Сахалар буруйдааҕы түргэнник булары наһаа сатыыр омукпут. Сыһыаннаах буоллун, сыһыана суох буоллун. Ити майгыбыт Красноярскай кэннэ ырылхайдык көһүннэ. Эрэммит тустуукпут, былырыыҥҥы чөмпүйүөн Ньургун Скрябин хотторбутугар, атын да уолаттарбыт хотторбуттарыгар тустууну таптыыр норуот киҥэ-наара холунна. Көрсүбүтү барытын кумалыах курдук дьүһүлэннибит. Бастатан туран, тренердэри барытын ууратарыгар Ил Дархаҥҥа батсаабынан мессендж ыыттыбыт. Билэҕит дуо, батсаабынан ити эргийэ сылдьар ыҥырыылар бары суос-соҕотох киһи болҕомтотун ирдииллэр — Егор Борисов айфонугар ааҕарын. Сөптөөх аадырыстарын булаллар да быһыылаах — киһибит сотору-сотору ити сурахтарга официальнай комментарий биэрэр. Ярыгин кэннэ эмиэ. Толорор былаас бэрэстэбиитэллэрэ уонна дьокутааттар чахчы судаарыстыба суотугар командировкаҕа барбыттарын-барбатахтарын чуолкайдыырыгар Чекиҥҥэ сорудах биэрдэ. Тустууну таптааччылар «итии илиилэригэр» киирэн биэрбит Госкомарктики солбуйааччы бэрэссэдээтэлэ Иван Павлов тустуук Ньургун Скрябин иһин эппиэтээтэҕинэ да көҥүлэ буолла. Спорт солбуйааччы миниистирэ Чердонов тренердэрин устар санаата суох быһыылаах, ол туһунан «Спорт Якутии» интерьютугар эппитэ. Ол аата хотторуу алтаарыгар атын киһи төбөтө сытыан наада… Ким эмэ төбөтө сытыар диэри Егор Борисовка батсаабынан дабылыанньалааһын тохтуо суох. Кыайыы буолбута буоллар, ама итинник силиэстийэ буолуох этэ дуо? Красноярскай табаһыттарын кытта мунньах хас чыыһылаҕа буолбутун, бэбиэскэҕэ тугу кэпсэппиттэрин, Саха сиригэр туһалаах ханнык түмүккэ кэлбиттэрин — ырыта барыа этилэр дуо? Саарбах. Киһини, үчүгэй исписэлииһи харыстаабат дьоммут.
«Килиэп уонна зрелище» наада дьоно кыайыынан тотон сылдьыа этибит. Өссө дьокутаат-командировочниктары «котокулар уолаттарбытын бэйэлэринэн тиийэн өйөөн ситиһии кэллэ» диэн төбөлөрүн имэрийдэхпитинэ да көҥүлэ этэ. Урукку ярыгиннарга да үрдүк сололоох тойоттор сылдьан-сылдьан кэлбиттэрэ. Холобур, дьокутаат Николай Румянцев баһылыктаах улахан бөлөх хомуллан сыл аайы барар этэ да, сэмэлэммиттэрин өйдөөбөппүн. Тоҕо диэтэр, оччолорго кыайыы көтөллөөх эргиллэр этилэр. Үчүгэй өттүктээх буоллахтара. Контоев Саша, Лебедев Витя кыайыыларын саныаҕыҥ. Хайдахтаах өрө көтөҕүллүү этэй?
Кэтириинэ ыраахтааҕылыы эттэххэ, «кыайыылаах — сэмэлэммэт». Хотторуулаах — тугун хоргутуоҥуй?
Прокопий Бубякин, https://edersaas.ru/