Билсиҥ — Өлүөхүмэ улууһун саҥа баһылыга Николай Харбин

23.09.2019
Бөлөххө киир:

           Соторутааҕыта Өлүөхүмэ улууһун дьоно-сэргэтэ бэйэтэ туруоруммут Николай Харбины аҕа баһылыгынан талбыттара. Быыбар түмүгүнэн Николай Николаевич 3 275 куолаһы ылан (ол эбэтэр быыбарга кыттыбыт дьон 36,55%-на), кыайыыны ситиспитэ. Иккис буолбут Эдуард Кондратьевы кини 144 куолаһынан баһыйбыта.

Юлий Цезарь курдук, бэйэтин кыаҕыгар эрэнэн, “Кэллим, көрдүм, кыайдым” дэнэрдии, кимтэн кииннээх, хантан хааннаах уол оҕото кыайбытын билиэххин баҕарар буоллаххына салгыы аах.

Киэҥ эйгэҕэ биллибэтэх, олоҕун тухары наукаҕа үлэлээбит 43 саастаах Николай Харбин кыайыытын соһуччу диэн билиннилэр.

Саҥа талыллыбыт баһылык төрүттэрин, судургута суох дьылҕатын, научнай үлэтин, быыбар түмүктэрин уонна Өлүөхүмэни сайыннарар соруктарын туһунан ааҕыҥ.

Кимтэн кииннээх, хантан хааннаах…

— Николай Николаевич, соһуччу кыайбыт баһылык кимтэн кииннээҕин, хантан хааннааҕын билиэн баҕалаах элбэх буолуо дии саныыбын.

— Мин Өлүөхүмэ Төгөөнүттэн төрүттээхпин. Аҕам Төгөөнтөөн силистээх, ийэм Кыыллаахтан сыдьааннаах. Аҕам биирдээхпэр, ийэм 5 саастаахпар суох буолбуттара. Оҕо сааһым Бердинкаҕа, Киин Абаҕаҕа, I Абаҕаҕа ааспыта. Оскуоланы Токко интэринээтигэр олорон бүтэрбитим. Миигин эһээм уонна эбээм ииппиттэрэ.

— Үгүс дьон эн араспаанньаҕын муодаргыыр.

— Быыбар кэмигэр арааһы тарҕаппыттара. Аҕыйах ахсааннаах норуот бэрэстэбиитэлэ да буолбутум, онтон букатын даҕаны кытай аатырбытым. “Балтараа миллиард нэһилиэнньэлээх дойду өйүүр киһитэ”, — диэбиттэрэ (күлэр).

Дьиҥэр, Харбиннар — Төгөөн төрүт олохтоохторо. Кырдьаҕастар кэпсииллэринэн, араспаанньабыт «хаар” диэн тылтан үөскээбит. Иккис сабаҕалааһын – “харбыалыыр, харбыыр” диэн тылтан. Мин хос эһээм бииргэ төрөөбүттэр элбэхтэр үһү. “Кытаанах майгылаах дьон этилэр” диэн кэпсииллэр. XIX үйэ бүтүүтэ – ХХ үйэ саҕаланыыта үөскээн, сахаҕа биллэр-көстөр дьон олорон ааспыт.

— Тулаайах буолаҥҥын, олоҕу эрдэттэн биллэҕиҥ буолуо…

— “Олоҕум чэпчэки этэ”, — диир кыаҕым суох эрээри, сэбиэскэй былаас баар буолан, киһи хара буолбутум. Оҕо уһуйаана, интэринээт, оскуола личность быһыытынан сайдарбар сабыдыаллаабыттара. Ол курдук, Киин Абаҕа оҕо уһуйааныгар өр сылдьааччы мин этим. Эһээм суоппар буолан, сарсыарда эрдэ үлэлии барара, онон нэдиэлэ маҥнайгы күнүгэр миигин бастакынан аҕалара уонна субуотаҕа бүтэһигинэн ылара.

Оҕо сааспыттан өйдөөн хаалбыт умнуллубат түгэним: үс-түөрт саастаахпар сааскы ыһыыга күтүөтүм илдьэ барара. “К-700” тыраахтарынан сири хорутара, мин кини оҕолорун кытта, балтыларбыныын, күнү быһа олорсо сылдьааччыбыт. Күтүөтүм киэһэ хойукка диэри үлэлиирэ. Кабината киэҥ буолан, сылайдахпытына утуйан ыларбыт. Саха сирин Украинатынан аатырар Өлүөхүмэ бурдуктаах бааһыналарын бу баардыы өйдүүбүн… Миигиттэн үрдүк этилэр, онно киирдэхпинэ мунарым. Аҕам бииргэ төрөөбүт бырааттара бары тырахтарыыстар, комбайнердар этилэр. Онон ыһыы, хомуур үлэлэрин кыра эрдэхпиттэн билэ улааппытым.

Олох оскуолата

— Суоттаан көрдөххө, оскуолатааҕы сылларыҥ 80-с, 90-с сылларга ааспыт эбитОскуолаҕа хайдах үөрэммиккиний?

— Токкоҕо интэринээккэ тоҕус сыл олорон, оскуоланы бүтэрбитим. Манна “олох оскуолатын” ааспытым. Ол барыта кэлин олохпор олуһун көмөлөспүтэ: дьону кытта алтыһарга, уопсай тылы буларга.

Интэринээт улахан этэ – маҥнайгы кылаастартан саҕалаан, онуска үөрэнэр оҕолорго тиийэ бары бииргэ иллээхтик, биир дьиэ кэргэн оҕолоро курдук олорорбут. Ыарахаттар да баар этилэр, ол эрээри бары тутуһан сылдьарбыт, бэйэ-бэйэбитин көрөр-истэр этибит. Убайдыы-быраат, эдьиийдии-балыс сыһыана олус күүстээҕэ.

— Сэрэйдэххэ учууталлар, иитээччилэр эн олоххор сабадыаллара улахан буолуо?

– Кинилэри наһаа истиҥник саныыбын. Идэлэригэр бэриниилээх дьон этилэр. Үһүс кылааска үөрэнэ сылдьан, бэһис кылаас математикаҕа сорудахтарын суоттуурум. Биирдэ Римма Петровна Мыреева диэн нуучча тылын учуутала ыҥыран ылан: “Эн вундеркинд оҕолор тустарын истибитиҥ дуо?” — диэн ыйыппыта. Ону мин бастаан, хайдах эрэ, өһүргэнэ истибитим, тулайаах буоламмын быһыылаах, миэхэ ураты сыһыаны сөбүлээбэт этим. Онтон кини: «Эн үөрэххэр кытаат, дьоҕурдааххын, бэйэҕин бэйэҥ киһи гыныахтааххын”, — диэбитигэр, олус диэн соһуйбутум, маннык ытыктабыллаах улахан киһи мин туспар кыһанарын билэн үөрбүтүм. Кини эппит тыллара өйбөр хатанан хаалбыттара. Ол онтон ыла үөрэхпэр сыһыаным уларыйбыта, кыһаллар буолбутум. Онон мин киниэхэ махталын муҥура суох.

— Эйигин спорт эйгэтигэр ситиһиилэрдээх диэн истибитим…

— Чэпчэки атлетика тириэньэрэ Иннокентий Гаврильевич Яковлев миигин спорка уһуйбута. Кини саамай мэник оҕолору талан ылара. Наар миигин ыҥыран эрчийэрэ. Кэлин тустуунан дьарыктаммытым. Киһиргээбэккэ эттэххэ, уон биирис кылааска үөрэнэ сылдьан, оҕолорго улууска бастыырым, улахан дьоҥҥо Абаҕа ыһыаҕар хапсаҕайга кыайан турардаахпын.

90-с сылларга кэлэр-барар күчүмэҕэйдэрдээх буолбута, үксүн төрөппүттэрдээх оҕолор күрэхтэһэ барааччылар. Биирдэ Дьокуускайга “Эрэл” диэн спортивнай оонньууларга хапсаҕайга 70 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа иккис буолбутум. Кэлиэм иннинэ, саатар, дарыкка сылдьан, тарбахпын тоһутан кэбиспитим. Барар баҕа баһаам буолан, кыттар быраабы ылаары, бырааска көрдөрөргө гиипсэбин устан киирбитим уонна көҥүл ылбытым. Ыйааһыммар кыттааччы балай да элбэҕэ. Бастыахпын да сөп этэ да, үстэ атахха киирэн баран, кыайан туһамматаҕым. Уопутум суоҕа да таайдаҕа.

Үһүс кылааска сырыттахпына, оҕолор саахыматтыырга үөрэппиттэрэ. Кыратык эрчиллээт, оройуон күрэхтэһиитигэр үһүс миэстэ буолбутум. Эмиэ бастыыр кыахтаах этим. Хоруолунан уонна ладьянан мат туруорбаккабын тэҥнэспитим. Очукуо аҥаарын сүтэрэммин, үһүс миэстэҕэ тэбиллэн хаалбытым. Ол кэнниттэн тириэньэрим Иннокентий Иннокентьевич Егомин дьаныһан туран дьарыктаан саҕалаабыта. Ол түмүгэр төрдүс кылааска ахсыс кылаас оҕолорун кыайарым. Алтыска тахсан баран, оскуолаҕа кимиэхэ да хотторбот буолбутум.

Үөрэҕи өрө тутан

— Оскуолаҕа хайдах үөрэмиккиний?

— Оскуоланы икки «түөртээх» бүтэрбитим: химияҕа уонна саха тылыгар. Кыра кылаастарга нуучча кылааһыгар үөрэммит буоламмын, саха тылын ыарырҕаппытым. Ол да буоллар, саха буоларым быһыытынан, суруйааччылар айымньыларын сөбүлээн ааҕарым. Бу ааспыт быыбарга Бүөтүр Тобуруокап “Уонна хаһан?” диэн хоһоонун үөрэппитим туһалаата.

Уонна хаһан олороору,
Уонна хаһан оҥороору,
Син иккистээн кэлбэккин,
Кэлин кэлэн ситэрбэккин,
Бу дойдуга эргийбэккин,
Этиһэн да тиллибэккин.

Бу хоһоон тыллара миэхэ күүс-уох эбэллэрэ, ыарахан кэмнэрбэр санаабын көтөҕөллөрө, кыайыыга дьулуурбун күүһүрдэллэрэ.

Оскуоланы бүтэрэн баран, үрдүк үөрэххэ киирэрбэр, дойдубар ытык иэспин төлүүр санаалаах этим. Анал миэстэ (целевой) миэстэ көрдөөбүппүн биэрбэтэхтэрэ, онон бэйэм өйбүнэн, дьоҕурбунан СГУ математикаҕа салаатыгар киирбитим. Куонкурус сүрдээх улахана. Эксээминнэрбэр үрдүк бааллары ыламмын, устудьуон буолар дьолломмутум. Дьиҥэр, тулаайахпынан чэпчэтиилээх этим да, барыларын кытта уопсай туттарсан киирбитим.

Сэргэлээххэ 18-с куорпуска олорбутум. Миэхэ, интэринээт “оскуолатын” ааспыт киһиэхэ, атыттарга холоотоххо, чэпчэки этэ.

Владимир Ларионов уһуйуутунан

— Чинчийэр үлэҕэ хайдах кэлбиккиний?

