Блогер кэрэ аҥаардар

08.03.2020
Бөлөххө киир:

Билиҥҥи кэмҥэ интэриниэтэ суох олох суох курдук буолла. Үгүс дьоҥҥо интэриниэт – сынньалаҥ, аралдьыйыы, үөрэх, үлэ, доҕоттордуун алтыһыы. Дьахталлар аан дойдутааҕы күннэрин көрсө, Саха сирин “Инстаграмыгар” үгүстэргэ холобур буолар кэрэ аҥаардары таһаарабыт.

edersaas.ru

Уулуссанан баран иһэн, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ сабыылаах түннүктэр нөҥүө дьон тугу гына сылдьарын, хайдах олохтоохторун өҥөйөн көрүөххүтүн баҕарааччыгыт дуо?

Социальнай ситимнэр киһи бу кистэлэҥ баҕатын толордулар. Дьон бэйэтэ “түннүктэрин сабыытын” арыйан, олоҕун көрдөрөр буолла. Тугу аһаабытыттан, ханна сылдьыбытыттан саҕалаан, дьиэтин-уотун, оҕолорун, үлэтин-хамнаһын туһунан күннэтэ сырдатан иһэр.

Мантан сиэттэрэн, “блогер” диэн өйдөбүл баар буолла. Бу тугуй, идэ дуу, аралдьыйар дьарык дуу? Ол да буоллар, сорох блогердар биир-икки интэриэһинэй тиэмэни булан, ону арыйан, дьону үөрэтэн, элбэх сурутааччыланан, эрэкэлээмэ суотугар, онтон аһаан-таҥнан олороллоро баар суол.

Холобур, мөлүйүөнүнэн сурутааччылаах Арассыыйа “сулус-блогердара” блогтарыгар эрэкэлээмэ таһааралларыгар мөлүйүөнүнэн солкуобай тарыыптаахтар дииллэр. Оттон биһиэхэ эмиэ блогердарбыт туспа тарыыптаннылар.

Блогердар таһаарар эрэкэлээмэлэрэ туспа сыаналаах. Ол, биллэн турар, төһө сурутааччылаахтарыттан тутулуктаах. Ортотунан пост 10-20 тыһыынча солкуобай, сторис – 2-3 тыһыынча солкуобай. Бу күнүнэн сүтэн иһэр “сториһы” элбэх киһи син биир интэриэһиргээн көрөр, онон сорох маҕаһыыннар блогердарга анаан сакаастыыллар. Блогер тиийэн, табаары көрөр-истэр, эрэкэлээмэлиир, онтон харчы ылар.

Блог диэн өйдөбүл олохпутугар күүскэ өтөн киирдэ. Сулустар олохторун сэгэтэн көрүү, дьон олоҕуттан дьиҥнээх түбэлтэлэр, туһалаах тиэмэлэр, о.д.а. интэриэһи көбүтэллэр.

Туһалаах тиэмэлэр

Киһи бэйэтин туһунан биллэрэригэр социальнай ситим муҥура суох кыаҕы биэрэр. Дьон болҕомтотун тардыахха эрэ наада. Сорохтор сөхтөрөн, соһутан, дьон болҕомтотун тарда сатыыллар. Ол эрээри, кэтит хаас уруһуйданан, эбэтэр, болуоссакка тахсан, сыгынньахтанан баран үҥкүүлээн “аатырбыт” кыргыттар, салгыы сөхтөрөр, блогтарын са­­йыннарар кыахтара суох буоллаҕына, умнуллар дьылҕалаахтар.

Онон үгүстэр атын, туһалаах тиэмэни булан, сайыннара сатыыллар. Үксүгэр оҕо көрөн олорор эдэр ийэлэр туох эрэ дьоҕурдарын сайыннаран, дьарык булан, олохторун тосту уларыталлар. Бэйэни оҥостуу, фитнеһинэн дьарыктаныы эмиэ болҕомтону тардар. Манна биллэр “фитоняшкалар” Янда Табунанова, Лиза Апросимова-Эвенкийка, Мария Тастыгина, уо.д.а. элбэх сурутааччылаахтар. Кырасыабай дьахталлар кырасыабай олоҕу көрдөрөллөрүн сэргээччи элбэх. Мантан ас астааччылар да хаалсыбаттар.

Доруобуйа харыстабыла, юридическай боппуруостар, дьиэ өрөмүөнэ, дизайна, оҕону иитии, о.д.а. тиэмэлэргэ суруйар блогердар бааллар.

“Self-made”

Ол аата – “бэйэтин бэйэтэ оҥорбут” диэн. Ким да көмөтө суох, үлэлээн-хамсаан, булан-талан ситиһиилэммит, байбыт киһини ааттыыллар.

52,9 тыһыынча сурутааччылаах Лина Малина бэйэтин “self-made” киһибин дэнэр. Кини уонча сыллааҕыта, “Инстаграм” диэн суох эрдэҕинэ, ykt.ru саайтка “Дневник” арыйан, бэйэтин санаатын күннэтэ суруйан биллибит бастакы блогердартан биирдэстэрэ буолар.

