Блогер Лана Дьяконова: ураты суолу тобулуу

05.07.2023
Бөлөххө киир:
Хаартысканы Лана Дьяконова тиксэрдэ.

Кулун тутарга «Muus Ustar» бэстибээл иһинэн «Эдэр Блог» куонкуруска испиикэринэн Москубаттан анаан ыҥырыллыбыт мөлүйүөн сурутааччылаах Алексей Столяров эрэгийиэммитигэр үтүмэн элбэх, араас хабааннаах контеннаах блогер баарын тоһоҕолоон, сөҕөн туран эппитэ. Ол күрэх кыттааччыларыттан биирдэстэрэ, бүгүҥҥү дьоруойбут, Горнай улууһуттан төрүттээх ускуустубаҕа хандьыдаат — Лана Дьяконова. 

  • Кэл, олор, сэһэргэһиэх. Идэни талыы.

— 2006 сыллаахха Бэрдьигэстээх орто оскуолатын бүтэрбитим. Ону бүтэрэрим саҕана, оҕолорго идэни таларга көмөлөр улэ күүскэ бара турара. Ол эрээри, миэхэ барсар идэ суох курдуга. Бары инженер, физик уөрэҕэр киирээри, бэлэмнэнии бөҕө этилэр. Онтон мин физикаҕа ыарырҕатар этим. Ол иһин, толкуйга түспүтүм: ханнык дьиссипилиинэҕэ үчүгэйбиний диэн. Ону эппиэтэ маннык этэ: бастатан туран, сатаан уруһуйдуубун, иккиһинэн, черчениены астынабын, үсүһүнэн, нууччалыы өйтөн суруйарбын сөбүлүүбүн.

Бу сатабылларым биир идэҕэ түмүллэн сылдьаллара. Ол — архитектура. Онон этэҥҥэ үөрэххэ киирэн, 2013 сыллаахха Саха судаарыстыбаннай инженерно — техническэй институт архитектурнай факультетын кыһыл дипломунан бүтэрбитим.

  • Туохтан? Хантан?

-Үөрэнэ сылдьан араас билим кэмпириэнсийэлэригэр көхтөөхтүк кыттар этим. «Заболоченность города Якутска» , «Благоустройство городских каналов Якутска» диэн бырайыактардаах этим. Ол барыта билим үлэтэ этэ. Онтон салгыы бу кыттыыларбынан кынаттанан, үөрэхпин бүтэрэн, Новосибирскайга аспирантураҕа үөрэнэ барбытым. 2017 сыллаахха диссертациябын көмүскээммин, ускуустуба хандьыдаата буолбутум.

  • Ханна үлэлээбиккиний? Кэккэ ситиһиилэр бааллар дуу?

Аан бастаан Новосибирскайга архитектурнай бюроҕа аҕыйах кэмҥэ уонна алта сыл үөрэҕирии эйгэтигэр үлэлээбитим. Преподаватель буолар олус интэриэһинэй этэ, улахан уопут ылбытым. Ситиһиилэрим бэйэм олохпун кытта ситимнээхтэр. Билим эрэ өттүнэн буолбакка, айар дьоҕурбун эмиэ сайыннарбытым: хаартыскаҕа туһэрэргэ, биидьийэ устарга уонна онлайн-идэни баһылыырга элбэхтэ үлэлэспитим.

  • СММ эйгэтэ

— СММ эйгэтигэр хаартыскаҕа үчүгэйдик туһэрэр уонна эбии дохуокка наадыйар буоламмын киирбитим.  Новосибирскайга үөрэҕим төлөбүрдээх этэ. Онон куруутун харчыга наадыйар этим. Аны туран күн аҥаара үлэлиир киһини үлэҕэ ыла сатаабат этилэр. Оччолорго СММ эйгэтэ үөскүү илик этэ. Ол сөбүлүүр дьарыкпынан үлүһүйэ сырыттахпына, урбаанньыттар СММ — ҥа үлэлии биһиэхэ кэл диэн ыҥырбыттара.

Биисинэс — сирэйдэргэ үчүгэй хаачыстыбалаах хаартыскалар наада буолаллар. Онно сатабылым востребованнай буолан хаалбыта. СММ-ҥа үлэлии сылдьан араас улахан да, кыра да хампаанньалары кытта үлэлэспитим. Дьон — сэргэ билэр тэрилтэлэрэ: «Акварель», «МеталлТорг», о.д.а.

  • Ураты көрүүлээхпин диэххин сөп дуо?

— Диэхпин сөп буолуо. Мин санаабар, хас биирдии киһи туспа Куйаардаах, эйгэлээх. Ону билинэр, ылынар буоллаххына, дьону өйдүүр буолаҕын. Онтон ол көрүүгүн социальнай ситимҥэ тиһэн, ураты көрүүгүн дьоҥҥо көрдөрөр буоллаҕыҥ. Ол эмиэ туспа үөрэх. Киһи психологията, маркетинг, визуальнай көрүү — бары сибээстээхтэр.

  • «Эдэр Блог» туҺунан

— Дьүөгэм Женя «Эдэр Блог» диэн куонкуруска кыттарга сайаапка хомуйаллар диэн биллэриини ыыппыта. Мин элбэҕи, киэҥи толкуйдаабакка сайаапканы ыыппытым. Бу курдук улахан хабааннаах куонкуруска кыттыыны ылбыппыттан астыммытым аҕай. Блогум сайдан — үүнэн тахсарыгар эмиэ биир төрүөтүнэн буолар.