— Бэһис кууруска үөрэнэ сылдьан, өссө кыһын эрдэ, олунньуга, Хотугу сир физико-тиэхиньиичэскэй кыһалҕаларын үөрэтэр институкка үлэ кэпсэтэ бара сылдьыбытым. 90-с сылларга олох ыараан, хамнас кыра буолан, наукаттан элбэх киһи тэйбитэ. Ол иһин институт саҥа үлэһиттэргэ наадыйара. Тургутууну этэҥҥэ ааһаммын, Владимир Ларионов тэрийбит “Лаборатория сварки” диэҥҥэ лаборант быһыытынан үлэбин саҕалаабытым. Бу түгэҥҥэ син наадалаах киһи эбиппин диэн, испэр үөрбүтүм. Кыра эрдэхпиттэн чинчийиинэн дьарыктаныахпын баҕарар этим, онон ыра санаам туолбута. Быйыл 21 сыл буолбута — ханна да халбаҥнаабакка үлэлээбитим. Үлэм киниискэтигэр биир эрэ суруктаах этим.

— Үлэҕинэн Владимир Петровичтыын алтыспытыҥ элбэх буолуо дии?

— Мин дьылҕабар сабыдыаллаабыт өссө биир киһинэн академик Владимир Ларионов буолар. Кини  уһуйуутунан наукаҕа ылларбытым, умсугуйан туран дьарыктаммытым. Владимир Петрович киэҥ көрүүлээх киһи этэ. Кини мэлдьи: “Сахалар тиэхиньиичэскэй науканы баһылыахтаахтар”, — диирэ.

Наука эйгэтигэр саҥа хардыылыырбар Владимир Петрович, улахан уопуттаах киһи быһыытынан, сыыһаларбын-халтыларбын чопчу ыйан-кэрдэн биэрэрэ, сүбэлиирэ, этиилэрбин өйүүрэ. “Кыахтаах эбиккин, бэйэҥ көрүүлэргин сайыаннарыаххын наада, үлэлээ-хамнаа, айан-тутан ис”, — диэн эппитин, алгыс курдук ылынан, билим эйгэтигэр умсугуйан  үлэлээбитим.

Тыа сиригэр сылдьарбар, оҕолорго этэр этим: “Сахалар айылҕаҕа чугаспыт, тиэхиньиичэскэй хайысханан барыахха наада”, — диэн. Дьиҥэр, бу этиим икки өрүттээх курдук: тиэхиньиичэскэй сайдыы бардаҕына, айылҕа кээһэнэр, айгырыыр . Ол эрээри сайдыыны киһи кыайан тохтоппот. Ол иһин гаас, ньиэп барар ситимин ханан да тэстибэт гына оҥордохпутуна — ол буолар биһиги айылҕаны харыстааһыҥҥа үтүөбүт.

 “Бу киһи 20 сыл үлэлээн баран, саатар, көмүскэммэтэх даҕаны” диэн саҥалар иһиллэллэр…

— Араас санаа, тыл-өс баар. Мин итинтэн кыбыстыбаппын. 1998 сыллаахха үлэлии киирэрбэр, научнай үлэһиттэр үһүө эрэ этибит: Виктор Петров, Евгений Лукин уонна мин. Биһигиттэн Евгений эрэ көмүскэммитэ. Виктор “Комбинированное нагружение” диэн олус интэриэһинэй үлэлээх. Маннык тиэмэҕэ үлэ аан дойдуга соҕотох буолуо. Билигин көмүскэнэргэ ирдэбил уларыйан турар. Мин үлэбэр технология булгуччу ирдэнэр. Дьиҥэр, диссертациям бүтэн, бэлэм сытар диэхпин сөп.

Үлэм устатын тухары баһаам элбэх научнай кэмпириэнсийэлэргэ кыттыбытым, 40-тан тахса научнай ыстатыйалары суруйбутум. Ким интэриэһиргиир булан ааҕыан уонна бэйэтин санаатын этиэн сөп – бу киһи учуонай дуу, учуонай буолбатах дуу диэн.

Быыбаар, быыбар, быыбар

— Былырыын Ил Түмэн быыбарыгар кыттыбытыҥ. Куоластаабыт дьон 26%-нын ылаҥҥын, үһүс буолбутуҥ. Арсентий Николаев (35%) уонна Николай Ефимов-Владимиров (31%) инники күөҥҥэ тахсыбыттара. Кыранан хотторбутуҥ. Ол кэннэ туох санаа үөскээбитэй?

— Бэлиитикэҕэ барар санаа улахан суоҕа. Усутудьуоннуу сылдьан биир дойдулаахтарбар көмөлөһө сатыырым. Туох баар тэрээһиннэргэ күүс баарынан кыттыһарым, туох эмэ туһаны аҕалбыт киһи диэн санааттан. Хомойуох иһин, бас-көс дьоммут биһигини улаханнык аахайбатахтара. Дьокуускайга кэлбит биир дойдулаахтарбын кытта “Түмсүү” диэн тэрилтэни тэрийбиппит. Ол иһинэн куруусчуттар биригээдэлэрэ, такси сулууспата баара. Туймаада ыһыаҕар өлүөхүмэлэр түһүлгэлэрин оҥорбуппут, биир дойдулаахтарбытыгар араас хабааннаах күрэхтэһиилэри ыытарбыт, кыһалҕалаах дьоҥҥо (холобур, халаантан эмсэҕэлээбиттэргэ) көмөлөһөрбүт, о.д.а. Уопсастыбаннай үлэнэн дьарыктана сылдьан, норуот дьокутаатын эбээһинэһин толоро сылдьар эбиппин өйдөөбүтүм. Ол иһин бэйэм быыбарга хандьыдаатынан турарга быһаарыммытым.

26% диэн тус бэйэбэр үчүгэй көрдөрүү этэ, хоттордум диэн хомойботоҕум. Кыайыахтаах киһи кыайбыта. Арсентий Николаев  — улууска ытыктанар киһи. Кинини кытта көрсөн кэпсэттибит, төрөөбүт дойдубут сайдарыгар туох баар күүспүтүн, билиибитин холбоон, хорутуулаахтык үлэлиэхпит диэн биир санааҕа кэллибит. Былырыыҥҥы быыбарга дьон миэхэ итэҕэйэрин илэ харахпынан көрөн, быйыл киирсэргэ санаммытым.

Саха сирин Украината ааты төнүннэр сорук

— Баһылык буолан баран, бастакы соруктарыҥ ханныктарый?

— Өлүөхүмэ улууһугар туох баар боппуруос барыта бииргэ тиийэн иҥнэр – сылы эргиччи сырыы суоҕар. Холобура, тыа хаһаайыстыбата оҥорон таһаарбытын ханна эмэ илдьэн батарарыгар суол суоҕа атахтыыр. Көтөр ааллар түһэр сирдэрин оҥорторору ситиһиэм. Тоҕо диэтэргин, саас-күһүн эбэтэр уһун ардах кэнниттэн хаайтарыы саҕаланар. Сөмөлүөт түһэр балаһата бадараан буолар, туох да көппөт да, түспэт да үлүгэрэ аанныыр. Түмүгэр дьон наһаа эрэйдэнэр. Эбэни туорааһын. Аллараа Бэстээх-Дьокуускай икки ардыгар “Хивустар” сылдьаллар дии. Ол биһиэхэ тоҕо кыаллыа суоҕай? Кыаллыан сөп буоллаҕа.

Иккис сүрүн кыһалҕа — сибээс мөлтөҕө. Бүгүҥҥү күҥҥэ түргэн Интэриниэт ситимэ Өлүөхүмэ куоратыгар уонна арҕаа эрэ нэһилиэктэргэ баар. Атын улуустар “Госуслуги” сайт өҥөлөрүнэн толору туһанар эбит буоллахтарына, биһиэхэ ол билиҥҥитэ кыалла илик.

