Битэмииннээһин саҕаланна

Ааптар: 
05.02.2019
Бөлөххө киир:

Уһун уонна тыйыс тымныы кыһыннаах хотугу сиргэ уулаах ынахха тустаах битэмииннэр уонна иҥэмтэлээх эттиктэр тиийбэт буоллахтарына, ийэтин иһигэр сылдьар ньирэй ыарыһах уонна ситэтэ суох сайдыылаах буолан төрүүр.

edersaas.ru

Ити иһин, олохтоох бэтэринээрдэр кыстык кэмигэр сүөһү туругун кытаанах хонтуруолга туталлар. Маассабай төрүөх саҕаланыа эрдэ да буоллар, ньирэйдэр “үрүҥ былчыҥ” ыарыыга хаптарар кутталлара баарынан, саҥа төрөөбүт ынахтарга уонна ньирэйдэргэ эмтиир-сэрэтэр дьаһаллары тэрийэллэр. Ол курдук, Ньурба улууһун бэтэринээрдэрэ сыл саҕаланыаҕыттан 545 ынахха уонна 236 ньирэйгэ битэмиин укуолун биэрдилэр.

Хаһаайыстыбалар салайааччылара уонна сүөһүлээх ыаллар битэмииннээһин үлэтэ олус наадалааҕын таба өйдүүр буоланнар, ынах төрөөтөр эрэ, бэтэринээрдэргэ тута биллэрэн иһэллэр.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0