Битэмиин доруобуйаны бөҕөргөтөр

Ааптар: 
23.08.2024
Бөлөххө киир:
Анивера Акимова хаартыската

— Үүнээйи арыытын күҥҥэ төһөнү туһаныахха сөбүй?
— Киһи биир сууккаҕа үүнээйи арыытын 25 граммтан элбэҕэ суоҕу эбэтэр күҥҥэ сиир арыытын уопсай ахсааныттан 10% туһаныахтаах.
— Ханнык күөх үүнээйигэ, куруппаҕа, оҕуруот аһыгар эбэтэр фруктаҕа элбэх белок, кальций, D битэмиин уонна фосфор баарый?
— Үүнээйи арыыта — бобовайдарга (соя, чечевица, горох, фасоль), эриэхэлэргэ уонна сиэмэлэргэ, туорахтаах култуураларга (эбиэс, нэчимиэн, ириис, киноа), авокадоҕа, хаппыт фруктаҕа (курага, чернослив), шпинакка, брокколига, брюссель хаппыыстатыгар, баклажаҥҥа, хортуоппуйга, какаоҕа;
Кальций — эриэхэлэргэ, сиэмэлэргэ (мак, кунжут, миндаль, фундук, фисташки), бобовайдарга (соя, фасоль, горошек), инжиргэ, малинаҕа, дьэдьэҥҥэ, кивигэ, цитрусовайдарга,
моонньоҕоҥҥо, виноградка, кэнсиэрбэлэммит от күөх оливкаҕа, чеснокка, кыһыл уонна үрүҥ сүрэхтээх хаппыыстаҕа, моркуопка, редькаҕа, редискэ, Болгария
биэрэһигэр, күөх үүнээйигэ (ытырыык от, базилик, петрушка, укуруоп, салат), хаппыт фруктаҕа (курага, финики, изюм);
D битэмиин — балыкка (балык быара, треска, палтус, сельдь, скумбрия), сымыыт уоһаҕар, арыыга, кытаанах сырга, сояҕа, килиэпкэ (злаковойга), петрушкаҕа,
ытырыык окко, подсолнечник сиэмэтигэр, тэллэйгэ, эбиэс куруппаҕа;
Фосфор — уотурбаҕа, кытаанах сырга, кунжукка, кедр эриэхэтигэр, фасольга, горохха, эбиэс куруппатыгар, гречкэҕэ

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0