Бэрдьигэстээх ыала Гаврильевтар бирилийээн сыбаайбаларын бэлиэтээтилэр
Бэрдьигэстээх биир кырдьаҕас ыала, улахан дьиэ кэргэн, элбэх оҕо, сиэн тутаах дьоно Петр Петрович уонна Зинаида Михайловна Гаврильевтар ыам ыйыгар бирилийээн сыбаайбаларын бэлиэтээтилэр. Кинилэр 60 сыл анараа өттүгэр аал уоту оттунан, алаһа дьиэни тэринэн, төрүүр оҕону төлкөлөөн, билигин сиэннэрин, хос сиэннэрин бүөбэйдээн, дьоллоохтук олорон кэллилэр. Дьоһун олохторо бар дьоҥҥо бастыҥ холобур буолар.
Биһиги аймах Горнай оройуонугар кэлии ыалбыт, дьоммут Бэрдьигэстээххэ үлэҕэ ананан кэлбит исписэлиистэртэн биирдэстэрэ. Горнай оройуона атаҕар турарыгар, сайдыытыгар элбэх өҥөлөөхтөр, бэйэлэрин кэмнэригэр улахан кылааты киллэрсибит ытыктанар дьон. Кинилэр олохторун кэнчээри ыччаттара салгыыбыт, Горнайы төрөөбүт дойдубутунан ааҕабыт.
Ийэбит Жиркова Надежда Николаевна Горнай оройуонугар Госбааҥҥа кылаабынай буҕаалтырынан ананан 1948 с. кэлбитэ уонна биэнсийэҕэ тахсыар диэри үлэлээбитэ. Идэтин баһылаабыт, убаастанар үлэһит, ССРС Госбаанын туйгуна, Бэрдьигэстээх нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо этэ. Кинини кытта алтыспыт дьон билиҥҥэ диэри үтүө тылынан санаан-ахтан ааһааччылар. «Госбаан Наадьата» диэн убаастаан ааттыыллар этэ.
Олох бары ыарахаттарын уйан кэлбит ийэбит дьоһун дьон ыччата, Уус Алдан Дүпсүнүттэн төрүттээх, элбэх биллэр-көстөр аймахтардаах. Аҕата Жирков Николай Николаевич эдэр эрдэҕиттэн балык бырамыысыланнаһыгар үлэлээбитэ. 15 сааһыттан балыгынан эргинэр атыыһыкка суруксутунан, суотчутунан сылдьан, саха литературатын классига, суруйааччы Анемподист Софроновтыын доҕордоспуттар. Улахан доҕордоһуу бэлиэтэ – сиэпкэ угуллар «Габю» чаһы баар. Чаһы иккис хос үрүҥ көмүс хаппаҕар А.И.Софронов суруйбут: «На память Коле Жиркову от Анемпо 1/10 1915 год». Эһээм бу Алампа бэлэҕин туохтааҕар да күндү мал курдук сыаналаан, өлүөр диэри оронун атаҕар ыйаан турар буолара. Бу чаһы билигин да баар, биһиэхэ кэриэс мал буолан сылдьар. Эһэбит «Туус балык», «Рыбтрест», балык собуотугар дириэктэринэн биэнсийэҕэ тахсыар диэри үлэлээбитэ. 1972 сыллаахха 80 сааһыгар өлбүтэ.
Ийэтэ Анна Федоровна – Уус Алдан Дүпсүн нэһилиэгин биллэр үөрэхтээх, кыахтаах ыалын Афанасьевтар соҕотох кыыстара. Кини дьоно, аймахтара сэбиэскэй былаас өстөөхтөрүн быһыытынан көрүллэн, куоластара быһыллан, кулаактанан, олохторо улаханнык огдолуйбута. Аны улахан убайа Иван Федорович Афанасьев В.В. Ни-
кифоров-Күлүмнүүр күтүөтэ этэ.
Эбээлээх эһээбит куоракка Полевая уулусса 37-гэр (билигин Белинскэй) олорбуттара. Элбэх ыалдьыттаах-хоноһолоох этилэрэ, ону тэҥэ, үөрэнэр аймах оҕолоро олороллоро. Эбээм Алампа кэргэнин Дуняны кытары билсэн, дьүөгэлии буолбуттар. Биирдэ Алампа омуктуу суруктаах “маслобойканы” бэлэхтээбит. Маннык тэрил былыр, өрөбөлүүссүйэ иннинэ, олус күндү, сэдэх, сыаналаах даҕаны, кыанар эрэ ыалга баар буолара. Эбээбит олус күндүтүк тутар, харыстыыр эбит, өлүөр диэри Алампаны истиҥ тылынан ахтара. Бу сыаналаах күндү малы кырдьаҕас эдьиийбит А.Н. Жиркова П.А. Ойуунускай аатынан Литературнай мусуойга бэлэхтээн туттарбыта.
