Бириэмэни сатаан салайыы “Тайм-менеджмент” кистэлэҥэ туохханый?”
Аныгы кэмҥэ саамай сыаналаах, күндү табаар – бириэмэ. Улахан куораттарга бириэмэ түргэтиир курдук, оттон тыа сиригэр олох тэтимэ чуумпу, наҕыл. Москва дьоно элбэҕи ситиһэр туһуттан, туос бөтөрөҥүнэн сүүрэ сылдьаллар дииллэр. Маны доруобуйалара да, уйулҕалара да уйуон наада.
“Тайм-менеджмент” диэн тугуй?
Биллэрин курдук, бириэмэтин сатаан туһанар киһи элбэҕи оҥорор, ситиһэр. Ол иһин “тайм-менеджмент” диэн өйдөбүлү киллэрбиттэрэ. 1975 сыллаахха Данияҕа К.Меллер диэн киһи быраабылалары толкуйдаан, анал блокнот айбыта уонна бириэмэни сөпкө туһанарга дьарыктары ыытан барбыта. Судургутук быһаардахха, “тайм-менеджмент” диэн бириэмэни табыгастаахтык салайарга систиэмэни киллэрии, дьыаланы сааһылааһын буолар. Күнү-дьылы сыаналыырга үөрэтэр.
Сүрүннээн, маннык тосхоллордоох:
- Сыалы-соругу туруоруу, чопчулааһын.
- Былааннааһын.
- Бастаан туох ордук суолталааҕын быһаарыы.
- Күн аайы былааны толоруу, хонтуруоллааһын.
- Түмүктэри анаалыстааһын.
Олус түргэн тэтимнээх олохтон киһиэхэ “истириэс” үөскүүр, сылайар, ыалдьар. Онон киһи бириэмэтин сатаан туһанар, дьыалатын бүтэрэр-оһорор, кэмигэр сынньанар буолуохтаах. Сорох дьон күн устата олус элбэҕи ситиһэллэр, былаан бөҕөтүн толороллор. Кинилэр кистэлэҥнэрэ туохханый?
Сатыыр уонна сатаабат киһи
Бириэмэтин сатаан туһаммат киһи суолтата, туһата суох дьыалаларга (социальнай ситимнэри, тэлэбиисэри, интэриниэти көрүү) бириэмэтин барыыр. Үлэ кэмигэр элбэхтик табахтыыр, чэй иһэр, сэлэһэр. Сарсыарда үлэтигэр кэлээт, интэриниэти хасыһар, биир-икки чаас ааспытын өйдөөбөккө да хаалар. Саҥа ылсан үлэлээн эрдэҕинэ, эбиэт буолар. Бу курдук күнэ улахан көдьүүһэ суох ааһан хаалар. Маннык киһи инники олоҕун былааннаабат, өрөбүлү эрэ кэтэһэр. Саас кэлэрин, сайын буоларын, уоппускатын, онтон Саҥа дьылы… Ити курдук биир сыл ааспытын билбэккэ да хаалар.
Бириэмэтин сатаан туһанар киһи былаанныыр уонна күнүн чааһынан ааҕар: бу чааска маны бүтэриэхтээхпин диэн. Дьыалатын суолталаах уонна ыксала суох диэҥҥэ араарар. Кылгас кэм иһигэр сыалын ситиһэргэ дьулуһар. Барытыгар үрдүк сыаллары туруорар, элбэх идиэйэлээх. Хас да дьыаланы тэҥинэн оҥоруон сөп. Харчыны сатаан өлөрөр. Эппиэтинэһи, быһаарыныыны бэйэтигэр ылынар. Өй үлэтиттэн сылайдаҕына: сүүрэр, спордунан дьарыктанар. Сынньанары сатыыр: доруобуйатын көрүнэр, сөбүлүүр дьарыктаах, доҕотторун, дьиэ кэргэнин кытары алтыһар.
Сүмэлээх сүбэлэр
Былааҥҥын анал тэтэрээккэ суруй. Аан бастаан ордук суолталаах дьыалаҕын бүтэрэ сатаа, бачча чааска бүтэрэбин диэн бириэмэтин чуолкайдаа. Кыра суолталаахтары ол кэннэ оҥор. Тоҕо диэтэр, улахан дьыаланы киэһэ “хаһааннаххына”, бэйэҥ да билбэккинэн, эниэргийэҕин, болҕомтоҕун “сии” сылдьыаҕа. Киэһэ сэниэҥ эстэн, улахан дьыалаҕын оҥорор кыаҕа суох буолуоҥ, онтон сылтаан бэйэҕэ кыыһырыы, сылайыы үөскүөҕэ.
Интэриниэккэ олоруу, почтаны көрүү, социальнай ситимнэр бириэмэни олус ылаллар. Онон итини кыччата сатаа. Уочаракка олорон, айаннаан иһэн, киһи бириэмэтин көдьүүстээхтик туһаныан сөп (дьоҥҥо эрийэн кэпсэтэр, төлөпүөнүн ыраастыыр, о.д.а.)
Ханнык чааска ордук көдьүүстээхтик үлэлииргин, хаһан сылайаргын кэтээн көрөн, ону туһан. Ким эрэ сарсыарда, ким эрэ киэһэлик үлэтэ-хамнаһа киирэр.
Үлэлии олорон, сылайан, аралдьыйан киирэн бардаххына, туран, наадаҕар сылдьан, чэй иһэн, сэрээккэлии түһэн, төбөҕүн “сайҕаан”, сынньана түс.
“Суох” диири сатыахтааххын, “ээҕи” кытта сылдьыма. Сорох үлэҕин дьоҥҥо оҥортор.
“Тайм-менеджмент” ньымалара
Бириэмэни көдьүүстээхтик туһанарга араас ньымалары айбыттара. Олортон сорохторо манныктар.
SMART
- Сыалгын кыра соруктарга арааран баран, SMART ньыманы туттуохха сөп. Сорук маннык ирдэбиллэргэ эппиэттиэхтээх:
- — чопчу (Specific),
- — кээмэйдэнэр (Measurable),
- — кыаллар (Attainable),
- — актуальнай (Relevant),
- — бириэмэтэ хааччахтаах (Time-based).
- Хас биирдии соругу ити ирдэбиллэргэ эппиэттиир курдук туруораҕын. Холобур: “2019 сыл муус устар ыйыгар диэри дьиэ өрөмүөнүн бүтэриэхтээхпин”.
«АБВГД-ейка»
Дьыалаҕын “А, Б, В, Г, Д» диэн суолтаҕа араараҕын. А – тыын суолталаах, маны бастакынан, хайаан да оҥоруохтааххын. Б – арыый кыра суолталаах, салгыы ити курдук баран иһэр. Г – бу дьыаланы атын дьоҥҥо оҥорторо биэриэххин сөп. Д – “долой!” диэн. Бу дьыаланы толорумуохха да сөп.
Эйзенхауэр матрицата
- Америка бэрэсидьиэнэ Дуайт Эйзенхауэр дьыалаларын 4 көрүҥҥэ араарара:
- Суһал, суолталаах – тута оҥоһуллуохтаах;
- Суолталаах, суһала суох – үлэлииргэ, дьыаланы быһаарарга саамай үчүгэй;
- Суһал, суолтата кыра – бириэмэни олус ылар, онон атын дьоҥҥо оҥортор;
- Суолтата кыра, суһала суох – сотон кэбис.
Түмүккэ
Киһи туох эрэ туһугар үлэлиир ээ. Сорохтор – хамнас туһугар, атыттар – дьыаланы олоххо киллэрэр туһугар. Оттон кыра да дьыаланы бүтэрэн баран, бэйэҕин бириэмийэлээтэххинэ, үлэҥ өссө таһаарыылаах буолуо. Ону тэҥэ, “бу дьыаланы толорботохпуна, нэдиэлэни быһа сакалааты сиэбэппин” диэн бэйэҕэр накаастабылы аныаххын сөп. “Кымньыы уонна бирээнньик” ньыматтан хайата эйиэхэ сөп түбэһэр?
Бу ньымалары туһанан, бириэмэҕин сөпкө аттарарга үөрэнэриҥ бэйэҕиттэн эрэ тутулуктаах.
Дьон санаата
Үгүһү ситиһэр дьон холобурдара
Николай Кривошапкин, “Үйэ” сурунаал эрэдээктэрэ:
— Оҕо эрдэхпиттэн бириэмэбин сөпкө аттарабын, эбээһинэс ылынарга үөрүйэхпин. Ким да сорудахтаабат, хонтуруоллаабат эрээри, нэдиэлэҕэ бачча матырыйаалы суруйуохтаахпын диэн сыал туруорунар этим. Ылыстым да бүтэриэхтээхпин диэн өйдөбүллээхпин.
Сурунаалы таһаарыы олус элбэх үлэлээх. Дьону кытта кэпсэтии, туруорсуу, хонтуруоллааһын… Биир күҥҥэ наһаа элбэх дьыала, эбээһинэс баар. Менеджер, литературнай эрэдээктэр, куруусчут, буҕаалтыр буолан ылыахпын сөп. Аҕыс аҥы эбээһинэһи сатаан үллэрэн, биир күҥҥэ барытын оҥороҕун, ол эрээри “приоритет” туруоруохха наада. Күммүн чааһынан аттаран кэбиһэбин. Нэдиэлэҕэ биир күнү анаан, биир сиргэ барыларын ыҥыран, дьону кытта көрсөбүн.
Былаанныыр тэтэрээтим – бастыҥ доҕорум, туох да солбуйбат. Күнүм онтон саҕаланар, уоппускаҕа да илдьэ сылдьабын. Чааһынан, пуунунан сурулла сылдьар. Эбиэккэ диэри төлөпүөнүнэн эрийиини, суруйсууну барытын бүтэрэн, күн иккис аҥаарыгар дьыалаларбын ситиһэбин, дьону кытары көрсөбүн.
Ким да миигин күһэйбэт, үлэм чааһын аахпат. Ол эрээри, мин графигым туоларыгар бэйэм, ааҕааччыларым иннилэригэр эппиэтинэстээх буоллаҕым. Урбаанньыт үлэтэ офис үлэһитинээҕэр өссө түбүктээх. Бастаан саҕалыырбар түүннэри-күнүстэри да үлэлиир күммүт баара.
Урут күнүс ситиспэтэхпин түүн оҥоро сатыыр этим. Билигин түүн 7,5 чаас хайаан да утуйабын, доруобуйабын көрүнэбин. Тус олохпор, дьиэ кэргэммэр болҕомтону бастакы күөҥҥэ тутабын. Өрөбүллэргэ биир күнү дьиэ кэргэммэр аныыбын. Күнүнэн барытын оҥорон, бүтэрэн иһэр көдьүүстээх.
Наталья Оконешникова, фудфотограф, блогер:
— Мин бириэмэбин бэйэм аттарынан үлэлиибин. Фрилансер буолан, күннээҕи графикпын бэйэм оҥостобун. Нэдиэлэҕэ иккитэ-үстэ кэмиэрчэскэй түһэриигэ үлэлиибин, ол аата эрэстэрээннэр, кафелар менюларын оҥоробут. Сурунаалбын, халандаары таһаарыыга, инстаграмҥа эмиэ үлэлиибин. Ол эрээри, бастатан туран, дьиэ кэргэним интэриэһин өрө тутан, оҕолорбор, кэргэммэр хайдах табыгастааҕынан көрөн, бириэмэбин аттарабын.
Нэдиэлэҕэ үстэн элбэх хаартыскаҕа түһэриини ылбаппын. Ити олус ыарахан, наһаа элбэх реквизит, иһит-хомуос туһаныллар. Аны кэлин хаартысканы тупсаран оҥорууга эмиэ элбэх бириэмэ барар. Өрөбүллэргэ хаартыскаҕа түһэрбэппин. Барытын ситиһэр туһуттан, “приоритеты” сөпкө туруора үөрэниэххэ, ону тэҥэ графигы тутуһуохха наада.