Билсиҥ, “Саһарҕа хоптото” куонкурус кыайыылаахтара!

12.07.2019
Бөлөххө киир:

Дьокуускайга буолбут, 400-тэн тахса эдэр муусукаан кыттыылаах “Саһарҕа хоптото”  норуоттар икки ардыларынааҕы I куонкурус түмүктэнэн, кыайыылаахтар ааттара билиннэ.


4 номинация — фортепиано, скрипка,  виолончель итиэннэ “Муусука-барыбытыгар” номинация дьүүллүүр сүбэлэрин бэрэссэдээтэллэрэ, Муусука аан дойдутааҕы Сэбиэтин вице-бэрэсидьиэнэ Шейла Вудворд бэлиэтээбиттэринэн, саамай сүрүнэ, бу бырайыак, оҕо барыта талааннааҕын, арай ону арыйыыга, сайыннарыыга хас биирдии оҕоҕо тустаах, ураты болҕомтолоох сыһыан ирдэнэрин көрдөрдө.

Ол курдук, холобур, икки сыллааҕыта 7 саастаах эдэркээн пианистка Аида Филиппова “Щелкунчик” эдэр мусукааннар норуоттар икки ардыларынааҕы ХVIII телевизионнай куонкурустарыгар дипломант буолары ситиспитэ. Кини “Муусука – барыбытыгар” бырайыакка 4 сааһыттан кыттар.

“Бүгүн муусуканан дьарыктанар биһиги оҕолорбут киһи быһыытынан буһаллар-хаталлар, санаалара бөҕөргүүр, күүһүрэр, онон, кинилэр инникилээх, кэрэ  кэскиллээх буолуохтара диэн эрэнэбин”, — диир кэнгириэс кыттыылаахтарыгар туһаайыы этиитигэр 5 сыллааҕыта Саха сиригэр “Муусука — барыбытыгар” бырайыагы көҕүлээбит,  тэрийбит, СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев.

“Саһарҕа хоптото”  норуоттар икки ардыларынааҕы I куонкуруска араас дойдулартан 7-тэн 21-гэр диэри саастаах эдэр муусукааннар, үөһээ эппиппит курдук,  фортепиано, скрипка, виолончель уонна “Муусука — барыбытыгар” — 4 номинациянан, 5 бөлөҕүнэн күөн-күрэстэстилэр.

Быйыл төрүттэммитэ 25 сылын бэлиэтиир В.А.Босиков аатынан Муусука үрдүкү осуолатын иһинэн үлэлиир  “Муусука — барыбытыгар” бырайыак киинин салайааччыта Ольга Харайбатова эрдэттэн иһитиннэрбитинэн, бу куонкурус уратытынан – манна идэтийбит муусукааннар эрэ буолбакка, “Муусука — барыбытыгар” диэн 4-с номинацияҕа, аата да этэ турарынан, сүрэхтэрин баҕатынан  муусуканан бэйэлэрэ дьарыктанар биирдиилээн оҕолор уонна кэлэктииптэр кыттыылара буолла. Чахчы даҕаны, талааннар норуокка бааллар, диэн түмүккэ өссө төгүл кэлэҕин. Ол курдук, холобур, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтиттэн 5 саастаах детсад иитиллээччитэ Лилия Нестерева,  иэйэн-куойан туран скрипкаҕа оонньоон, дьон сүрэҕин сүүйдэ.

Киниэхэ дьүүллүүр сүбэ анал бириис – бэйэтинээҕэр да улахан үчүгэйкээн сымнаҕас оонньууру бэлэхтээбитэ чахчы да олус долгутуулаах түгэн этэ… Оттон  бастакы ыалдьыттарбыт (биһиги ол туһунан суруйбуппут) – Соҕуруу Кэриэйэттэн кэлбит 20 киһилээх аркыастыр “Муусука — барыбытыгар” номинацияҕа кыттан, 3-с бириистээх миэстэни ылла. Бу – ураты кэлэктиип, манна доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолор аркыастырга оонньууллар. Кинилэр классиканы да, Кэриэйэ национальнай муусукатын да – сүргэлэрэ олус көтөҕүллэн, өрөйөн-чөрөйөн туран оонньуулларын сөҕө көрөҕүн.

Эмиэ Кэриэйэттэн кэлбит кырачаан ыалдьыппыт, эдэркээн виолончелист Юна Чо – II истиэпэннээх лауреат  аатын сүкпүтүн таһынан, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр муусукаан Дедюкиннар дьиэ кэргэттэриттэн – Таатта, Тээкэ удьуордарыттан анал бирииһи – бриллианнаах, үрүҥ көмүс харысхал бэлиэлээх Тойук-Кырыымпаны бэлэх тутта.