Кини хас да сыл устата 8 552 пост таһаарбыт. Сурутааччылара кини хас да үлэҕэ үлэлиирин, атын дойдуларга күүлэйдиирин кэтээн көрөллөрө. Онтон салгыы хайдах кэргэн тахсыбытын, сыбаайбалаабыттарын, оҕоломмуттарын, дьиэ ылбыттарын, өрөмүөннээбиттэрин, сылга хаста да омук дойдуларыгар баран күүлэйдииллэрин барытын сурутааччылара билэн-көрөн олороллор. Бу күһүн пирамиданы эрэкэлээмэлээн, айдааны тарда сылдьыбыттаах.

Бу маннык олоҕун бэйэтэ оҥостубут эдэр кыыс-дьахтар үгүстэргэ холобур буолар бадахтаах. Ол иһин кини олоҕун кэтээн көрөллөр.

Аралдьытааччы

Ыытааччы Лиза Газизова “инста-мааска” кэтэ-кэтэ, тыа дьахтара аатыран, араас күлүүнү-көрүдьүөһү таһааран, элбэх сурутааччыламмыта. Билигин 84 тыһыынча сурутааччылаах. Кини көрү, дьээбэни сөбүлүүр, сытыы тыллаах. Бэйэтин олоҕун, оҕо сааһын туһунан көрүдьүөс түгэннэри булан кэпсиир. Соторутааҕыта дэриэбинэ аайы баар дьон хос ааттарын туһунан киэҥ кэпсэтиини таһаарбыта. Ураты дьылҕалаах дьахталлар тустарынан уустаан-ураннаан суруйар. Элбэхтик айанныыр, атын куораттарга дьиэни-уоту атыылыыр.

Олус элбэх эрэкэлээмэни таһаарар, ол иһин 6 679 суруйуулаах.

Оҕо көрөн олорон

104 тыһыынча сурутааччылаах фудблогер, фотограф Наталья Оконешникова Арассыыйаҕа, аан дойдуга да биллэр. Кини аан дойдутааҕы ­куонкурустарга кыайар, кинигэ таһаарар, ­эрэстэрээннэр менюларын түһэрэр. Кэнники кинигэтэ былдьаһыгынан атыыланан, үстэ төхтүрүйэн эбии сакаастаабыта.

Кини бааҥҥа үлэлии сылдьан, кэргэннэнэн, оҕо көрөн олорор кэмигэр ас астыырынан үлүһүйбүт. Бэйэтин курдук хаһаайкалары түмэн, кулинарнай кулууп тэрийэн, сурунаал таһаарар буолбута. Онно үчүгэй хаартыскалар наада буоланнар, аны хаар­тыскаҕа түһэриинэн дьарыктанан барбыта.

Наталья ылсыбытын барытын кичэйэн оҥорор, айар куттаах, ис-иһиттэн чиэһинэй, сайаҕас майгылаах буолан, дьоҥҥо тута сөбүлэтэр. Эрэкэлээмэни таһаарары сөбүлээбэт, ол да иһин 2 651 эрэ суруйуулаах. Блогар таһаарар ырысыаптара судургу эрээри, минньигэс буоланнар, хаһаайкалар тута “хап” гыннара охсон, буһаран киирэн бараллар.

Сурутааччытын үксэ атын эрэгийиэн дьоно буолалларынан, Наталья Саха сирин туһунан элбэхтик кэпсиир, бэл, кыһын туһунан бырайыак оҥорбута.

Бэйэтин “человек-праздник”, “всеуспевашка” диэн ааттанар Мария Столярчик 50,4 тыһыынча сурутааччылаах, 4 503 суруйуулаах. Кини саха тылын салаатын бүтэрбит, оҕо көрөн олорон, торт астаан саҕалаабыт. Бу дьарыгын олус сөбүлээн, билигин кондитерскай арыйан үлэлэтэр, хас да үлэһиттээх. Быйылгыттан тэлэбиидэнньэҕэ “Асчыттар” биэриини ыытар, ас туһунан кинигэ таһаарар. Эмиэ айанныырын сөбүлүүр, элбэх маҕаһыыны эрэкэлээмэлиир. Билигин үһүс оҕотун кэтэһэр.

Куруук күлэ-үөрэ сылдьар, чахчы, күн устата олус элбэҕи ситиһэр ыал ийэтэ эмиэ үгүстэргэ холобур буолар.

Саҥа саҕалааччы

Бу маннык ситиһиилэммит “эдьиийдэри” сырсан, “блогерша” буоларга сыал туруоруммут кэрэ аҥаардар суох буолбатахтар. Онуоха тугунан дьону кэрэхсэтэбин диэн ыйытыы турар. Мээнэҕэ тыһыынчанан киһи суруйтарбата биллэр.

Соторутааҕыта Лена Наумова диэн оҕо көрөн олорор ийэ бэйэтин тапталын, кэргэнин кытары хайдах билсиспиттэрин уончата төхтүрү­йэн кэпсээн, сурутааччытын ахсаана эмискэ эбиллэ түспүтэ. Маннык дьиҥнээх олохтон  кэпсээннэри дьон олус сэргиир. Тус олоҕу ары­йан биэрии туһугар хорсун санааны эрэ­йэр буо­луохтаах. Блогердар оннук “мэһэйи” ааспыт дьон.

Билигин кини  5 936 сурутааччылаах, 762 суру­йуулаах. Уол оҕону иитии, дьиэни-­уоту сууйуу, бэйэни көрүнүү туһунан суруйар.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскалар: блогер кыргыттар инстаграм страницаларыттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0