Улууска сир үлэтин сатыыр дьон, атахтарыгар турбут хаһаайыстыбалар син бааллар. Ол эрээри араас ирдэниллэр докумуону толорууга ыарырҕаталлар. Кинилэри итиннэ өйүөххэ, ону ааһан көмүскэһиэххэ наада. Холобура, биир нэһилиэккэ бурдук үүннэриитинэн дьарыктанар дьон баар. Кинилэр, этэргэ дылы, айахтарыгар эрэ үлэлииллэр. Улуус өттүттэн, итиэннэ тустаах министиэристибэ өйөөтөҕүнэ эрэ, бу дьон кыаҕыран, үлэ миэстэтин таһаарыахтарын сөп. Биирдэ тиийэн, көмө көрдөөбүттэригэр —  аккаастаабыттар. Онтон абаран, хантан да көрдөспөт буола сылдьаллар. Тыа үлэһит дьоно барахсаттар ааттаһары, албыннаһары сатаабаттар, оннук кэмэлдьини сөбүлээбэт көнө сүнньүлээхтэр. Ол иһин көрдөһөн бүттэхтэрэ ол. Дьэ, маннык дьоҥҥо көмөлөһүөх тустаахпыт. Урукку кэмҥэ Саха сирин Украината дэнэр ааппытым төнүннэрэр гына үлэлииргэ бэлэммин, туох баар билиибин, күүспүн-уохпун ууруом диэн эрэннэрэбин.

Ил Дархан алгыһа

— Ил Дархантан ааспыт быыбар түмүктэрин тустарынан туох санаалааҕын ыйыппыттарыгар, кини: “Өлүөхүмэҕэ мин биир идэлээҕим физик кыайда, онон фундаментальнай үөрэхтээх киһи куһаҕан салайааччы буолбатыгар эрэнэбин”, — диэн эппитэ.

— Айсен Николаев миэхэ холобур буолар. Саҥа көлүөнэ салайааччыларыттан биир чаҕылхайдара. Кини тобуллаҕас толкуйун, өркөн өйүн, элбэх тылы эппэккэ, үөскээбит кыһалҕаны дьыалатынан быһаарарын мин биһирии көрөбүн. Төһө даҕаны кылгас кэм иһигэр кэпсэттэрбит, элбэх боппуруоһу таарыйан ааспыппыт, уопсай тылы буллубут. Мин туруорсубут ыйытыыларбын барытын өйдөөтө, өйөөтө. Улуус сүрүн кыһалҕаларын үчүгэйдик билэр эбит. Үчүгэй кэпсэтии таҕыста. Быыбар иннинээҕи бырагыраамабын кини Ил Түмэн дьокутааттарыгар туһаайан этиилэригэр олоҕуран оҥорбутум. Айсен Сергеевич: “Саха сирин сайдыыта улуустартан тутулуктаах”, — диирин толору сөбүлэһэбин. Мин улууспар харахха быраҕыллар уларыйыылары киллэрдэхпинэ, дьон-сэргэ олоҕун тупсардахпына, ити барыта өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар сабыдыаллыыр буоллаҕа.

Николай Харбинныын кэпсэтэн бүтэн баран, номоххо киирбит Геракл алтыс хорсун быһыытын туһунан үһүйээни санаан кэллим. Биллэрин курдук, Греция номоҕун дьоруойа, күүстээх эрэ буолбакка, сытыы өйдөөҕө. Авгий ыраахтааҕы аттара турар сирдэригэр, өрүс салаатын ыытан, начаас ыраастаабыта. Ол курдук, Николай Харбин эт-хаан, майгы-сигили да өттүнэн сайдыылаах, билии-өй да баар киһитэ. Кини олох ньулуунун эрдэ билэн, олоххо тардыһыыта күүстээх, сүүрбэччэ сыл фундаментальнай наукаҕа үлэлээн, сайдыыны киллэрэр соруктаах, төрөөбүт дойдутун таптыыр буолан, туһаны эрэ аҕалар сыаллаах. Өлүөхүмэ дьоно-сэргэтэ сөптөөх быһаарыныыны ылынан, кинини улуус аҕа баһылыгынан таллахтара. Николай Харбин биир дойдулаахтарын итэҕэллэрин толоруо, улууһун сайдыы саҥа кэрдииһигэр хайаан да таһаарыа диэн эрэнэбит.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0