Саха сирэ коронавируһу бохсууга федеральнай бүддьүөттэн 580 мөлүйүөн солкуобайы ылыаҕа

24.04.2020
Бөлөххө киир:

Саха сирэ коронавируһу бохсууга федеральнай бүддьүөттэн 580 мөлүйүөн солкуобайы ылыаҕа диэн ТАСС иһитиннэрэр. 

Коронавирус дьаҥа тарҕаммытынан доруобуйа харыстабылыгар диэн Арассыыйа эрэгийиэннэригэр федеральнай бүддьүөттэн 50 млрд солкуобай көрүлүннэ, ол иһигэр 33 млрд солкуобайтан тахса суума  — стационардары оборудованиенын уонна куойкаларынан хааччыйыыга.

«РФ бырабыыталыстыбата Уһук Илин эрэгийиэннэригэр коронавируһу бохсууга харчы көрөр. Саха сирэ 388 мөлүйүөн солкуобайы харыстанар малынан-салынан уонна эбии куойкаларынан хааччынарга, 196,8 мөлүйүөн солкуобайы мэдиссиинэ үлэһиттэриy эбии төлөбүрүгэр, 12 ИВЛ-аппараты уонна 11 «суһал көмө» массыынатын ыларыгар ыытыаҕа», — диэн иһитиннэрэллэр.

РФ бырабыыталыстыбатын дьаһалынан Уһук Илин 3,2 млрд солкуобайы куойкаларынан хааччыйыыга, харыстанар малга-салга ылыаҕа. Өссө 988 мөлүйүөн солкуобай Арассыыйа бырабыыталыстыбатын резервнэй пуондатыттан көрүлүннэ, бу үп коронавирустаах дьону кытта үлэлиир мэдиссиинэ үлэһиттэрин эбии төлөбүрдэригэр барыаҕа.

Саха сиригэр чэппиэрдээҕи дааннайдарынан, 130 киһи коронавирус дьаҥыгар сутуллубута биллэр, онтон 17 киһи үтүөрдэ. Ааспыт сууккаҕа эрэгийиэҥҥэ түөрт киһи саҥа ыалдьыбыта, биир киһи үтүөрбүтэ.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0