Куонкурус дьүүллүүр сүбэтин үлэтигэр аан дойдуга киэҥник биллэр муусукааннар, искусство диэйэтэллэрэ кыттыбыттара бу тэрээһин үрдүк таһымын туоһулуур. Ол курдук, манна Эмиэрикэттэн, Нидерландыттан, Корея Өрөспүүбүлүкэтиттэн, Японияттан тиийэ, уонна, биллэн турар, Москваттан, Санкт-Петербургтан, Саха сириттэн исписэлиистэр, ааттаах-суоллаах бэрэпиэссэрдэр, учуонайдар кытыннылар, онон, кыайыылаахтары быһаарыы саамай сөптөөхтүк, сиэрдээхтик ыытылынна диэх кэриҥнээхпит.

Эдэр муусукааннарга 3 күнү быһа маастар-кылаастар, айар  көрсүһүүлэр ыытылыннылар, Дьокуускай бэлиэ сирдэринэн экскурсиялар тэрилиннилэр. Конкурсаннар Хаҥалас улууһугар ыалдьыттаатылар, манна ырыа-муусука кэрэ бырааһынньыга тардылынна. Оҕолор Саха сирин талааннаах ыччаттарын, айар кэлэктииптэрин кэнсиэрдэрин дуоһуйа көрдүлэр-иһиттилэр, үрдүктүк сыаналаатылар.

Түмүккэ “Муусука — барыбытыгар: норуоттар икки ардыларынааҕы маастар-кылаастартан – норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурустарга” III кэнгириэс кыттыылаахтара туһааннаах Меморандум уонна эрэкэмэндээссийэ ылыннылар.

Кэлэр IV кэнгириэс уонна эдэр мусукааннар норуоттар икки ардыларынааҕы II “Саһарҕа хоптото” куонкурустара өрөспүүбүлүкэбитигэр үбүлүөйдээх 2022 сылга ыытыллара былааннанна.

Дьэ, уонна, “Саһарҕа хоптото” норуоттар икки ардыларынааҕы  I куонкурус лауреаттарын билиһиннэрэбит:

ФОРТЕПИАНО

Кыра саастаах оҕолорго

I бириэмийэ – Павел Куприянов (Дьокуускай, В.А.Босиков аатынан Муусука үрдүкү оскуолата (ВШМ), II –Аида Филиппова (М.Жирков аатынан ДьМК СПП), Виолетта Скрябина (Дьокуускай, ВШМ), III—София Сенина (Москва).

Орто бөлөххө

I бириэмийэ – Валерия Хабарова (Дьокуускай, ВШМ), II—Екатерина Шибаева (Санкт-Петербург), III –Арина Герасимова (Дьокуускай, ВШМ).

Улахаттар бөлөхтөрө

I бириэмийэ –Лидия Ефимович (Санкт-Петербург), III –Александр Тумусов, Альбина Федорова, Влада Яковлева (Дьокуускай, ВШМ).

 

СКРИПКА

Кыра саастаах оҕолорго

I бириэмийэ – Айсулуу Туркебаева (Дьокуускай, ВШМ), Лим Сурин (Кэриэйэ), II—Дамхюн Ким (Кэриэйэ), Василисса Сенина (Москва), III—Ксения Михайлова, Сайаана Куприянова (Дьокуускай, ВШМ).

Орто бөлөххө

I бириэмийэ—Хенсо Ян (Кэриэйэ), Дарья Шахурдина (Дьокуускай, ВШМ), II – Алина Ефремова (Дьокуускай, ВШМ).

ВИОЛОНЧЕЛЬ 

 

Кыра саастаах оҕолорго

I бириэмийэ – Айсен Захаров (Дьокуускай, ВШМ), II—Юна Чо (Кэриэйэ), III—Айталина Слепцова (Дьокуускай, ВШМ).

Орто бөлөххө

I бириэмийэ – Даниил Никонов (Москва), III –- Бьюн-Юн Лим (Кэриэйэ).

 Улахаттар бөлөхтөрө

I бириэмийэ – Вячеслав Захаров (Дьокуускай, ВШМ), II—Йеин Сим (Кэриэйэ), III—Айыллаан Саввинов (Дьокуускай, ВШМ).

Маны таһынан, бары көрүҥнэргэ, бары бөлөхтөргө дипломаннар быһаарылыннылар.

“Саһарҕа хоптотун” күндү ыалдьыта

 Валера Кузакову билигин Саха сирин олохтоохторо бары кэриэтэ билэллэр. Кини Киин тэлэбиидэнньэ I ханаалын “Голос.Дети” быйылгы куонкуруһун кыайыылааҕа. Хайдах курдук биһиги киниэхэ “ыалдьыбыппытый”?! Куоластаабыппытый?! Кини “Как молоды мы были” ырыаны чаҕылхай толоруутун, ама, ким умнуой?! Валераны аатырбыт Любовь Казарновская дьарыктаабытын эмиэ билэбит.

Дьокуускайга төрөөбүт уолчаан, куонкурус кэмигэр биир интервьютугар, Саха сирин көрөр ыра санаалааҕын туһунан этэн аһарбыта. “Саһарҕа хоптото” эдэр муусукааннар норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурустарын тэрийээччилэр, хата, ону иилэ хабан ылан, куонкурус үөрүүлээх аһыллыытыгар ыҥырбыттар, эдэр талаан баҕа санаатын толорбуттар. Онон, көрөөччүлэр, куонкурус кыттыылаахтара бу чаҕылхай куоластаах (академическай вокал) Валера Кузаков толоруутун истэн олус астыннылар.

Валера Дьокуускайга ийэтинээн, алҕаһаабатах буоллахпына, Өлүөхүмэттэн төрүттээх  Натальялыын кэлэ сырыттылар.

Ырыаһыт уол “Вдоль по Питерской…” тардан кэбиспитин норуот дохсун ытыс тыаһынан көрүстэ.

Биһиги биир дойдулаахпытыгар, айылҕаттан айдарыылаах Валера Кузаковка талаанын өссө сайыннаран, төрөөбүт Сахатын сирин,  киэҥ Арассыыйаны  дьоһуннаахтык ааттата туруоҕар, ырыа ускуустубатыгар саҥаттан-саҥа дабааннары дабайан, кыайан-хотон иһиэҕэр  баҕарабыт!

Дьон санаата

Шейла Вудворд (АХШ), Муусука Аан дойдутааҕы сэбиэтин вице-бэрэсидьиэнэ, “Саһарҕа хоптото” норуоттар икки ардыларынааҕы мусукаалынай куонкурус дьүүллүүр сүбэтин бэрэссэдээтэлэ:

—Оҕо муусукаҕа оскуола инниттэн сыстара ордук. Онуоха, классиканы сэргэ, бастатан туран, этническэй муусукаҕытын умнумаҥ. Оҕоҕо ийэтиттэн бэриллэр муусукалыын ситим хаһан даҕаны быстыа суохтаах.  Арҕааҥҥы классиканы үөрэтии – бу муусука иккис тыла. Бастакы – хаһан баҕарар төрүт муусука. Мин Саха сирин оҕолоро норуодунай инструменнарга оонньуулларын итиэннэ норуот ырыаларын толорууларын олус сөбүлүү иһиттим. Эһиги бэйэҕит тылгытын, култуураҕытын, муусукаҕытын харыстаан илдьэ сылдьаргытын ытыктыы көрөбүн. Айыҥ-тутуҥ, муусуканы таптааҥ!

Владимир СУСЛОВ, Н.А.Римскэй-Корсаков аатынан Санкт-Петербурдааҕы консерватория Орто анал муусукаалынай оскуолатын фортепианоҕа салаатын сэбиэдиссэйэ, фортепианоҕа дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ:

—Куонкуруска киирбит үлэлэри сыаналыырга биир даҕаны мөккүөрдээх түгэн үөскээбэтэ. Тэрээһин олус үчүгэй.  Оҕолор оонньуулара бэртээхэй өйдөбүлү хаалларда. Арай биири бэлиэтиэм этэ – инструмент таһыма ситэтэ суох. Маннык балаһыанньа, хомойуох иһин, ханна баҕарар баар. Атына барыта табылынна.

“Муусука —барыбытыгар” бырайыак дьикти үтүө түмүктэри биэрэр. Эһиги саҥа кэм киһитэ лиичинэс быһыытынан сайдыытыгар сүҥкэн кылааккытын киллэрэҕит.  Арассыыйа атын эрэгийиэннэринээҕэр инникилээн иһэҕит. Ситиһиллибитинэн тохтоон хаалбакка, бу ураты бырайыаккытын салгыы сайыннара туруҥ!

Татьяна МАРКОВА.

Хаартыскаларга: куонкурус  I степеннээх лауреттара – Павел Куприянов (фортепиано, В.А.Босиков аатынан Муусука үрдүкү окуолата), Даниил Никонов (виолончель,  Москва к.), саамай кырачаан кыттааччы, Майатааҕы “Кэнчээри” оҕо саадын иитиллээччитэ 5 саастаах Лилия Нестерева (“Муусука — барыбытыгар” номинация),  Дедюкиннар – Тээкэ удьуордара анал бириистэрин туттардылар, II степеннээх лауреат Дамхюн Ким (скрипка, Кэриэйэ Өрөспүүбүлүкэтэ). Уонна талааннаах биир дойдулаахпыт Валерий Кузаков ийэтинээн Дьокуускайга, Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырыгар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0