БЛОГЕР: Алҕас даҕаны үчүгэйдик туппатылар

14.02.2017
Бөлөххө киир:

Үс улуус тухары тулаайахтарга, алҕас даҕаны, үчүгэй дьиэни туппатылар. Үс улуус тухары – Бүлүүгэ, Аммаҕа, Тааттаҕа тулаайахтар тоҥо олороллор.

Тымныы ыйдарга букатын да атын дьиэлэринэн, аймахтарынан тарҕаспыттар. Арай, Бүлүү тулаайахтара балконнарын пенофолунан бүрүйэн кыстаан олороохтууллар. Ол туһунан “Саха сирэ” хаһыат 11.01. нүөмэригэр бэчээттэммитэ.

Омос көрдөххө, “бары эбийиэктэр биир суобаһа суох тутааччыга тиксэн, маннык дьаабы буолла” диэн толкуй киирэр. Үөрэтэн көрбүтүм, бары бары тус-туспа тэрилтэлэр эбит. Маарыннаһаллара диэн — бырайыактара, матырыйааллара. Чэпчэки сыаналаах сэндвич-панелынан тутуллубуттар.  Ама, бу үс тутааччы сүбэлэһэн “дабаай, куһаҕаннык тутуохха” дэспэтилэр ини.

Хайдах да диэбит иһин, аанньа ахтыбатах сыһыан үс тутааччыга үһүөннэригэр баара көстөр. СНиП эҥин диэн баар буолуохтаах. СНиП нуорматынан тутуллубут дьиэ хайдах да тымныы буолар кыаҕа суох. “Бу үйэҕэ муннуга да суох сылдьыбыт тулаайах оҕолорго (кырдьык оҕолор — дьиэ ылааччылар 16-21 саастаах дьон – П.Б.) бу да сөп буолуо” диэбиттэр бадахтаах.

Халлаантан түһэр федеральнай үбү экономиялаан, араастаан бачаачайдыыр иэстэбиллээх буолуохтаах. Бырайыагар, тутуутугар финансовай-сметнэй экспертиза ыытыахха наада. Дьиэни тутар аакталар дьаһалта өттүттэн баттанан хаалбыттара мэһэйдиир да буоллар.

Тулаайахтар саҥа  тымныы дьиэлэрэ

  1. Бүлүү куорат, Дружба пер. 18/1 дьиэтэ (“Промстроймонтаж» тэрилтэ, дириэктэр Арбыкин Алексей Семенович) – тыбыс-тымныы.
  2. Амма сэлиэнньэтэ, Короленко уул. 22/5 («Танком» тэрилтэ, дириэктэр Никифоров Андрей Семенович) – тыбыс-тымныы.
  3. Ытык Күөл сэлиэнньэтэ, Ойуунускай уул. 34/2 ( “Нохто-Страп” тэрилтэ, дириэктэр Стручков Дмитрий Владимирович) — тыбыс-тымныы.

Прокопий БУБЯКИН.

P.S. Сотору Анаабыр Сааскылааҕар барыахтаахпын. Маннык үбүлэнэн тутуллубут 8 кыбартыыралаах тулаайахтар дьиэлэрин аһыллыытыгар таарыччы сылдьыахтаахпыт. Ол түмүгүнэн блогпар эмиэ суруйуом.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0