүбүппүт. Быйыл Кыайыы 75 сыллаах үбүлүөйүн көрсө Варфоломеевка, Филино чаастарыгар сулууспалаабыттар  42  сыл  кэнниттэн  26 буолан муһуннубут.

Билигин да үксүбүт араас хайысханан үлэлии сылдьабыт. Үөһээ Бүлүүттэн  Степан Иванович Дмитриев  Балаҕаннаах нэһилиэгин баһылыга,  эмиэ Степан Иванович Алексеев  Туобуйа нэһилиэгин баһылыга, Николай Николаевич Николаев  улуус дьокутааттарын  Мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ. Биһиги, бииргэ сулууспалаабыт саастаах дьон, манык түмсүүлээхпитинэн киэн туттабыт. Эдэрдэргэ, оҕолорбутугар-урууларбытыгар  эр дьон бойобуой доҕордоһууларын  эрэллээх, үйэлээх холобурун  көрдөрөбүт. Аармыйаҕа сулууспалааһын  эр киһи олоҕун  умнуллубат, тутаах кэрчигэ, буһуу-хатыы  оскуолата  буолар. Аҕа дойдугут патриоттарын быһыытынан, ытык иэскитин толорууттан  туора турумаҥ диэн сүбэлиибит.

Николай Гаврильевич Колодезников, Уус Алдан,  Суотту  олохтооҕо. Сэбиэскэй саҕана «Лена» сопхуоска сүөһү  турар хотоннорун мэхэньисээссийэлээһин инженеринэн, кэлин оҕуруот биригэдьииринэн үлэлээбитэ:

Оскуола кэнниттэн  1973-1976 сылларга Өлүөхүмэтээҕи тыа хаһаайыстыбатын мэхэньисээссийэлээһин  техникумун бүтэрээт, аармыйаҕа  ыҥырыллыбытым. Минометнай батареяҕа  сыалы  хайдах таба ытары ааҕааччы-суоттааччы (вычислитель) этим. Ефрейтор сыбаанньалааҕым. Аармыйаҕа киһи уйулҕата, өйө-санаата бөҕөргүүр. Эргиччи сайдаҕын. Биир бэйэм нууччалыы холкутук саҥарар, кэпсэтэр  буолан кэлбитим. Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ Аҕа дойдуга  бэриниилээх буолуу, омук -омуктуун  доҕордуу сыһыан өйдөбүлэ үрдүктүк тутуллар. Эһэм Николай Алексеевич Парников сэрии кыттыылааҕа, Ильмень күөлгэ тыына быстыбыта. Аҕам Гаврил Семенович Колодезников, интернационалист-буойун, Корея сэриитин кыттыылааҕа.        

Николай Иннокентьевич Сивцев, Чурапчы  улууһун Мугудай нэһилиэгиттэн:

– Оскуола кэнниттэн уол оҕо аармыйаҕа сулууспалаан элбэххэ үөрэнэр. Күүс-уох, доруобуйа, өй-санаа өттүнэн  сайдан кэлэр. Олоҕун суолун булар. Бииргэ сулууспалаабыт саллааттар бүтүн олохторун устата, биһиги курдук, сүтэрсибэккэ тутуһа сылдьар, көмөлөсүһэр-өйөсүһэр  үтүө үгэстэрдээх, доҕордоһууга бэриниилээх  холобурдардаах түмсүүлэри уопсастыбаннай тэрилтэлэр, судаарыстыбаннай  уорганнар өйдүүллэрэ, өйүүллэрэ буоллар диэн санаалаахпын. Ыччаты, үүнэр көлүөнэни Аҕа дойдуларын төлөннөөх патриоттара  гына иитэн таһаарарга эһэлэрин, аҕаларын – кырдьаҕас саллааттар көҕүлээһиннэрэ, сүбэлэрэ, үөрэтиилэрэ-такайыылара өйөбүл-тирэх буоларыгар саарбахтаабаппын.

Афанасий Петрович Дьячковскай,  “Однополчаннар” түмсүү биир сүрүннээччитэ, Чурапчы Одьулуунуттан төрүттээх Дьокуускай олохтооҕо:

—Биһиги  ыҥырыллыыттан Варфоломеевкаҕа  7-тиэ буолан авторотаҕа бииргэ сулууспалаабыппыт: Чурапчыттан  Саввинов Сидор, Леонтьев Роман, Уус Алдантан Охлопков Василий, Пермяков Егор, Покровскайтан Громов Илья, Сунтаартан  Филиппов Алексей. Бэйэ-бэйэбитин өйөнсөн, бииргэ тутуһан сылдьыбыппыт.

Аармыйа кэнниттэн СГУ-ну   инженер-тутааччы идэлээх үөрэнэн бүтэрбитим.  Дьиэ тутар кэмбинээккэ  болуотунньуктан саҕалаан, биригэдьииринэн, маастарынан, салгыы 4 №-дээх ТМУ-га учаастак начаалынньыгынан  90-с сыллардаах үрэллии, ыһыллыы буолуор диэри үлэлээбитим. Онтон тутууга биирдэм урбаанньыттыы сылдьан,  2000 сыллаахтан  университекка бииргэ үөрэммит Ховров Александр Иванович  генеральнай дириэктэрдээх  “Сахаагропромстрой”  трилтэ гендириэктэрин производствоҕа солбуйааччынан  үлэлээбитим.

Аҕалар, эһээлэр, кырдьаҕас саллааттар маннык үйэлээх түмсүүлэрэ ычаппытын, оҕолорбутун дьиҥнээх эр киһилии, доҕордоһууга, онтон саҕалаан дьоҥҥо норуокка, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх, эрэллээх  буоларга иитэргэ  көҕүлүүр күүс буолуон  сөп. Биһиги көҕүлээһиммитин өйдөөн, өйөөн  Улуу Кыайыы 75 сылыгар  анаммыт  буулдьанан ытыыга күрэхтэһиини тэрийбит, быйылгы үбүлүөйдээх түмсүүбүт суолтатын үрдэппит ытык киһибитигэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Буулдьанан ытыыга федерациятын  бэрэссэдээтэлин солбуйааччы  Иван Маркович Гурьевка сааһырбыт саллааттар ааттарыттан барҕа махталбытын тириэрдэбит. Аныгы кэм диэмбэллэрин, ыччаппытын биһиги  холобурбутун батыһыҥ, бэйэ бэйэҕитин сүтэрсимэҥ, олоххо тутуһа сылдьыҥ, үөрэниҥ, үлэлээҥ, инники сайдыыга эрэллээхтик хардыылааҥ диэн ыҥырабыт!

 Туомтуу тардан

Бу маннык, Ийэ дойдуга, бирисээгэҕэ бэриниилээх, доҕодоһуу, үтүө санаа өйдөбүллэрин үрдүктүк тутар  дьон олоҕу хамсаталлар. Кинилэр курдук Ийэ дойдуларыгар  ытык иэстэрин чиэстээхтик  төлөөбүт  уонунан тыһыынчанан эр дьону, аҕалары түмэр, кыахтарын, олоххо муударастарын оҕолору, ыччаппытын  Аҕа дойдуларын көмүскээччи, патриот дьон быһыытынан иитэргэ төһөлөөх күүс, тирэх буолуо этэй…

                                           Иван  Ксенофонтов-Силиги, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0