Аныгы оҕо бэйэтин баҕалаах малын атыылаһынарыгар, ыра санаатын бэйэтэ толороругар харчы мунньунара, ону ааһан мунньар харчытын бэйэтэ илиитинэн, сатабылынан, дьоҕурунан оҥорон таһаарара хайҕаллаах суол. Оттон оҥорон таһаарбыт тус брендин бэйэтэ социальнай ситимнэри сөпкө туһанан атыылыыра туспа дьоҕур. Биһиги бүгүҥҥү кырачаан дьоруойбут аата Ева Борисова.
Ева Борисова Саха гимназиятыгар бэһис кылааһы ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрдэ. Кырачаан кыысчаан бары өттүнэн дэгиттэр дьоҕурдаах диэтэхпинэ, бука, сыыспаппын. Өссө оҕо саадыгар сылдьыаҕыттан Чаҕыл Николаевтыын улахан сыанаҕа тахсан араастаан хамсанан үҥкүүлүүр кыысчааны өйдүүргүт буолуо.Үҥкүүгэ түөрт саастааҕар Саха гимназиятын иһинэн үлэлиир “Надежда” спортивнай-бальнай үҥкүүгэ дьарыктанан саҕалаабыт. Гимназия эйгэтин сөбүлээн, бастакы кылааска саха гимназиятын кыһатыгар үөрэнэ киирбит.
Иккис кылаастан слайм оҥорорунан үлүһүйэн, оҥоһуктарын ымпыгар-чымпыгар диэри ситэрэн, араас атыы кииннэригэр туттаран харчы киллэринэр буолбут. Кырачаан Ева ийэтэ этэринэн, дьиэ кэргэн бюджетын алдьаппакка, слайм атыылаан уон солкуобайы сүүс гынан, сүүс солкуобайы тыһыынча оҥорон мунньунан араас «муоднай» таҥастарын бэйэтэ атыылаһынар эбит. Ону таһынан мунньубут харчытынан төрөппүттэрэ “эбэн” бэлэсипиэт кытары ылан турар. Сыыйа кэмпиэккэ, минньигэскэ бараабакка туһалааҕы атыылаһынара аныгы оҕоҕо үтүө холобур буолара саарбаҕа суох. (Бэл, улахан дьон харчыны сатаан туттубат)
Ева кыра эрдэҕиттэн артыыстыырын олус сөбүлүүр, кэпсииригэр хайаан да сирэйин-хараҕын араастаан туттан, хамсанан көрдөрөр эбит. Социальнай ситим нөҥүө сөп түбэһэр гына таҥнан, тылын-өһүн чочуйан араас уобараска киирбит көрдөөх тэттик видеолара ийэтин Инстаграм страницатыгар тахсаллар. Аһыы олорон, оонньуу сылдьан бэйэтэ иһиттэн саҥаран-иҥэрэн, туттан-хаптан бардаҕына ийэтэ онно тута төлөпүөҥҥэ устан ылар, түгэни куоттардахха иккистээн табыллыбат эбит.
Уобарастары толкуйдаатаҕына, ийэтэ онно сөп түбэһиннэрэн ааттыырыгар көмөлөһөр. Холобур:Февронья Моторовна, Кыраһаапчык Уйбаан эбэтэр киин телевидение биэриилэрин үтүктэн Гадалка Галочка, Слепая уобарастара. Киһи сүргэтин көтөҕөр гына айбыт уобарастарын Инстаграм ситимигэр уган, дьон-сэргэ сэҥээриитин ылар.
«Ева билигин аквагриминэн үлүһүйэр. Аквагрим көрүҥүн төрөөбүт күннэргэ оҕолору кырааскалаан «бизнеһигэр» киллэриэн баҕарар. Бэйэтин сирэйин аквагриминэн оҥостор.
Эпоксиднай сымалатын баһылаата. Аквариум дизайнын оҥорон араас молдиннарга кутан ааптарскай биһилэхтэри, ытарҕалары оҕо сакааһынан, баҕатынан оҥорор.
Пандемия кэмигэр оҥоһуктарын ханнык даҕаны маҕаһыыҥҥа туттара иликпит. Мин дьүөгэлэрим, бэйэтин дьүөгэлэрэ бырааһынньыктарга, төрөөбүт күннэргэ бэлэх оҥороору сакаастыыллар. Оҥоһуктарын тус бренд курдук этикеткэлээн дьаарбаҥкаларга атыылаабыта.Билигин электросамокакка, макбукка харчы мунньар. Оттон саамай улахан баҕа санаата — бэйэтин мунньубут харчытынан билиэт атыылаһан тас дойдуга барыан баҕарар» — диэн Ева ийэтэ Алла Борисова кэпсиир.
Ева сатабылын салгыы сайыннаран иһэригэр баҕарабын.
Надежда Ильина, edersaas.ru