Тоҕо диэтэргин, саха уола Антон Сафронов – “американец”. Америкалыы истииллээх салайааччы, арҕааҥҥы менеджер. Кини Россияҕа 9 кылааска эрэ диэри үөрэммит “буруйдаах”. Киһи буолуута, улаатыыта, олоххо тус сыаннастарын чопчуланыыта онно ааспыта.
Эдэр салайааччыны салгыы кэпсиир буоллахха, кини аһаҕас киһи. Олус элбэх атастаах-доҕордоох дьон ахсааныгар киирэр. Табаарыстарын үксэ спорт эйгэтиттэн уонна Амма улууһуттан буолуохтарын сөп.
Сахалыы менталитетынан, кини доҕотторо, табаарыстара Антон Александрович салайааччы буолбутугар күлүктэригэр имнэммит буолуохтарын сөп: “Саҥа министиэристибэҕэ Антон нөҥүө үлэ булуохха сөп эбит”. Күлүккэ имнэнии кыралаан баара соцситимнэргэ – “Инстаграм”, “Фейсбук” куйаарыгар көстүтэлээтэ.
Ол эрэн, ити көннөрү “эрэҥкээ” эрэ буолуо. Америка каадырын систиэмэтэ — билсиинэн, көрдөһүүнэн үлэҕэ ылыы диэни букатын көрбөт систиэмэ. Капиталистар үлэһит тус хаачыстыбаларын, үлэҕэ мотивациятын, бэриниитин эрэ көрөллөр. Атынын — суох. Тэрилтэҕэ төһө барыһы аҕалыай, үлэни тупсарыай? – эрэ диэн ирдэбиллэринэн киһини көрөллөр. Салайааччы мөлтөх үлэһити билсиинэн (аймаҕын, табаарыһын, ытыктыыр киһитин көрдөһүүтүнэн) ыллаҕына, онто бэйэтин таҥнары соһон барыа. Түмүгэр, салайааччы тус көрдөрүүтэ мөлтүүр, кэлэктиип иһинээҕи эйгэни бу киһи мөлтөтөр. Бу киһи ойуччу туттар, кэлэктиип иһигэр лааҕырдар үөскүүллэригэр тиэрдэр. Антон Александрович итини бэркэ билэр. “Саха” НКИХ биэрбит бастакы интервьютугар ону бигэргэтэн турар: “Саҥа министиэристибэҕэ дьону тала сылдьабыт, ханнык позицияларга кими туруортуурбутун толкуйдуубут”. Хомойуон иһин, сүрүн “позицияларга” кими туруорары киниттэн ыйыппатылар: “Бу дьону кытта үлэлиигин” эрэ диэтилэр уонна Загоренко (1 солбуйааччы), Бравина (солбуйааччы), Андросов (солбуйааччы) диэки ыйдылар. Чэ, буоллун, Россияҕа “менеджер ханнык баҕарар хамаанданы кытта үлэлиэхтээх” диэн луозуну сөбүлүүллэр. Сэрэйдэххэ, билигин Антон Александрович солбуйааччыттан аллара дуоһунастары (отдел салайааччылара, исписэлиистэр) көрө, толкуйдуу сылдьар буолуохтаах.
Туох да диэбит иһин, биһиэхэ урут суох, саҥа үйэ биэдэмистибэтэ буолла диэн астынан олоробун. Биэдэмистибэҕэ личность оруола улахан. Антон Сафронов — Ил Дархан биир табыллыбыт каадырга анааһынын быһыытынан сыаналыыбын. “Саҥа уол” хайдах-туох үлэлиирин миигинэ да суох, киһи барыта сэмээр кэтиир быһыылаах.
Прокопий БУБЯКИН, https://edersaas.ru/