Самаай репортажнай съемканы олус түргэнник устар эбиппин диэн сөхпүтүм уонна ол хайысханан үлэлиэхпин баҕарарбын өйдөөбүтүм.

  • Устар, түһэрэр тэрилиҥ төһө сыаналааҕый?

— Саамай сыаналаах камера бэйэтэ уонна фотоаппарат объективтара буолаллар. Фотоаппарат сыаната араас.  Мин бастакы фотоаппаратым сыаната 40 тыһыынча солкуобай этэ. Кэнники фотоаппараппын 100 тыһыынчаҕа ылбытым.

Үчүгэй хаачыстыбалаах смартфон сыаната 150 тыһыынча солкуобайга тиийиэн соп.
Ону таһынан, «осветитель», «отражатель», «микрофон» курдук тэриллэр сыаналара кыра: 1000 -2000 солкуобай иһигэр ылыахха соп.

Контенынан дьарыктанабын диир буоллаххына, наадалааҕы барытын ыла сатыахха наада. Төһөннөн үлэҕэр сыһыаныҥ эппиэтинэстээх буолар да, соччоннон табыллыы, сатаныы кэлэр.

  • Килийиэннэргэр туох өҥөнү оҥороҕун? 

— Мин билигин контент-мейкердары үөрэтэбин. Уонна соцситим нөҥүө сайдыан баҕалаах дьону бу контент нөҥүө бэйэлэрин идэҕэ сатабылларын көрдөрөллөрүгэр үөрэтэбин, атыннык эттэххэ, экспертиибин.

Контент диэн социальнай ситимнэр нөҥүө тахсарга олук буолар. Контент суох буоллаҕына, дьон интэриэһэ суох буолуон соп.

Үөрэтэрим урдунэн өссө өҥөлөрдөөхпүн. Контент, кылгас reels диэн биидьийэлэри устабын. Ону киинэ курдук устарбын сөбүлүүбүн. Үксүгэр инник биидьийэлэри экспиэртэргэ уонна микро-блогтаах дьоҥҥо устабын.

Билиммиттэн атын идэҕэ көспүтүм да үрдүнэн, сыһыаным син биир учуонайдыы, быыччык быһыылаахтык үөрэтэбин, үлэлиибин.

  • Хайдах олоххо «амтаны» билиэххэ сөбүй?

— Оҕо сылдьан фотоаппаратым суох этэ. Ол иһин, пейзажтары, дьоммун уруһуйдуур этим. Кэнники устудьуоннуу сылдьан Nikon диэн любительскай фотоаппаратаммытым, ол онон улэ бөҕөтүн устубутум.

Билигин санаа — оноо уларыйар кэмэ. Биһиги үксүн социальнай ситимнэр истэригэр дьон тугу ситиспитин, дьон тугу гынарын, төһө баайдык, толорутук олороллорун көрөбүт.

Ити барыта ханнык баҕарар киһиэхэ куоталаһыы курдук буолан хаалыан сөп. «Успешный успех» диэн өйдөбүл баар дии. Ити туохтан тахсарый диир буоллахха, «Кини ситиһиилээх буолбут, мин эмиэ оннук буолуохпун наада» диэнтэн.

Ситиһии миэхэ тугу аҕалыан сөбуй? Ситиһии туһугар ситиһии сатаммат. Кураанах буолар. Ол иһин, дьарыгыҥ ис хоһоонноох  буолуохтаах. Бэйэҕэр эболҕомтону уурдаххына, олох «амтанын» билиэххэ сөп.

  • Сөбүлүүр блогерыҥ?

— Саха сириттэн сөбүлээн көрөр ютуб — блогерым — Максим Тихонов — gelixmax. Кинини үрдүк таһымнаах, идэтин баһылаабыт киһи дии саныыбын. Арассыыйа таһымын ыллахпытына, арааһа, Саша Митрошина буолуо. Кини блогу хайдах оҥорорго үөрэтэр. Үксүн  биисинэс хайысханан дьарыктанар блогтары көрөбүн. Казахстантан — Маргулан Сейсенбаевы көрөбүн.

  • Иннигэр ханнык былааннары торумнуугун?

— Салгыы контент өттүнэн сайдыахпын баҕарабын. Контент диэн биир соцситим эрэ буолбакка, күөх экранынан көрөр биэриилэр, хаһыакка, саайтка тахсар ыстатыйалар эмиэ контент буолаллар. Бу маны оҥорорго элбэх үлэ барар, ол иһигэр киирэн үлэлиир хамаанданы хомуйа сылдьабын. Бэйэм үөрэтэн таһаарыахпын баҕарабын. Онно ити куурустарбын, бырагырааммаларбын ытыахтаахпын. Билим өттүнэн сайдар санаа баар. Ютуб — ханаал ыытыахпын баҕарабын. Чуолаан, сахабыт норуотун култууратын туһунан кэпсэтиилэри устуохтаахпын.

Дэгиттэр Ланаҕа ситиһиилэри баҕарабыт! Айар суолуҥ көнө, уһун, аартыга аһаҕас буоллун!

   

+1
7
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0