Бириис
(Эһээ Бариста сүбэ-кэпсээннэриттэн)
Айылҕатын сиэринэн, уол оҕо, арыт, кыыс туһуттан дуэльга киирсэрэ, охсуһара баар суол.
Ол эрэн, сороҕор, кыргыттар даҕаны таптал туһугар охсуһуохтарын сөп.
Уһун, көнө уҥуохтаах, хойуу, хара хаастаах, баархат курдук имэрийэр куоластаах, сүүрбэ биэстээх Хван-Ты-Гуен кыргыттар болҕомтолорун мэлдьи тардара. Оттон «Кореан Сонгс» квартекка киирэн, бастакы клиптэрэ күөх экраҥҥа элэҥниэҕиттэн, маҥнайгы альбомнара тахсыаҕыттан, букатын аатырбыта. Икки кулгааҕар ытарҕа кэтэн, кыламанын биллэр-биллибэттик тууштанан, уһатан биэрэн, иэдэһин хатаалын кистээн, тоналканан соттон, уһун баттаҕын аныгылыы кырыйтаран, аниме персонааһын кэриэтэ суупэр-буой буолбута. Бөлөхтөрүн салайар импрессариолара Ким-Ду-Вонг илии баттаппыт дуогабардарын быһыытынан, квартет уолаттара отуттарыгар дылы сокуонунан ыал буолуо суохтаахтара.
Онон панааткаларын санааларын алдьатымаары, доҕордоһор кыргыттарын дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэрбэт, көрдөрбөт буола сатыыллара.
Ты-Гуен сыл аҥаарын устата Пак-Пуп-Су диэн, бэйэтиттэн икки сыл аҕа, модель, дорама артыыската, баттаҕын саһархайынан кырааскаланан блондинка буолбут кырасаабысса кыыстыын доҕордоспута. Пуп-Су өссө, поэтесса буолан, лирическэй хоһооннорунан киэҥник биллэрэ. Икки хоһооно, бэл, ырыа буолбута.
Биирдэ, Сеул «Хэс Уйиэ» түүҥҥү кулуубугар «сынньана сылдьар» (дьиҥэр, пиибэлии эрэ олорор) Ты-Гуеҥҥа коктейллээх бакаалын туппутунан сүрдээх мааны, маҥан сирэйдээх, эдэркээн кыыс үрдүк хобулуктаах түүппүлэтигэр тобурҕаччы үктэнэн, куоҕаҥнаан, чугаһаан кэлбитэ.
— Ты-Гуен, хэлоу! Эйигин көрсөр күннээх эбиппин! — диэн төтөлө суох саҥа аллайбыта.
Панааткалар болҕомтолорун ортотугар сылдьа үөрэммит уол соччо кыһаммакка, төбөтүн кэҕис гынан, көҕүлэ «силир» гыммыта. Кэпсэтэн барбыттара. Кыыс Лилии диэн дьобуруопалыы моһуоннаах ааттаах этэ.
Кини, Хваны сөбүлээн кэбиһэн, бэл, кэргэниттэн арахсыбыт эбит. Ты-Гуен саҥа билсибит бодуруускатын квартиратыгар илдьэ барбыта…
Квартет вокалиһа саҥа пассияламмытын, ол саҥа кыыһа Хвантан биир сыл балыһын туһунан эриэккэс сураҕы истэн, бэйэтин кыаҕыгар толору эрэнэр Пуп-Су быһаарсар санааламмыта. Уолун былдьаппат туһугар кытаанахтык кыһалларга турунан, ырыаһыт уол олорор дьиэтигэр үрүҥ көмүс өҥнөөх «Хүндиэй» массыынатынан элээрдэн кэлбитэ.
Квартираҕа Ты-Гуен саҥа тапталын кытта бааллара.
…Улахан ыскандаал тахсар чинчилэммитэ.
Хван: «Кыргыттар, бэйэҕит быһаарсыҥ», — диэн баран, вааннатыгар киирэн хаалбыта. Онно кини, сылаас ууну курулаччы ыытан баран, саҥа ыллыахтаах ырыатын үөрэтэн, кэрэ, баритон куолаһынан ыллаан барбыта.
