Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар Бастыҥ үлэ династиялар Бочуоттарын кинигэтигэр биэс дьиэ кэргэн оннугар, уон ыал киириэҕэ. Маннык быһаарыныыны муус устар 14 күнүгэр онлайн көрүҥүнэн үлэлээбит анал хамыыһыйа быһаарда.
— Үбүлүөйдээх сылга Бочуот кинигэтигэр уопсай үлэ ыстаастара 200 сылтан тахсыбыт дьиэ кэргэттэр бары киириэхтэрэ. Бу өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар улахан кылааттарын киллэрбит ыаллар, — диэн вице-премьер Ольга Балабкина бэлиэтээтэ.
Кыайыылаах дьиэ кэргэттэр уопсай үлэ ыстаастара — 203 сылтан 380 сылга диэри. Үөрэҕириигэ, тыа хаһаайыстыбатыгар, көмүүһү хостооһуҥҥа, доруобуйа харыстабылыгар, суудунаны оҥорууга үлэлээбит, Дьааҥыга, Мэҥэ Хаҥаласка, Усуйаанаҕа, Алдаҥҥа, Хаҥаласка, Жатайга уонна Дьокуускайга олорор, туруу үлэһит дьиэ кэргэттэр буолаллар.
Урут Бочуот кинигэтигэр сыл аайы биэстии дьэ кэргэн киирэр этэ. Быйыл куонкуруска 71 династия сайаапка биэрбит. Кинилэр биир идэни талан, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ маастарыстыбаларын, уопуттарын биэрэн, үтүө суобастаахтык үлэлээбит, үлэттэн дьолу булбут дьон. Үлэ династиятыгар ийэ, аҕа, оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ, күтүөттэрэ, кийииттэрэ, бииргэ төрөөбүттэрэ киирэллэр. Династия баһылыгынан аан бастаан бу идэни ылан, үлэни саҕалаабыт киһи ааттанар.
2013-2021 сылларга Саха сирин Бастыҥ үлэ династияларын Бочуот кинигэтигэр 21 улуустан (куораттан) 45 үлэ династията киирбитэ.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: sakhagov.ru