Ийэбит бииргэ төрөөбүт балта Анна Николаевна Жиркова 100 сааһын туолан “Үйэ саас” бочуоттаах бэлиэлээх, биһиги аймахха ытык кырдьаҕаспыт этэ. Кини Дьокуускайдааҕы культпросвет оскуолаҕа, онтон Мүрү орто оскуолатыгар химия, биология учууталынан өр сылларга үлэлээбитэ. Кини убайа Иван Николаевич Жирков – аҕатын бииргэ төрөөбүт быраата, 1931-1937 сс. САССР үөрэх наркома, ЯЦИК чилиэнэ, Ойуунускайы, Аммосовы кытта бииргэ үлэлээбит, бары өттүнэн дэгиттэр киһи аата умнууга хаалбытын тилиннэрбитэ. Төрөөбүтэ 100 сылыгар «Иван Жирков» диэн кинигэни таһаарбыппыт. Кини аатын биир дойдулаахтара Дүпсүн орто оскуолатыгар иҥэрбиттэрэ. Сыл аайы И.Н. Жирков төрөөбүт күнүгэр – муус устар 22 күнүгэр аймахтар кини аатынан истипиэндьийэ туттарабыт. Билигин 15 лауреаттаахпыт, өссө да үтүө дьыаланы салгыахпыт.
“Норуот өстөөҕүн” кэргэнэ, оҕото
Ийэм бастакы кэргэнэ Гаврильев Петр Васильевич – Хаҥалас Өктөмүн киһитэ. 1933 с. улахан тапталынан ыал буолбуттар. 1938 с. эрэпириэссийэ суостаах тыына эдэр дьон дьоллоох олохторун амньыраппыта. Петр “Холбос” хонтуоратыгар үлэлии сырыттаҕына, олоҕо суох буруйданан, 1938 с. хаайыллан, ыгыыны-түүрүүнү тулуйбакка, кырбанан-эчэйэн, доруобуйата айгыраан тахсан, 1941 с. сырдык тыына быстыбыта.
Надежда Николаевнаны “норуот өстөөҕүн” кэргэнэ диэн ааттаан хоту ыыппыттар. Эдьигээҥҥэ үлэлээн баран дойдутугар, ийэлээх-аҕатыгар төннөөрү гыммытын, атын хоту оройуоҥҥа барарын модьуйбуттар. Ону хата, Виктор Афанасьев: “Чугас Бэрдьигэстээххэ баран үлэлээ, мин онно үлэлээбитим. Үчүгэй дойду”, – диэбитин ылынан, биир массыынанан түөрт ыал буолан, ый кэриҥэ уһуннук айаннаан, Бэрдьигэстээҕи булбуттар. Көһөн кэлэн олохсуйан, дьиэ-уот туттан, Горнайы таптаан, хара өлүөр диэри дойду оҥостон, ийэбит көмүс уҥуоҕа манна сытар.
Улахан убайбыт Гаврильев Петр Петрович, ийэбит бастакы кэргэниттэн оҕото, 1941 с. аҕата өлөрүгэр кыһыл оҕо хаалбыт. Онтон ийэбит иккис кэргэниттэн Е.Г. Семеновтан биһиги үһүөбүт. Убайбыт Петя биһигиттэн сааһынан аҕа. Ийэбит 4 оҕону соҕотоҕун иитэн, киһи-хара оҥорбута. Билигин сааһыран олорон санаатахха, оҕо сааспыт, ийэбитинээн бииргэ олорбут сылларбыт биһиги муҥутуур дьоллоох кэммит эбит… Ытык ийэ дьоһун дьоло – оҕолоругар. Кини үгүһү уйбут уйан сүрэҕэ, ыраас таптала уонна олоххо мындыр сыһыана биһиэхэ холобур эрэ буолар.
Норуодунай учуутал үөрэнээччитэ
Ийэбит куруук үлэҕэ сылдьара, онон улахан убайбыт аҕабытын солбуйан, биһигини көрөрө, ас астыыра. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан быраата Колялыын умсугуйан туран хаартысканан, тиэхиньикэнэн, араадьыйанан, муусуканан дьарыктаналлара. Оннооҕор быысыпкалыыр этилэр. Учуутала Михаил Андреевич Алексеев – норуодунай учуутал, Бэрдьигэстээх оскуолатыгар үлэлии сылдьан, уол тиэхиньикэҕэ сыһыаннааҕын билэн, Өлүөхүмэҕэ механизация, электрификация тиэхиньикумугар үөрэнэ барарыгар сүбэлээбитин ылынан, Петр бу тиэхиньикуму бүтэрэр.
Горнайга өр сыл сөбүлүүр идэтинэн элиэктиригинэн уонна араас үлэлэргэ биэнсийэҕэ тахсыар диэри үлэлээбитэ. Быраата Николай Егоровичтыын батысыһа сылдьан, Бэрдьигэстээххэ элбэх ыал дьиэтигэр уот киллэрэн, өрөмүөннээн, дьону үөрдүбүт буолуохтаахтар. Араас тимир көлө, бытовой тиэхиньикэ өрөмүөнүн эмиэ кинилэр оҥороллоро, дьон махтанар этэ.
Килбик кийиит – Өлүөхүмэ кэрэ кыыһа
1961 с. кийиит кыыһы Өлүөхүмэттэн аҕалбыта. Зина бастаан кэлэригэр нууччалыы эрэ саҥарар, хатыҥыр, имигэс кыыс этэ. Педтехникуму бүтэрэн, иитээччи идэлээх. Зинаида Михайловна 7 оҕолоох ыалга иккис оҕонон Өлүөхүмэҕэ төрөөбүтэ. Аҕата Сокорутов Михаил Прокопьевич сэбиэскэй-бартыыйынай үлэһит, Өлүөхүмэҕэ биир биллэр, убаастанар киһи. Эдэр эрдэҕиттэн салайар үлэҕэ, Алдаҥҥа көмүс бырамыысыланнаһыгар үлэлээбит – хомсомуол, райком сэкирэтээрэ, холкуос, Абый, Аллайыаха оройуоннарын райисполкомун бэрэссэдээтэлэ этэ. Ийэтэ Наталья Афанасьевна 30-тан тахса сыл Дьокуускайдааҕы 1-кы №-дээх педучилищеҕа буҕаалтыр-кассирынан үлэлээбитэ.
Зинаида Михайловна Бэрдьигэстээххэ кийиит буолан кэлэн, оҕо саадыгар иитээччинэн, сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Кэлин райпоҕа үлэлээбитэ, хайҕанар-сыаналанар үлэһит этэ. Бэйэтэ айылҕаттан чэнчис, ыраас, элэккэй майгылаах. Бултуурун-алтыырын, айылҕаҕа сылдьарын сөбүлүүр. 20-тэн тахса сыл кэрэ көстүүлээх Дьиикимдэ учаастагар тиийэн сайылыыллара, айылҕа, сибиэһэй ас, салгын туһалаабыта, Сиинэ ыраас уутун иһэн үйэлэрэ уһаабыта саарбаҕа суох.
60 сыл анараа өттүгэр ийэбит Надежда Николаевна ыалларын ыҥыран, эдэр ыалга уруу тэрийбитэ. Бэйэтэ кийиитигэр Зинаҕа сырдык халлаан күөх өҥнөөх солко былаачыйа тикпитэ. Эдэр ыалы эҕэрдэлээн, үөрэн-көтөн турар хаартыскабыт баар. Онтон ыла 60 сыл ааспыт, айбыт Айыыһыттара аргыстаһан, Гаврильевтар дьоһун олохтоннулар, бииргэ өйөнсөн, таптаһан, сэттэ оҕону төрөтөн, тэнийэн, дьоллоохтук олороллор. Оҕолоро бары төрөөбүт түөлбэлэригэр бэриниилээхтэр, бэйэ кыаҕар эрэллээхтэр, ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
60 сыл бииргэ
Киһи олоҕо биир тэҥ буолбат, олох очурдарын бииргэ ааһан, тиийэр-тиийэммэт да кэмнэр бааллара, үп-харчы да кэмчи буолара, онон 7 оҕону аһатаары-таҥыннараары, үөрэттэрээри хастыы да үлэҕэ үлэлээбиттэрэ, бултаан-алтаан, булан-талан олорбуттара. Билигин кырдьар саастарыгар олохтон дуоһуйууну ылан, дьоһун саастарыгар тутуспутунан кэллилэр. Оҕо-уруу улааппытын кэннэ, киһи олоххо иккис тыыны ылар эбит диэн санааҕа кэлэҕин.
Зинаида Михайловна, Петр Петрович Гаврильевтар орто дойдуга кэлбит аналларын толорон, эйэлээх олоҕу олорон кэллилэр. Убаастабылы, болҕомтону эрэйэр кэмнэригэр хас биирдии баҕаларын оҕолоро толороллор, кинилэри харыстыыллар. Кырдьар сааска оҕоттон дьоллонон олоруу киһи дууһатын долгутар, уйадытар. Ону бу түгэн дакаастаата. “Бирилийээн таас” сыбаайбаларын оҕолоро тэрийэн, үөрүүлээх-долгутуулаах умнуллубат түгэни бэлэхтээтилэр.
Аан дойдутааҕы Дьиэ кэргэн күнүгэр ЗАГС улуустааҕы салаата үбүлүөйдээх ыаллары чиэстээтэ. Зинаида Михайловна, Петр Петрович Гаврильевтар ааттара кыһыл көмүс буукубанан суруллан улуустааҕы “Ытык ыал” Бочуот кинигэтигэр киирдэ. Ил Дархан Айсен Николаев эҕэрдэ суругун, СӨ Бырабыыталыстыбатын “Семейная доблесть” анал бэлиэтин үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардылар.
Людмила Слепцова,
балта, РФ үрдүк үөрэҕин Бочуоттаах үлэһитэ,
СӨ култууратын туйгуна.