Таптал үс муннуга үөскээбититтэн киҥэ-наара холлубут, санаата алдьаммыт, күнүү суостаах төлөнүгэр сиэтэн, харсыттан тахсыбыт Пуп-Су Лилиигэ: «Быһаарсан кэбиһиэххэ! Ким охсуһан кыайбыт — Хванныын хаалар!» — диэн мас-таас курдук эппитэ.
«Буоллун, мин бэлэммин!» — диэн хатаннык чаҥкынаабыта анарааҥҥыта уонна ойон турбута, эриэн солко халаатын энээрэ илибирээбитэ.
…Охсуһуу саҕаламмыта. Кыргыттар охсуолаһан, тэбиэлэһэн, баттахтаһан барбыттара. Саала устун тилигирэспиттэрэ, эрчимнээхтик тэлэкэчийбиттэрэ. Сурунаал уурар остуолу тиэрэ көппүттэрэ «лаһыгыр» гына түспүтэ, устууллары охторбуттара. Подставкаттан керамическай ваазаны суулларбыттара муостаҕа түһэн үлтү барбыта, бөдөҥ, күөх эмтэркэйдэр муостаҕа ыһыллыбыттара.
Уһун, фиолетовай лаахтаах тыҥыраҕынан Лилии утарсааччытын сирэйин хайыта тыыппыта. Сирэйэ хаан-билик буолбут Пуп-Су онуоха абаран, Лилии хаҥас харытын кылбаа маҥан тииһинэн быһа хадьырыйбыта. Ынырык ыарыыттан, илиитигэр тиис суола дириҥник олорон хаалбыт Хван саҥа пассията чооскулуу часкыйбыта уонна уҥан тыраадыс гына түспүтэ…
Кыайыылаах Пуп-Су курдук буолбута.
Вааннаттан тахсыбыт Хван иннигэр ынырык хартыына арыллыбыта: үлтү күөрэлэммит, ыһыллыбыт саала, хаан-сиин буолбут кыргыттар… Пуп-Су бөтүөхтүү-бөтүөхтүү олоппоско олороро, Лилии өйө суох, өҥүргэһинэн көрөн, муостаҕа тыылыы тэбэн сытара…
Бука, Ты-Гуен астыммыта дуу, кини туһуттан итинник хабыр хапсыһыы тахсыбытыгар?! Билбит суох.
Ол эрэн, кыргыттар иккиэн Ты-Гуены бырахпыттара.
Пуп-Су «Умайбыт таптал» диэн поэманы суруйбута. Онно Лилиини аатын уларытан, омсолоох дьоруой гыммыта. Онон, уол туһуттан «дуэльга» киирсэн, Лилии уус-уран айымньыга үйэтитиллибитэ.
Хайдахтаах уодаһыннаах быһылааный уонна хайдахтаах курдук хабыр киирсииний?!
Таптал туһугар өйдөрүн сүтэрбит кыргыттар тугу гымматахтара баарай?! Үөхсүү, сааныы, охсуһуу… Оттон былдьаһыктаах бырта сыата буолбут солист вааннаҕа саһан, ыллаабыта буолан айаара олорбута эбээт. Бириис буоллаҕым буолан, кимиэхэ тиксэрин күүтэн.
Оннук бириис диэн, мин саныахпар, таах сибиэ, эрэйдэммиккэ остуойулаабат барамай.
Кыайыылаахха бэриллэр кубок кэриэтэ.
Кыргыттар барахсаттар ити курдук дьүһүлэммэтэхтэрэ буоллар… Атын да ансаамбыл ырыаһыт уолаттара бааллар эбээт. Киһилии соҕустар. Эбэтэр артыыстар. Эбэтэр поэттар. Эбэтэр көннөрү уолаттар.
Көннөрү уолаттар таах олоруо, охсуһуу тугунан түмүктэнэрин кэтэһиэ суох этилэр.
Уопсайынан, итинник эриэхэбэй быһыыга-майгыга тиэрдиэ суох этилэр.
Кыргыттар, өйдөөн кэбиһиҥ, хайа даҕаны бэйэлээх уолга төбөҕүтүн мээнэ сүүйтэримэҥ, «бириис» эһиги хараххыт уутун биир да таммаҕыгар остуойулаабатын түүлээх холбукаҕытыгар хатаан кэбиһиҥ.
Р.S. Түүлээх холбука — төбө.
Максим Ксенофонтов.