Тустуук Григорий Христофоров аата ааспыт үйэ 80-с сылларыгар дорҕоонноохтук иһиллэрэ. Намыһах уҥуохтаах, сырдык хааннаах, өрүү мичээрдии сылдьар сэмэй киһи көбүөргэ таҕыстаҕына суостаах утарсааччы этэ. Билигин санаатахха, ол кэмнээҕи тустуу саамай көстүүлээх, кэтэһэн турбакка олбу-сулбу бырахсыылаах, элбэх албастаһыылаах этэ.
Петр Павлов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Григорий чаҕылҕан курдук түргэн хамсаныыларынан утарсааччыларын өттүктээн, эбэтэр бэйэтин саннын нөҥүө салгынынан элээрдэн быраҕыылара спорду таптааччылар өйдөрүгэр-санааларыгар билигин даҕаны хатанан сырыттаҕа. Элэккэй майгылаах, мэлдьи күлэ-үөрэ сылдьар бөҕөс көрөөччүлэр биһирэбиллэринэн өрүү туһанара. Кылбар кыайыыларынан бэйэтин биир дойдулаахтарыгар, ыалдьааччыларыгар төһөлөөх үөрүүнү-көтүүнү, дуоһуйууну бэлэхтээбитэ буолуой?! Көрөөччүлэр тапталларыгар, сүгүрүйүүлэригэр кини ситиһиинэн хардарара.
Норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара Григорий Христофоров – РСФСР икки төгүллээх чөмпүйүөнэ, ССРС Кубогын, Сэбиэскэй Сойуус Сэбилэниилээх Күүстэрин (биэс төгүл), Доҕордуу аармыйалара спартакиадаларын (икки төгүл), Алжирга, Венгрияҕа, Белоруссияҕа ыытыллыбыт норуоттар икки ардыларынааҕы турнирдар кыайыылаахтара.
Дьэ, маннык ааттаах-суоллаах, Россия профтехүөрэхтээһиҥҥэ туйгуна, Өлөөн улууһун бочуоттаах гражданина, “Гражданскай килбиэн” бэлиэнэн наҕараадаламмыт Дьокуускайдааҕы 14 №-дээх профессиональнай-техническэй училище физкултуураҕа учуутала Григорий Николаевич Христофоров 60 сааһыгар анаан Тыа хаһаайыстыбатын судаарыстыбаннай академиятын спорка саалатыгар көҥүл тустууга уонна хапсаҕайга өрөспүүбүлүкэтээҕи турнир ыытылынна.
Күрэхтэһиини үөрүүлээхтик аһыыга Хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктар уонна Арктика дьыалаларыгар боппуруостарыгар СӨ Судаарыстыбаннай мунньаҕын бастайааннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Елена Голомарева – Григорий Николаевичка Ил Дархан кыһыл көмүс чаһыылаах грамотатын уонна Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин Махтал суругун дохсун ытыс тыаһыгар доҕуһуоллатан туттарда. Ити курдук, Үрдүкү спортивнай маастарыстыба оскуолатын дириэктэрин бастакы солбуйааччы Леонид Спиридонов СӨ Спорка министиэристибэтин эҕэрдэ суругун, СӨ эбээннэрин ассоциациятын бэрэсидьиэнэ Борис Николаев күндү таастартан оҥоһуллубут түөскэ анньыллар анал бэлиэни, Дьокуускайдааҕы промышленность техникумун дириэктэрэ Станислав Христофоров, Өлөөн улууһуттан кэлбит биир дойдулаахтара Иван Иванов, Айсен Семенов, Надежда Прокопьева – өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттардылар.
Үбүлүөйдээх тэрээһин тустуу күрэхтэһиитинэн салҕанна. Григорий Николаевич күннээн туста сылдьыбыт ыйааһыннарыгар – 50 уонна 55 киилэлэргэ түһүлгэ тэриллибитигэр, кыайыылаахтарынан Юрий Сивцев (Тыа хаһаайыстыбатын академиятын устудьуона) уонна уолаттарга Россия күрэхтэһиитин призера, Европа түһүлгэтин кыттыылааҕа Айсен Винокуров (Олимпийскай эрэл училищетын үөрэнээччитэ) буоллулар. Кинилэр уонна хапсаҕайга муҥутуур кыайыылааҕы быһаарар күрэхтэһии кыайыылааҕа Никита Валеев – Г.Н.Христофоров аатыттан сыаналаах бириистэринэн – сааларынан наҕараадаланнылар. Оттон иккис миэстэлэммит Константин Кузьмин (ОЭУ) уонна Роберт Оконешников (Чурапчы) 14-түү, үһүстээбит Айсен Никифоров (ОЭУ), Александр Жирков (педколледж) уонна Дьулус Неустроев (Чурапчы), Максим Заморщиков (ОЭУ) – 7-лии тыһ. солк. харчынан наҕараадаланнылар. Оттон хапсаҕайга Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун хамаандата (Олег Осипов) бастакы миэстэни ылла.
Петр ПАВЛОВ, “Саха сирэ”, edersaas.ru
Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.