«Битии» үҥкүү бөлөҕө Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурустан ситиһиилээх кэллэ
Бу күннэргэ СӨ култууратын туйгуна Владимир Собакин салайааччылаах “Битии” үҥкүү бөлөҕө Москваҕа ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Созвездие танца” анал хореографическай куонкурустан ситиһиилээх кэллэ. Ол курдук, III истиэпэннээх дипломант аатын ылла.
Людмила ПОПОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
“Битии” диэн аныгылыы, интэриэһинэй ааттаах үҥкүү бөлөҕө ааспыт эрэ сыллаахха тэриллибитэ. Итиэннэ номнуо хаһыс даҕаны куонкурустарыгар кыттан, үгүс ситиһиилэрдээхтэр. Ол курдук, тэриллээт, бүтүн 50-ча дойду кыттыылаах аан дойдутааҕы үҥкүү олимпиадатыгар (Москва) баран, 7-с миэстэни ылан кэлбиттэрэ. Итинтэн кынаттанан, “Новое поколение” норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээл-куонкуруска кыттан, үһүс миэстэни ылбыттара. Салгыы Владивосток куоракка ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы театральнай куонкуруска үҥкүү хайысхатыгар кыайыылаах үрдүк аатын ылбыттара. Онтон “Ай-тыын” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска “Балетмейстер бастыҥ үлэтэ ” номинацияҕа кыайбыттара. “Студенческая весна” бэстибээлгэ 1 истиэпэннээх лауреат үрдүк аатын ылары ситиспиттэрэ.
“Үксүн сахалыы үҥкүүлэри туруорабыт. Былырыын Владивостокка бараары 35 мүнүүтэлээх “Ийэ” диэн үҥкүү-театрализованнай испэктээги туруорбуппут. Ити тиэмэ улаханнык таарылла илик диэн толкуйтан айыллыбыта. Быстах-быстах аныгылыы үҥкүүлэр киирэллэр. Олохтон быһа тардан ийэ уонна оҕо икки ардыгар баар социальнай кыһалҕалары арыйар соруктаах. Холобур, оҕотун сүтэрбит ийэ, икки тапсыбат уоллаах ийэ, уоттаах сэрииттэн оҕото төннүбэтэх ийэ туһунан, о.д.а. хас биирдии ийэни долгутар, харааһыннарар ис хоһоонноох тиэмэлэри таарыйар. Ол быыһыгар ырыалардаах, хоһооннордоох. Аны күһүн, табылыннаҕына, кэнсиэр туруорар түгэммитигэр ырыатын, хоһоонун, үҥкүүтүн барытын устудьуоннар бэйэлэрэ толоруохтара диэн былаанныыбын. Бэлэм хоһоону, ырыаны киллэрэн. Дьиҥэр, мюзикл курдук буолуохтаах. Куонкуруска ыксалынан, ситэтэ суох туруоран кытынныбыт.
Устудьуоннар кэрэхсээн сылдьаллар. Үгүстэрэ үҥкүүгэ букатын сыһыана суох оҕолор кэлэллэр. Баҕалаах оҕону барытын ылабын. Туох даҕаны сүүмэрдээһини ыыппаппын”, — диэн Владимир Александрович санаатын үллэстэр.
Ити курдук, “Битии” бөлөх салайааччыта аныгы ыччаты аҥаардас кэрэни кэрэхсииргэ, оҕо сыанаҕа тутта-хапта сылдьарыгар эрэ уһуйбакка, олоххо баар кыһалҕаны атын өттүттэн, чуолаан, аныгылыы үҥкүү нөҥүө арыйан көрдөрөр сыаллаах-соруктаах үлэлиир. Оттон үҥкүүһүттэр маны ситэрэн-хоторон биэрэргэ дьулуһаллар. Чахчы үҥкүүлүөн баҕалаах оҕолор эрэ сылдьаллар диэн этэр.
Владимир Александрович Собакин туһунан билиһиннэрдэххэ, кини 2005 сыллаахха Дьокуускайдааҕы култуура кэллиэһин хореография салаатын бүтэрбитэ. Үөрэҕин бүтэрээт тута Таатта, салгыы Чурапчы улуустарыгар үлэлээбитэ. Ааспыт сылтан Дьокуускайдааҕы педагогическай кэллиэс ыҥырыытынан, тустаах үөрэх кыһатын иһинэн “Битии” үҥкүү бөлөҕү тэрийэн үлэлэтэн эрэр. Күн бүгүн бөлөххө 30-ча оҕо дьарыктанар. Тустаах кэллиэс үөрэнээччилэрин сэргэ, Дьокуускайдааҕы индустриальнай-педагогическай кэллиэс, ХИФУ геолого-разведочнай бакылтыатын устудьуоннара бааллар.
Инникитин иитиллээччилэрин тас дойдуларга ыытыллар куонкурустарга кытыннарар былааннаах. Билиҥҥитэ чугастыы Кытай диэки чарапчыланар. “Битии” үҥкүү бөлөҕөр, айар үлэтигэр ситиһиилэри!
Людмила ПОПОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru