Билитуйга, Ийэ дойду кыраныыссатын манабылыгар

Ааптар: 
10.09.2019
Бөлөххө киир:

Кэм-кэрдии, уу сүүрүгүн курдук, балысханнык да устар! Биһиги, 18 саастаах эдэркээн уолаттар, 1975 сыл сэтинньитигэр аармыйаҕа ыҥырыллан, Забайкальетааҕы байыаннай уокурук Билитуй ыстаансыйатыгар баар байыаннай чааһыгар сулууспалыы тиийбиппит.

edersaas.ru

Харантыыҥҥа хаастыы хаамыы

Бастаан ый курдук судургутук “учебка” дэнэр саллаат үөрэҕин бэлэмнэниитин ааспыппыт. Саха сириттэн 80-ча этибит. Үөһээ Бүлүү, Мэҥэ Хаҥалас, Ньурба улуустарын уолаттара элбэхтэрэ. Тиийээппитин кытта, хаһан даҕаны оттуллубатах, уу килэччи тоҥмут, тоҥ хаһаа дьиэҕэ тымныы уунан сууммуппутун, кэтэн кэлбит сабыс-саҥа таҥаспытын саллааттар үллэстэн барбыттарын, сууннара илдьибит сержаммыт: “Харчыгытын уонна чаһыларгытын киэһэ биэриэхпит,” — диэн албыннаан хомуйбутун, барыбытыгар араас кээмэйдээх байыаннай пуормалары биэрбиттэрин уонна погоннары, петлицалары тиктибиппитин бу баардыы өйдүүбүн. Онно Кытыл Дьураа уола Валентин Владимиров айаҕар уктан, 15 солкуобайы кистээбитинэн кэлин бирээнньик атыылаһан сиэбиппит.
Хамандыырбыт сержант Гореловтаах хаһыа да буоланнар, хаас хаамыытынан хаамтаран сордоон баран, булгунньаҕы дабата сүүрдүбүттэрэ, онтон сахалар уонна нууччалар диэн туһуннарбыттар. “Самбоҕа маҥнайгы разрядтаахпын”, — диэбит Зубов диэн уолу мин сонно атаҕар түһэммин кыайбытым, Эдик Григорьев, Саша Сорокин уонна Коля Баишев чөмпөйүөннээбиттэрэ. Уопсайынан, сахалар бары да сатаан тустарбытын, кыайыыга дьулуурдаахпытын, итиэннэ бэйэ-бэйэбитин кытары олус иллээхпитин, түмсүүлээхпитин онно үчүгэйдик көрдөрөн турабыт.

Ийэ дойду кыраныыссатын манабылыгар

Андаҕар биэрии кэнниттэн чаастарынан тарҕаспыппыт. Биһиги, харантыыҥҥа бииргэ сылдьыбыт уолаттар: Валентин Владимиров (Хаҥалас, Кытыл Дьураа), Эдик Григорьев, Паача Иванов (Ньурба), Анатолий Егоров, Степа Яковлев (Үөһээ Бүлүү), Коля Слепцов (Муома), Герасим Волков (Халыма), Дима Цыпандин (Мэҥэ Хаҥалас) уонна мин 67912-с №-дээх пехотнай батальон зенитнэй взводугар сулууспалаабыппыт.
Икки сыл устата пограничниктары кытары Кытай кыраныыссатын манаабыппыт. Маршевай чаастар кэлиэхтэригэр диэри, өстөөҕү утары сэриилэһэр соруктаах бөҕөргөтүнүүлээх оройуоҥҥа сулууспалаабыппыт. Сир анныгар оҥоһуллубут утуйар, аһыыр, олорор хаһаарымалардаах этибит, пулеметнай, тааҥкабай уонна зенитнэй туочукаларга кытайдары кэтиирбит. Хас бээтинсэ ахсын хамандыырбыт микрофонунан: “Приступить на охране и обороне государственной границы СССР”, — диэн хамаандалаатын кытары, аркыастыр маршы оонньуур тыаһынан доҕуһуоллатан, массыыналарга тиэллэн, биир нэдиэлэлээх дьуһуурустубаҕа барарбыт.
Биһиги, зенитчиктэр, зенитнэй туочукаҕа Кытай сөмөлүөттэрин маныырбыт, ДШК-бытын хас сарсыарда аайы туочукабыт турелыгар олордорбут уонна киэһэ хараҥарда даҕаны, турелтан устаммыт, окуопа устун сүгэн, хаһаарымаҕа аҕалан, кыры-кылбаччы ыраастаан баран туттарарбыт. Аттыбытыгар сэриилэһэргэ аналлаах үс этээстээх дзоттар уонна тааҥкабай туочукалар бааллара. Түрүбүөгэ биллэрилиннэр эрэ, олорго сүүрэрбит.
1976 сыл балаҕан ыйын 9 күнүгэр Кытай норуодунай өрөспүүбүлүкэтин бэрэссэдээтэлэ Мао Цзедун өлбүтүгэр, кытайдар саба түһүөхтэрэ эбэтэр провокация оҥоруохтара диэн, ол дзоттарга уонна тааҥкабай туочукаларга биир суукка устата харахпытын симпэккэ турбуппут. Туһугар дьиксиниилээх күннэр ааспыттара…

Хочуолунайтан куукуна чугас

Танкистар биһигини, “пехоталар” диэн, баттыы сатыыр үгэстээхтэрэ, бастакы сылбытыгар наар хочуолунайга үлэлэтэ сатыыллара. Славнай диэн сиргэ Ленскэйтэн тиийбит нуучча уола Василийы уонна саха Герасим Волковы нэдиэлэ устата хачыгаардаппыттара, онтон кинилэри солбуйтара биир уолу кытары миигин ыыппыттара. Мин оҕо эрдэхпиттэн аччыктыырбын төрүт сөбүлээбэппин, ол иһин ханна ас астанар да, онно сыстан барааччыбын. Били, хачыгаардыы тиийэн баран, бастакы күммэр аһаат да, куукунаҕа илии-атах буолбутум. Бэлэм үлэһит кэлбитин асчыт байыас сирбэтэх эбит этэ, кини хамандыырга туруорсан, үһүс күммүттэн, хата, асчыт көмөлөһөөччүтэ буолан хаалбытым. Онтон ыла Славнайга да, Нежнэйгэ да дьуһуурустубалыырбытыгар миигин асчытынан биитэр асчыт көмөлөһөөччүтүнэн аныыллара.

Эдэр саас ситимэ силлибэт

Оскуолаҕа үөрэнэр сылларбытыгар спорт араас көрүҥнэринэн дьарыктаммыт уонна тыа сирин хара үлэтигэр буһан-хатан улааппыт буоламмыт, саха уолаттара эт-хаан өттүнэн сайдыылаах, бэркэ кыанар ыччаттар этибит. Холобур, Эдик тустууга, боксаҕа, Паача боксаҕа, Анатолийдаах Степа гимнастикаҕа дьарыктаналлара, Валентин хайыһарга, чэпчэки атлетикаҕа кыахтааҕа, мин тустууга уонна сүүрүүгэ барсымахтаһарым, оттон сыал ытыытыгар бары күннүүрбүт. Эгэ, ырыаҕа-тойукка хаалсыахпыт дуо, Уус Алдан уола Юра Сивцев чаас аркыастырыгар оонньуура. Онон сотору кэминэн разрядтаах ыспарсымыаннар, кылаастаах исписэлиистэр, итиэннэ бойобуой уонна бэлэтиичэскэй бэлэмнэнии туйгуннара буолбуппут. Дьарыктартан иллэҥ буолларбыт эрэ, аармыйа кэнниттэн ким ханна үөрэнэ барыаҕын, туох үлэһит буолуоҕун, дойдубут туһунан кэпсэтэрбит, “Төһө да сыл аастын, төрүт сүтэрсиэхпит суоҕа, хайаан да билсэ-көрсө, көмөлөсүһэ туруохпут”, — дэһэрбит.
Эрчимнээх эдэр сааспытыгар аармыйаҕа сулууспалаабыт кэрэ кэмнэрбит биһигини, чахчы даҕаны, силлибэттик ситимнээбиттэрэ. Аармыйаттан кэлбит бастакы сылбар, ыһыах саҕана, мин Ньурба Антоновкатыгар Паача Ивановка ыалдьыттаабытым. Кыргыттары атаарыыга биир эрэттиин сотуһан ылбытым. СГУ бэлэмнэнии куурсугар Коля Сметанины, Олег Слепцовы кытары бииргэ үөрэммитим, кэлин Олегтыын тыа хаһаайыстыбатын факультетын бүтэрбиппит. Онно Муоматтан Коля Слепцов, Иркутскайтан Валентин Владимиров кэлэн иһэн таарыйан ааһаллара. Алтыс тааҥкабай ротаҕа сулууспалаабыт Мишка Соломонов ити сылларга тыа хаһаайыстыбатын техникумун салайар каадырдары бэлэмниир салаатын бүтэрбитэ. Устудьуоннуу сылдьан, Майаҕа Сеня Босиковка, Төҥүлүгэ Саша Сорокиҥҥа далбардаммытым. Рязаннааҕы сылгы институтун аспирантуратыгар үөрэнэ барарбар, Москваҕа төрүт сылдьа илик киһини, Москва таһынааҕы Дмитроваҕа үөрэнэр Анатолий Егоров аэропорка көрсөн, үөрэниэхтээх сирбэр тиэрдэн биэрбитэ. Олег Слепцов кыра истипиэндьийэлээх аспираҥҥа үбүнэн көмөлөһөн, үөрэнэрбэр тирэх буолбута. Маалыкай сылгытын чинчийэрбэр, кэлэ-бара Эдик Григорьевка түһэрим. Кэлин сылгыһыттар мунньахтарыгар Коля Баишевы көрсүбүтүм. Бу хойут, үс-түөрт сыллааҕыта, Сунтаар ыһыаҕар Гриша Борисовы көрсөн, астына кэпсэтэн турабын, Ленскэй оройуонугар боксаҕа тренердиир эбит. Быйыл саас Юрий Сивцеви көрүстүм.
Билитуйга сулууспалаабыт саллааттар хаһан ыҥырыллыбыппытыттан тутулуга суох билсэ турабыт. Гоша Игнатьевы, Коля Колодезниковы, Валентин Ефимовы, Валерий Сахатаевы, Степан Чирковы кытары саллааттаабыт эдэр сааспыт, үлэбит-хамнаспыт, олохпут-дьаһахпыт, о.д.а. туһунан бэркэ тапсан кэпсэтэбит. Хомойуох иһин, сорох уолаттарбыт хайдах дьылҕаламмыттарын билбэппит, кимнээх эрэ бу дойдуттан “барбыттара” ырааппыт буолан соһутар, хомотор…
Уолаттар, аҕамсыйбыт эһээлэр, өссө хаһан көрсөн эдэрбитин санатан, уруккубут курдук тустан, илии-атах оонньуутун тэрийэн, күүспүтүн-кыахпытын холоһобутуй? Кэлэр 2020 сылга Билитуйга сулууспалаабыппыт номнуо 45 сылын туолар эбээт! Ким билсиһиэн баҕарар миэхэ 89618694578 нүөмэргэ эрийиҥ.

Сунтаартан Борис Потапов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0