Блогер: Сүллүүкүттэр диэбитим…

16.02.2017
Бөлөххө киир:

Бүгүн сахалыы  саҥалаахтарга  бэлиэ күн — Ийэ тылбыт күнэ. Сахабыт  тыла  барахсан, өрөгөйдөтөр да, өлөрөр да күүстээх оҕуруктаах тыл буоллаҕа. Ол да иһин, араас кэмнэргэ араастаан  бэлиитикэлээн мөлтөтө-ахсата сатааһыҥҥа  бэриммэккэ, улуу түүрдэр биир саамай былыргы уонна ураты тылларын быһыытынан симэлийбэккэ  баччааҥҥа тиийэн кэллэҕэ.  Тыллаах-өстөөх  буолан, сахаларбыт дэһэ сырыттахпыт, олордохпут.

Биэтэс Билээхэп, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Эмээхсимминиин итинник ис хоһоонноох сэлэһэ-сэлэһэ кымньыы чээйдээн баран,  иһим көппөйбүччэ  хаадьаҥнас дьыбааммар  тиэрэ түһэн,  «Сахам сирин»  ааҕа сытан, бу муҥнааҕым,  утуйан оҥторон хаалбыппын. Арай түүл түһүүбүн.   Тохсунньу томороон тымныыта, сүллүүкүттэр тахсыбыт кэмнэрэ эбит.  Дьэ доҕоор, били баҕайылар ыччаттара бадахтаах, ньааҕынаспыт, ньамаласпыт кыргыттар-уолаттар бөҕө туйахтарын тыаһа тоһугураһыы бөҕө буола түстэ. Көрөөрү гынабын да, сирэйбин туох эрэ хачыгырас саба бүрүйбүт. Эмиэ да илиим-атаҕым хамсаабат гына мууска хам тоҥон сытар курдукпун. Били истибэт, дөйүҥү бэйэм, кулгаахтарым чөллөрүйбүттэрэ сүрдээх. Сүллүүкүттэр ыччаттара тугу кэпсэтэллэрин истэ сытабын.

— Шшш!— биһиэнинэн лидердэрэ быһыылаах, аймалҕаны саба шырдьыгынаан, тохтотон кэбистэ. — Чэйиҥ эрэ, болҕойуҥ. Субу аҕай миэдьийэ- холдиҥҥа былааннааһыҥҥа сылдьан кэллим. Ньюс-румҥа мустан күөс быстыҥа кэм мульти-десктээтибит. Бу Орто дойдуга тахса сылдьар кэммитигэр киһилэр олохторун араас өрүттэрин киэҥник уонна суһаллык сырдатар сорук туруорулунна. Генеральнайбыт онлайн контентын киэҥник, суһаллык репостааһыҥҥа болҕомтотун туһаайда.

Истэн олорооччулар: “ Ок, ок!” — бөҕөтүн түһэрдилэр, сэҥээрдилэр быһыылаах.

— Хаһыат консолюгар блогердар селфилээһиннээх матырыйааллара хайаан да туруоруллуохтаах диэн буолла. Эрэдээксийэҕэ уопуттаах вайнердары аутсорсиҥҥа ылан үлэлэтэр туһунан быһаарыы ылынныбыт.

Сүллүүкүттэр диэн омуктар кус-хаас тойуктарын сатаан өйдөөмүнэ мунаара сытаммын уһукта биэрдим. Сирэйбин хаһыаппынан бүрүнэн сытар эбиппин. Олоро биэрбитим, быйыл үнүбэрситиэти бүтэрэн, куорат хаһыатын кэрэспэдьиэнинэн үлэлээн эрэ сиэн кыыһым дьүөгэлэриниин тоһугураһан кэлэн, чээйдии, үлэлэрин туһунан кэпсэтэ-сэлэһэ олороллор эбит.

Бэйэлээх бэйэбит оҕолорбут-ыччаппыт саҥаларын-иҥэлэрин биһигинньиктэр тылбаасчыта суох өйдүө суохпут, сүллүүкүттэр саҥаларын курдук истииһибит диэн бэркиһээн, кэлэйэн, сиэммиттэн, кыргыттартан ити тугу саҥардыгыт, кэпсэттигит диэн токкоолостум. Онтум баара: онлайн – билигин буола турар түгэн; консоль – тас өрүт, бастакы сирэй(хаһыат); ньюс-рум – сонун хоһо; репост – сонуну тарҕатыы; селфи – бэйэни хаартыскаҕа түһэринии; мульти-деск – остуол тула олорон мунньахтааһын, үлэлээһин; вайн – 20сөк. сытыы, күлүүлээх видео-киинэ, ролик; блогер – тус санаатын суруйар киһи; аутсорсинг – дуогабарынан үлэлээһин; контент – ис хоһоон диэн уу сахалыы хайа баҕарар саҥарыахха сөп эбит.

— Оттон уонна тоҕо сахалыы саҥарбаккыт? — оҕолорум сыыстарын мөҕүтэлиэх санаам кииртэлээтэ.

Биэтэс Билээхэп, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru


+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1