Ил Дархан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэҕэ сибээс сайдарын туһунан ыйааҕын В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын кэлэктиибэ улаханнык биһириир.
— Быйыл күһүҥҥүттэн цифровизациянан инновационнай үөрэтиини сайыннарыыга ситимнээх үлэ ыытылынна. Оскуола бизнес инкубатор быһыытынан үлэтигэр “Айти-нано комплекс» хайысха киириитин кэлим сайдыы бырагыраамата үлэтин өрө көтөҕүллүүлээхтик саҕалаата. Маныаха үөрэх эйгэтигэр түргэн тэтимнээх интэриниэт туһата, көмөтө олус наадата өйдөнөр. Биһиги итинэн сибээстээн, дистанционнай үөрэтиини, сана инновационнай технологиялары киллэриэхпитин, күүскэ сайыннарыахпытын баҕарабыт. Аныгы дохсуннук сайдар олох ирдэбилинэн үөрэнээччи күннээҕи үөрэҕин сэргэ, араас дьарыктарга, күрэстэргэ, куонкурустарга, кэмпириэнсийэлэргэ кыттара элбээн иһэр. Ити тэрээһиннэргэ үгүс бириэмэни биэрэр буолла. Онуоха оҕо үөрэтэр бырагырааматын толору ситиһэн иһэригэр дистанционнай үөрэтии араас көрүҥнэрин туһаныы былааннаахтык тэриллиэхтээх. Интэриниэт ситимин нөҥүө, учуутал үөрэнээччигэ интэриэһинэн көрөн, чопчу олус наадалаах бырагыраамалары булан үлэлииригэр туһуламмыт былааннар оноһулуннулар. Оҕо үөрэҕэ тиһиктээхтик салҕана турарын хааччыйыы, оскуолаҕа үөрэтиллибити күннээҕинэн хатылааһын, дьиэтээҕи үлэни куоттарбакка ылыы, ону таһынан эбии сорудаҕы толоруу, билиини хаҥатыы дириҥник өтөн киириэхтээх. Дьэ, ити курдук биһиги өссө үөрэхпитигэр оскуолабыт эрэ иһинэн муҥурдаммакка, улууспут нэһилиэктэригэр баар бары оскуолаларга ИТ-компетенцияларга үөрэхтээһини тэрийэр улахан баҕалаахпыт, сыаллаахпыт-соруктаахпыт. Педагогическай кэлэктиип тэтимнээхтик сайдан иһэр олоххо билиитинэн-көрүүтүнэн, аныгы технологиялары баһылаабытынан, интэриниэти толору уонна сатабыллаахтык туһанарынан өрүү инники күөҥҥэ сылдьыахтаах. Ол чэрчитинэн, үлэтин утумнаахтык уонна харгыһа суох сайыннара турарыгар түргэн тэтимнээх интэриниэт көмөтүнэн эмиэ араас куурустары, видеокэмпириэнсийэлэри, вебинардары, о.д.а. тэрийэрбитин кэҥэтэр, өссө саҥалыы, сонун ньымалары эбэн биэрэн иһэр соруктаах ылсан үлэлэһэбит.
Быйыл, үөрэх сылын саҕаланыытыгар, саҥа технологиялар институттарын үлэһиттэрэ кэлэн учууталларга үөрэтии тэрийбиттэрэ салгыы сайдарбытыгар саҥа сүүрээннэри киллэрэллэрэ саарбаҕа суох.
Сардаана БАСНАЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru