Бирилийээн оҥорор «КРИСТАЛЛ» собуот сотору «АЛРОСА»-ҕа киириэҕэ

15.04.2019
Бөлөххө киир:

Бирилийээн күлүмүрдэс күндү таастарын кырыылаан, чочуйан таһаарар Смоленскайдааҕы «Кристалл» собуоту приватиза­циялааһын быйыл үһүс-төрдүс кыбаарталга ыытыллыан сөбүн туһунан «АЛРОСА»  бэрэсидьиэнэ Сергей Иванов иһитиннэрбитэ. 

«Приватизация хаһан оҥоһуллар чуолкай болдьоҕо биһиэхэ улахан суолтата суох. Билиҥҥитэ интеграция кэмитиэтэ тэриллэн, күүспүтүн хол­боон, тугу ситиһиэхпитин сөбүн дьүүллэһэбит», —  диэн кини этэр.

«Росимущество» тэрилтэни төһө суумаҕа сыаналаабыта киэҥ эйгэҕэ өссө биллибэт.

«Биһиги бэйэбит өттүбүтүттэн сыаналаабыппыт уонна «Росимущество» эмиэ сыанатын эппитэ. Күндү тааһы кырыылааһын ырыынага мөлтөҕө суох балаһыанньалаах, ол экэниэмикэтин ымпыгын-чымпыгын барытын көрдүбүт. Үбү-харчыны чуолкайдыырга хампаанньа Кэтээн көрөр сүбэтэ салгыы быһаарыныы ылыныаҕа», —  диир Сергей Иванов.

Смоленскайдааҕы собуот аахсыйата федеральнай бас билиигэ баар. Кулун тутарга Үп минис­тиэристибэтэ «Кристалл» собуот приватизацияланара былааҥҥа киирбитин туһунан биллэрбитэ.  Оттон «АЛРОСА» Кэтээн көрөр сүбэтэ собуот аахсыйатын 100 бырыһыанын ыларга интэриэстээҕин эппитэ.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0