Билим бэстибээлигэр сырыттыҥ дуо?

Ааптар: 
11.10.2019
Бөлөххө киир:

“Билим (наука)” диэн тылы иһиттибит даҕаны, тоҕо эрэ “Учуонайдар эрэ ылсар, биһиги билбэт дьыалабыт” дэһээччилэр. Дьиҥэр, олус интэриэһинэй уонна хас биирдии киһини сэҥээрдэр. Саха сиригэр быйыл номнуо сэттис төгүлүн “Наука бэстибээлэ” ыытылла турар. Бырагыраамата олус киэҥ.


Бэстибээл сыллата дьон сэҥээриитин ылар. Тыһыынчанан киһи кэлэн билим улаҕата биллибэт уораҕайыгар умсар. Аҕа көлүөнэ билимҥэ сонуну, биллибэтэҕи-көстүбэтэҕи сэҥээрэр, улахан кылаас оҕолоро бэйэлэригэр сөптөөх идэни талалларыгар көмөлөһөр, кырачааннар наука алыптаах эйгэтигэр умсаллар. Барытын судургутук кэпсииллэр, көрдөрөллөр. Тэрийээччилэр — СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин үлэһиттэрэ, бэстибээли тэрилтэлэр уопсастыбаҕа отчуоттарынан ааттыахха сөп диэн бэлиэтииллэр.

Быйылгы тэрээһин икки түһүмэҕинэн барар. Бастакы түһүмэх алтынньы 8-18 күннэригэр үрдүк, орто анал үөрэх, билим, эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр  ыытыллыахтара. Иккис түһүмэх алтынньы 19-20 күннэригэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” устуоруйа пааркатыгар быыстапкалыыр былаһаакка тэриллиэҕэ. Бу былаһааккаларга үрдүк үөрэх уонна билим тэрилтэлэрэ кэлиҥҥи саҥа арыйыыларга ситиһиилэрин көрдөрүөхтэрэ, биллэр-көстөр учуонайдар лиэксийэлэри ааҕыахтара, о.д.а. араас киэҥ бырагырааманы бэлэмнээбиттэр.

Наука бэстибээлин өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагырааматын СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин саайтыттан https://minobrnauki.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3075984 билсиэххитин сөп.

Тэрээһиҥҥэ улаханыттан-кыратыттан тутулуга суох ким баҕарар сылдьыан сөп. Бэйэтигэр сөптөөх, интэриэһинэй тиэмэни хайаан даҕаны буолуоҕа. Биирдэ сылдьыбыт киһи эһиилигэр хайаан даҕаны өссө төгүл тиийэр.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0