Благовещенскайга баһаар кэмигэр эпэрээссийэ оҥорбут быраас Саха сириттэн төрүттээх
Бэҕэһээ социальнай ситимнэргэ Благовещенскайдааҕы кардиохирургия киинигэр буолбут баһаар кэмигэр, быраастар эпэрээссийэни тохтоппотохторун туһунан иһитиннэрии кэлбитэ. Ону көрөн Арассыыйа олохтоохторо быраастарга үгүс үтүө тыллары суруйбуттара. Эпэрээссийэ оҥорбут быраастартан биирдэстэрэ Саха сириттэн төрүттээх эбит.
ЫБММ иһитиннэрэринэн, баһаар үлэ кэмин үгэнигэр буолбут, уопсайа, 1,6 тыһыынча кв.м. иэннээх сир умайбыт, 120 киһини эвакуациялаабыттар. Бу кэмҥэ 10 быраас биир ыарыһах сүрэҕэр эпэрээссийэ оҥоро турар буолан хайдах даҕаны кыайан тохтоппотохтор.
nerulife.ru сайт суруйарынан, Валентин Викторович Филатов Томмокко төрөөбүт, улааппыт. Оскуоланы бүтэрэн баран Благовещенскайга быраас идэтигэр үөрэнэ киирбит. Ординатура кэнниттэн кардиохирургия клиникатыгар үлэҕэ киирбит, салгыы тустаах киин салаатын сэбиэдиссэйинэн анаммыт. Баһаар кэмигэр ыксаллаах кэмҥэ эпэрээссийэни тохтоппот туһунан быһаарыныыны кини ылбыт. Төһө даҕаны уот суох буоллар, Валентин Филатов сөптөөх дьаһалын түмүгэр, ыарыһах эпэрээссийэтэ табыллыбыт. Ол эрэ кэнниттэн медиктэри эвакуациялаабыттар, онтон ыарыһаҕы Амур уобаластааҕы балыыһатыгар илпиттэр. https://nerulife.ru/valentin-filatov-byvshiy-zhitel-aldan/ ааҕыаххытын сөп.
edersaas.ru
Хаартыска: https://28.mchs.gov.ru/deyatelnost/press-centr/novosti/4424656 уонна https://nerulife.ru/valentin-filatov-byvshiy-zhitel-aldan/